Telegram Group & Telegram Channel
#үбүлүөй

⭐️ Үтүөлээх быраас үтүө күнүн бэлиэтиибит

Норуоттар икки ардыларынааҕы Европа Академиятын "Золотая корона" уордьан кавалера, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, Үөһээ Бүлүү улууһун, Балаҕаннаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ Ахмед Романович Варфоломеев үбүлүөйдээх 85 сааһын бэлиэтиир уопсастыбаннас кыттыылаах үөрүүлээх тэрээһин улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар буолла.

Улуустааҕы киин балыыһа үлэһиттэрин "Сиккиэр" ырыа ансаамбыла балыыһа гиимнин ыллаан үөрүүлээх тэрээһини саҕалаатылар. Маргарита Анисимова салайааччылаах М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 8-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Ахмед Варфоломеев "Дьол хоһоонун" ааҕан иһитиннэрдилэр.

Улуус салалтатыттан, доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэриттэн, улуустааҕы киин балыыһа коллективыттан, нэһилиэктэр баһылыктарыттан, улуус тэрилтэлэрин салайааччыларыттан, үөрэппит оҕолоруттан Ахмед Романович туһунан этэр тыл эриэккэһэ, эйэҕэһэ этилиннэ.

Эҕэрдэ бастыҥын, маанытын, махтал истиҥин хомуйар күнүгэр кини киһи быһыытынан ураты майгытын, үлэлээн ааспыт чаҕылхай кэмнэрин бэрт истиҥник ахтан-санаан аастылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/uoheebuluu/28868
Create:
Last Update:

BY Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/28868

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

In the United States, Telegram's lower public profile has helped it mostly avoid high level scrutiny from Congress, but it has not gone unnoticed. NEWS Some privacy experts say Telegram is not secure enough The Dow Jones Industrial Average fell 230 points, or 0.7%. Meanwhile, the S&P 500 and the Nasdaq Composite dropped 1.3% and 2.2%, respectively. All three indexes began the day with gains before selling off. Asked about its stance on disinformation, Telegram spokesperson Remi Vaughn told AFP: "As noted by our CEO, the sheer volume of information being shared on channels makes it extremely difficult to verify, so it's important that users double-check what they read."
from ar

Telegram Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
FROM American