Telegram Group & Telegram Channel
НВК САХА
🍽«Саха сирин амтана»: «Кабинет» рестораҥҥа «Хотугу дьүкээбил амтанын» амсайдылар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстэбээл чэрчитинэн «Кабинет» фри-фло рестораҥҥа гастрономическай тэрээһин буолан ааста. Ыҥырыылаах ыалдьыттарга шеф-повар Дмитрий Лунев уонна…
🌌👨🏼‍🍳«Саха сирин амтана» бэстибээлгэ «Хотугу дьүкээбил амтанын» сүрэхтээтилэр

Эбиэппит кэмэ бу тиийэн кэллэ, онон «Кабинет» фри-фло рестораҥҥа хайдах минньигэс аһы-үөлү астаабыттарын сиһилии билсиэххэ.

Ресторан шеф-повара Дмитрий Лунев уонна кини хамаандата ыалдьыттарга тоҕус бүлүүдэни оҥорон дьүүллүүр сүбэ сыанабылыгар таһаардылар.

Санатарбыт курдук, бүгүн «Саха сирин амтана» бэстибээл түмүктүүр күнэ. Бэстибээл түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ бастыҥтан-бастыҥнары талыа.

1. «Тайҕа өрүстэрин бэлэхтэрэ» — балыктаах сокууска

Чыыр уонна форель балыктан минньигэс амтаннаах чэпчэки сокууска.

2. «Байанай бэлэхтэрэ» — эттээх сокууска

Бэйэ бородууксуйатыттан деликатестар: убаһа этиттэн сервелат, дыргыл сыттаах хатарыллыбыт ынах этэ, тыллаах хаан, таба быарыттан отон амтаннаах паштет.

3. «Хотугу уот» — итии сокууска

Кустаах уонна хортуоскалаах ыһаарыламмыт умайа сылдьар вонтоннар, ону тэҥэ бу бүлүүдэҕэ кустан оҥоһуллубут соуһу биэрэллэр.

4. «Вишнялаах кус» — салат

Кус быарыттан вишня курдук дьүһүннээх-быһыылаах паштет уонна киһи айаҕыгар ууллан хаалар кус рулетыттан вишнялаах салат.

5. «Тайҕа дьантаара» — облепихаттан квас

Облепиха отонтон оҥоһуллубут сып-сымнаҕастык киирэр чэпчэки амтаннаах квас.

6. «Туймаада» — итии бүлүүдэ

Хортуоска пюрелаах минньигэс убаһа кэтилиэтэ. Эккэ аналлаах соуһу кытта сиэниллэр.

7. «Умайа сылдьар күн» — десерт

Сливочнай ликеры кытта сиэниллэр, төгүрүк быһыылаах, кыһыл көмүс күҥҥэ майгынныыр минньигэс аһылык.

8. «Өлүөнэ өлгөм булда» — бурдук ас

Чыырдаах уонна искэхтээх сып-сымнаҕас бөрүөк. Ону тэҥэ сахалыы лэппиэскэ.

9. «Ойуур иччитэ» — итии утах

Ол курдук, түмүккэ кедровай үүттэн оҥоһуллубут, дыргыл сыттаах, киһи этин-сиинин сылааһынан толорор итии чэй.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/nvk_sakha/56629
Create:
Last Update:

BY НВК САХА

Share with your friend now:
group-telegram.com/nvk_sakha/56629

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Now safely in France with his spouse and three of his children, Kliuchnikov scrolls through Telegram to learn about the devastation happening in his home country. Sebi said data, emails and other documents are being retrieved from the seized devices and detailed investigation is in progress. Founder Pavel Durov says tech is meant to set you free In 2014, Pavel Durov fled the country after allies of the Kremlin took control of the social networking site most know just as VK. Russia's intelligence agency had asked Durov to turn over the data of anti-Kremlin protesters. Durov refused to do so. The regulator said it has been undertaking several campaigns to educate the investors to be vigilant while taking investment decisions based on stock tips.
from br

Telegram НВК САХА
FROM American