Telegram Group & Telegram Channel
#отчуот

Хоро нэһилиэгэр култуура дьиэтэ тоҥон сабыллыбыт буолан, отчуот мунньаҕа спорт саалатыгар буолла. Нэһилиэк баһылыга Альберт Иванов бөлөх салайааччытынан Петр Поповка уонна улуус баһылыгар Валерий Николаевка нэһилиэк төрүттэммитин көрдөрөр "Улуу Хоро оҕонньор" өйдөбүнньүк бэлиэтин бэлэх уунна.

Ааспыт сыллааҕы отчуокка нэһилиэктэн 7 боппуруос киирбит эбит. Онно балыыһа боппуруоһа эмиэ турбут. Билиҥҥи туругунан 2027 сылга тутуута былааҥҥа киирэн турар диэн иһитиннэрдилэр.

Элбэх хайысхалаах култуура киинин тутуута бырайыактааһыҥҥа сорудаҕа кулун тутарга түмүктэммитэ, бырайыагын экспертизата бэрэбиэркэни этэҥҥэ ааспыт. 290 мөлүйүөн суумалаах эбийиэги тутуу уопсай үлэтиттэн 50% бүппүт диэн сыаналыахха сөп. Билигин үбүлээһин боппуруоһун быһаарар сорук турар.

Биэрэги бөҕөргөтүү үлэтигэр сыһыаннаан - сайаапка быһыытынан Экология министиэристибэтин кытта үлэлэһэр наада. Тута быһаарыллар судургу туруорсуу буолбатах.

Газтааһын үлэтин туһунан иһитиннэриини хоролор ытыс дохсун тыастаах иһиттилэр.

30-тахса сыл фермердээбит биэнсийэлээх Валерий Григорьев отчуоттуур бөлөхтөн бырабыыталыстыба олохтоох бэйэни салайыныы боппуруоһугар туох-ханнык көрүүлээҕин ыйытта. Итиэннэ тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах кыһарыйар ыйытыыларын биэрдэ. Хоро сиригэр агрохолдинг тэрийэргэ усулуобуйа барыта баарын бэлиэтээтэ. Маныаха Петр Попов үчүгэй салайааччы баар буоллаҕына атын улуустарга курдук сайдан тахсар кыахтаах үлэ. Күүскэ үлэлиэххэ эрэ наада.

Атыы-эргиэн, спорт бэтэрээнэ, олохтоох Сэбиэт депутата, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Илья Саввинов сыл ахсын тэриллэр отчуоту нэһилиэнньэ, чуолаан саастаах өттүлэрэ, эдэр ыччакка тыл-өс тириэрдэр сыаллаах олус кэтэһэллэрин, СӨ Бырабыыталыстыбата сөптөөх үлэни ыытарын, бэйэбит уолбут Айсен Николаев Ил Дарханынан үлэлиирин өйөөн, улуус олохтоохторо кини тула түмсэн, күүскэ өйүөхтээхпитин этиннэ. Ыстаабыккын эрэнимэ - ыйыстыбыккын эрэн диэн саха өһүн хоһоонун курдук, Бүлүү эбэни туоруур муоста тутуутун уонна күөх төлөн ситимин киллэриини ьүргэтэллэригэр баҕа санаатын этиннэ. Сыыппара солкуобайа үлэҕэ киирэрин туһунан информация барыта мөкү өттүнэн эрэ кэлэр курдук. Бу төһө оруннааҕын ыйытта.

СӨ экономикатын миниистирэ Петров маннык эппиэттээтэ:
- Судаарыстыба киллэрэр ньымата буолар. Национальнай харчы сыыппаранан көрүҥэ олоҕу чэпчэтэр, национальнай транзакцияны түргэтэтэр сыаллаах эбии киирэн биэрэр. Аан дойду таһымыгар куонкурустар таһымнаах буоларга сайдыы ирдэнэрин быһаарда. Сыаната кумааҕы солкуобайы кытта тэҥ буолар. Харчы умайбат. Кибер түөкүннээһинтэн харысхалы күүһүрдэр ирдэнэр. Сайдыы барыахтаах, саҥа, сонун ньыма үлэҕэ киирэн иһиэхтээх.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/BORBUEV/19263
Create:
Last Update:

BY БОРБУЕВ

Share with your friend now:
group-telegram.com/BORBUEV/19263

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

If you initiate a Secret Chat, however, then these communications are end-to-end encrypted and are tied to the device you are using. That means it’s less convenient to access them across multiple platforms, but you are at far less risk of snooping. Back in the day, Secret Chats received some praise from the EFF, but the fact that its standard system isn’t as secure earned it some criticism. If you’re looking for something that is considered more reliable by privacy advocates, then Signal is the EFF’s preferred platform, although that too is not without some caveats. Oleksandra Matviichuk, a Kyiv-based lawyer and head of the Center for Civil Liberties, called Durov’s position "very weak," and urged concrete improvements. One thing that Telegram now offers to all users is the ability to “disappear” messages or set remote deletion deadlines. That enables users to have much more control over how long people can access what you’re sending them. Given that Russian law enforcement officials are reportedly (via Insider) stopping people in the street and demanding to read their text messages, this could be vital to protect individuals from reprisals. He floated the idea of restricting the use of Telegram in Ukraine and Russia, a suggestion that was met with fierce opposition from users. Shortly after, Durov backed off the idea. Telegram users are able to send files of any type up to 2GB each and access them from any device, with no limit on cloud storage, which has made downloading files more popular on the platform.
from ca

Telegram БОРБУЕВ
FROM American