group-telegram.com/arhiv_nvk_sakha/1831
Last Update:
«Холбоһу» төрүттээбит, Ленины кытта илии тутуспут Кузьма Гаврилов 🚩
🚩Кини 1890 сыллаахха ахсынньы 1 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. 1920-с сылларга «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» түмсүүлэри төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
«Тыа оҕото» диэн псевдонимынан суруйааччы быһыытынан биллэр.
«Холбос» Респотребсоюhу төрүттээччи, экономист быһыытынан эмиэ сыаналанар. 1914 с. Саха сиригэр бастакы «Экономия» диэн эргиэн кооперативнай табаарыстыбатын тэрийбитэ. 4 сыл иhигэр табаарыстыба улуустарга 67 филиалламмыта. 1918 с ахсынньыга кооператордар I съездтэригэр «Холбос» потребкооперацияны тэрийбитэ уонна кэккэ сылларга салайбыта.
🚩1921 – 1926 сылларга Москваҕа Саха сирин представительствотыгар үлэлээбитэ. М.К.Аммосовы, И.Н.Бараховы, С.М.Аржаковы кытары автономияны ылыыга үлэлээбитэ. Михаил Калинины уонна Ленины кытары көрсүбүтэ. Кэлин Москваҕа баран «Союзпушнина», «Союззолотопродснаб» диэн тэрилтэлэргэ экономистаабыта.
📹Семен Ермолаев - Сиэн Өкөр устубут сюжета.
@arhiv_nvk_sakha суруттар
BY Архив НВК САХА
Share with your friend now:
group-telegram.com/arhiv_nvk_sakha/1831