group-telegram.com/BORBUEV/18240
Last Update:
Оҕолоох ыалга көмө харчы улаатар
2025 с. оҕолоох ыалга бэриллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи көмө харчы кээмэйэ улаатыа.
Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр биир кэмнээх төлөбүр:
1-кы зона – 60 780 солк.;
2-с зона – 50 910 солк.
Үһүс (уонна ол кэннэ төрөөбүт) оҕоҕо (3 сааһыгар диэри, 2023 с. диэри төрөөбүттэргэ) ый аайы көрүллэр босуобуйа:
1-кы зона – 30 390 солк.;
2-с зона – 25 455 солк.
Элбэх оҕолоох кыаммат ыал оҕолоро оскуолаҕа киирэллэригэр көрүллэр көмө:
4 534 солк.
“100 сыл оҕото” тус сыаллаах хапытаал:
116 756 солк.
Үһүс (уонна ол кэннэ) оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала:
316 200 солк.
17-гэр диэри саастаах оҕоҕо бэриллэр босуобуйа тииһинэн олоруу 50, 75 уонна 100%-нын саҕа кээмэйдээхтик аттарыллан бэриллэр:
1-кы зона – 15 195 солк., 22 792 солк., 30 390 солк.;
2-с зона – 12 727 солк., 19 091 солк., 25 455 солк.
Сиһилии: https://kyym.ru/sonunnar/olokh-jahakh/13147-o-olookh-yalga-k-m-kharchy-ulaatar
BY БОРБУЕВ
Share with your friend now:
group-telegram.com/BORBUEV/18240