"Фонда анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр тустаах үлэни ыытарга анаан оҥоһуллубута. Бу тэрилтэ байыаннай сулууспаттан бүппүт байыастарга, судаарыстыбаттан көмөҕө наадыйар дьоҥҥо өйүүргэ тустаах."
Фонда үлэтин иһигэ киирэр: социальнай боппуруостары быһаарыы, пособиялары, төлөбүрдэри оҥоруу, инвалидностька туруоруу, протезирование боппуруоһун быһаарыы. Маны тэҥэ ана байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр үлэни булуу - фонда сүрүн сыала-соруга буолар.
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Миноборона плеҥҥа түбэспит байыастар дьиэ кэргэттэригэр төлөнөр үп туһунан быһаарыыны түргэтитэрэ ирдэнэр."
#Путина
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Тыа хаһаайыстыбата - Россия экономикатын сүрүн салаата буолар. Россияҕа тыа хаһаайыстыбата үчүгэй тиэмпэлээхтик, сылга 3% сайдар."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар абитуриеннары сыһыарыа."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Доруобуйа харыстабылын маҥнайгы звенотугар каадыр сүрүн кыһалҕата турар. Аан бастакытын билигин биһиги кэнники сылларга доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр 17,5 тыһыынча исписэлиис эбиллиитин кэтиибит."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"2030 сылга Россия 90% медицинскэй эминэн, 40% медицинэ тэрилинэн бэйэни хааччыйыыга тиийиэхтээх."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Бары ирдэнэр эмтэргэ үп толору кэриҥинэн көрүллэр. Босхо эми ылыы кыһалҕата атыылаһааһыны (торгу) тэрийээһинтэн, кэмигэр быһаарыллыахтаах үлэттэн тутулуктаах. Босхо эмп нэһилиэнньэҕэ тиийэригэр тустаах үлэ барыта кэмигэр оҥоһуллуохтаах."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Баҕар кэлин уопсастыба бэйэтэ өйүнэн-санаатынан, баҕатынан тиийдэҕинэ бу быһаарыныыны ылыныахтара. Онтон билигин биһиги уопсастыбаны икки аҥыы араарар кыахтаах биир да хардыыны оҥоруо суохтаахпыт."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"2022 сыл олунньу ыйыгар ылыллыбыт быһаарыныыны эрдэ ылыахтаах этибит."
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Украина байыаннай сулууспата кэхтэн эрэр, онтон Россия армията иннин диэки барар".
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Путин
T.me/ValeriNikolaev.com
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дойду Президиэнэ Владимир Путин быһа биэриитин көрдүм. Президент биэриигэ 4 час 27 мүнүүтэ нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыыларга эппиэттээтэ.
Президент сүрүн этиилэрин улууспут олохтоохторугар анаан сахалыы тылбаастаан суруйа олорон, Владимир Путин этиилэрин сахалыы тыыннаан, сахалыы өйдөөн быдан чугастык ылынан иһиттим.
Дойдубут Президиэнэ чахчы Аан Дойду үрдүгэр саамай күүстээх, бастыҥ Лидер буоларын өссө төгүл көрдөрдө. Хас биирдии киирбит ыйытыыга ис сүрэҕиттэн аһаҕастык уонна дьоҥҥо тиийимтиэтик быһааран толору эппиэти дьоҥҥо биэрдэ.
Быйылгы биэриигэ сүрүн таарыллыбыт хайысха - анал байыаннай дьайыы буолла. Анал байыаннай дьайыы тиэмпэтэ, туруга, кыттыылаахтара кэпсэтиигэ элбэхтэ таарылыннылар. Ол курдук, Владимир Владимирович Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһаайыллыбыт бырагырааммаларга уонна волонтердар үлэлэригэр болҕомтотун уурда.
Маны сэргэ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо төрөөһүнүгэр Президент элбэхтэ тохтоото. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба бары өттүнэн көмөлөһүөхтээҕин бэлиэтээтэ.
Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин модун Россиябыт туһугар сыралаах үлэтин, ылынар сөптөөх быһаарыныыларын бары өйөөн, түмсүүлээх буоллахпытына бары хайысхаҕа кыайыылаах тахсыахпыт.
Маннык күүстээх Президиэннээх буоламмыт эйэлээх халлаан олохтоноро ырааҕа суох эбит диэн эрэл кыыма умайда.

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн Үөһээ Бүлүүгэ доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх салаатын исписэлиистэригэр 4 служебнай квартиралар күлүүстэрин туттардыбыт.
Быйыл "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын ыыппыт күрэҕэр кыттыбыт 10 сайаапкабытыттан 4-дэ кыайан, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Интернациональная уонна Школьная уулуссаларга улуус суотугар уопсайа 217,65 кв.м. иэннээх 4 квартираны ыларга 21 мөл. 291 тыһ. солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ.
Ол курдук, үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа квартиралар күлүүстэрин туттардыбыт:
Дьокуускай куораттан кэлбит Нестеревтар дьиэ кэргэҥҥэ - "Земский доктор" бырагыраамма кыттыылааҕар отоларинголог бырааска Лилия Борисовнаҕа уонна "Земский доктор" бырагыраамма кыттыылааҕар, стоматолог бырааска Павел Васильевичка;
Туобуйа нэһилиэгиттэн кэлбит доруобуйа харыстабылын үлэһитигэр Семенова Айыына Агитовнаҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр;
Икки оҕолоох Перовтар дьиэ кэргэҥҥэ - Чурапчыттан кэлбит Д.С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улууснай гимназия алын сүһүөх учууталыгар Анисия Петровнаҕа уонна Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит Д.С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улууснай гимназия үлэһитигэр Иван Александровичка;
Амма улууһуттан кэлбит өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическэй киин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын педагог-психологар Петрова Дайаана Николаевнаҕа.
Бу үөрүүлээх түгэммитин үллэстэ Дьокуускай куораттан "Мин Сахам Сирэ -ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров кэллэ уонна саҥа квартиралары ылбыт исписэлиистэри эҕэрдэлээтэ.
Инникитин да бу бырагырааммаҕа ситиһиилэхтик кыттаммыт, улууспутугар туһалаах уонна олус наадалаах исписэлиистэр кэлиилэрин көҕүлээн служебнай квартиралары ылыыны тиһигин быспакка салҕыахпыт диэн эрэллээхпит.
Бүгүн саҥа күлүүс тылын ылбыт исписэлиистэрбитин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна улууспут олохтоохторун уйгута тупсарыгар туһаламмыт үлэҕит ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабытын этэбит.
#СаҥаСүүрээн
#Сайдыы
#СлужебныеКвартиры
#ВерхневилюйскийУлус

Кэнтик нэһилиэгэр "Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта" диэн Российскай Федерация судаарыстыбынай бырагыраамматын чэрчитинэн саҥа фельдшерско-акушерскай пуун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Саҥа ФАП дьиэтэ уопсайа 110 квадраттаах иэннээх, аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах быйылгы сылга биһиги улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ буолар.
Саҥа ФАП дьиэтин күлүүһүн "Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров Кэнтик фельдшерыгар Ньургуйаана Егоровна Лебедкинаҕа туттарда.
Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун саҥа фельдшерскай акушерскай пуун арыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Чэгиэн чэбдик, уһун дьоллоох олохтоох буолуҥ!
Салгыы улууспутугар саҥа доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ элбииллэригэр, чуолаан саҥа медицинскэй үлэһиттэр кэлэллэригэр күүстээх үлэ ыытар былааннаахпыт.
#ФАП
#КомплексноеРазвитиеСельскихТерриторий