group-telegram.com/arhiv_nvk_sakha/1380
Last Update:
Сөрүө кистэлэҥнэрэ
Сөрүө диэн былыр даҕаны, билигин даҕаны улаханнык тарҕамматах, аҕыйах эрэ ыалга баар көбүөр. Ити төрүөтэ оҥоһуута уустугар, үлэтэ элбэҕэр, онтон сылтаан сыаната ыараханыгар сытар. Элбэх сыллар усталарыгар сөрүө өрүүтэ умнуллан, олох даҕаны сүтэ сылдьыбыта.
Сөрүөнү сүүһүнэн синньигэс ситиилэртэн өрөллөр. Ол ситиини сыгынньах сотоҕо эрийэн хаталлар. Ити олус ыарыылаах, киһи тириитин бааһырдар ньыма. Онон мээнэ киһи ылбычча дьарыктаммат.
Аааспыт үйэ 70-с сылларыгар Чурапчы Хадаарыттан төрүттээх Евдокия Пинигина биэнсийэҕэ тахсан эрэ баран, сөрүөнү өр сылларга өрбөккө сылдьан баран, өрөр буолбута.
Бу маннык сэдэх дьарык туһунан ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр Саха телевидениетын суруналыыһа Арсен Зверев, Чурапчыга тиийэн киинэ пленкатыгар устан, үйэтиппитэ. Итиннэ көстөрүнэн, Евдокия Семеновна төрөппүт кыыһа Акулина Кривошапкина баайан таһаарбыт оҥоһуктарын туһунан кэпсиир, кыргыттарыгар Марияҕа уонна Варвараҕа сөрүө кистэлэҥнэрин көрдөрөр, үөрэтэр.
@arhiv_nvk_sakha
BY Архив НВК САХА
Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260
Share with your friend now:
group-telegram.com/arhiv_nvk_sakha/1380