Telegram Group & Telegram Channel
#ОтчетГлавы2024

2024 сыл дьоһуннаах ситиһиилэринэн уонна саҥа ыҥырыыларынан бэлиэтэннэ. Аан дойдуга буола турар уларыйыылар уонна уустук социальнай-экономическай быһыыга-майгыга биһиги улууспут олохтоохторун олохторун-дьаһахтарын хаачыстыбатын тупсарыыга туһуламмыт тутаах соруктары олоххо киллэриигэ араас таһымнаах үлэ ыытылынна.

Социальнай инфраструктураны сайыннарыы биһиги үлэбит сүрүн сыала буолар.

Сыл устата улууспутугар 2 саҥа оскуола арылынна, Боотулууга уонна Сургуулукка. Маны тэҥэ Ороһу орто оскуолатын тутуутугар үп көрүллэн быйылгаттан сиэрдээх үлэ саҕаланна. Ороһу оскуолата 2025-2026 үөрэх сылыгар үөрэнээччилэргэ аанын тэличчи арыйарын кэтэһэбит. Нам нэһилиэгэр Анегина Ильина аатын сүгэр норуот айымньытын киинин тутуутун үлэтэ тиһигэр тиэрдиллэн, ахсынньы ый бүтүүтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Харбалаах, Кэнтик нэһилиэктэригэр асфальтынан бүрүллүбүт суоллаах уулуссулар арылыннылар. Маны сэргэ, Кэнтик нэһилиэгэр саҥа ФАП арылынна, Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Барахов аатынан култуура киинэ тутуута, ис-тас оҥоһуга түмүктүүр түһүмэххэ кэллэ.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үүтү тутуу, туттарыллыбыт үүтүү ааҕыы, учуоттааһын үлэтэ бэрэдэктэннэ, кормозаготовка бырагыраамматынан 10 тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга МТЗ трактордар ылыллан туттарылыннылар, саха ынахтарыгар анаммыт 50 төбөлөөх хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ. Маны сэргэ биирдиилээн үүт туттарааччыларга анаан улуус бюджетыттан лиитэрэ үүккэ эбии 15 солкуобай көрүллүбүтэ.

Доруобуйа харыстабылыгар биир улахан хардыыннан буолла оҕо поликлиникатын тутуутун саҕаланыыта.

Улууска эбии 6 муниципальнай баһаарынай быһыыр сулууспалар, Харбалаах, Туобуйа, Сургуулук, Ороһу, Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэригэр арылыннылар, уопсайа 36 үлэ штата арылынна. Манна эбии улууска спортинструктор штатын 7,5 ставканы эбэммит, уопсайа 10 нэһилиэккэ спортинструктор штата арылынна.

Бу курдук, ылыллыбыт тиэмпэни ыһыктыбакка, салгыы уууспут олохтоохторун уйгута тупсарыгар туһуламмыт үлэни ыытар сыалы-соругу туруорабыт.

#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ar/ValeriNikolaev.com

group-telegram.com/ValeriNikolaev/2360
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
group-telegram.com/ValeriNikolaev/2360

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Telegram has gained a reputation as the “secure” communications app in the post-Soviet states, but whenever you make choices about your digital security, it’s important to start by asking yourself, “What exactly am I securing? And who am I securing it from?” These questions should inform your decisions about whether you are using the right tool or platform for your digital security needs. Telegram is certainly not the most secure messaging app on the market right now. Its security model requires users to place a great deal of trust in Telegram’s ability to protect user data. For some users, this may be good enough for now. For others, it may be wiser to move to a different platform for certain kinds of high-risk communications. As the war in Ukraine rages, the messaging app Telegram has emerged as the go-to place for unfiltered live war updates for both Ukrainian refugees and increasingly isolated Russians alike. Telegram was co-founded by Pavel and Nikolai Durov, the brothers who had previously created VKontakte. VK is Russia’s equivalent of Facebook, a social network used for public and private messaging, audio and video sharing as well as online gaming. In January, SimpleWeb reported that VK was Russia’s fourth most-visited website, after Yandex, YouTube and Google’s Russian-language homepage. In 2016, Forbes’ Michael Solomon described Pavel Durov (pictured, below) as the “Mark Zuckerberg of Russia.” These entities are reportedly operating nine Telegram channels with more than five million subscribers to whom they were making recommendations on selected listed scrips. Such recommendations induced the investors to deal in the said scrips, thereby creating artificial volume and price rise. Anastasia Vlasova/Getty Images
from ar

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American