group-telegram.com/uamurusahargata/41665
Last Update:
Кэнники кэмҥэ настырыанньаҥ, дьэ, көтөҕүллэн, дьону кытта алтыһыах баҕаҥ батарбат. Ол эрээри, дьон ол туруккар сөп түбэһимиэн сөп. Онон эниэргийэҕин суолталаах дьыалаҕа аныырыҥ ордук.
Үлэ күнэ буолбатах, дууһаҕа - бырааһынньык. Өрөбүллэргин үчүгэйдик былааннаабыккын. Туохтан да матыма, санаабыккын оҥор, дуоһуй.
Нэдиэлэ устата мунньуллубут түбүккүн бүтэрэ иликкин. Ол иһин көргө-нарга кыттыһыаххын баҕарбаккын, ол эрээри чугас дьонуҥ иннигин ылыахтара. Баттыыр санааны киэр кыйдаа, доруобуйаҕын харыстаа.
Суорҕанын иһиттэн тахсыаххын баҕарбатаргын да, тураргар тиийэҕин. Күнү быһа киэһэтин бэйэҥ бэйэҕэр хааларгын баҕа санаа оҥостуоҥ. Саҥа үлэ нэдиэлэтигэр оҥороруҥ үгүс. Ол олус сэргэхситэр.
Тыын да ылбат күүрээннээх күн. Холкутаан, уоскуйан үлэлиэххин наада. Оччотугар эйигин кыйахыыр, суолтан туоратар туһунан ким да өйүгэр киириэ суоҕа. Балаһыанньаттан кыайыылаах тахсыаҥ.
Дьоллоох күнүҥ үүммүт. Эрдэтээҥи үлэҥ, түбүгүҥ иһин дьоһун наҕарааданы тутуоҥ, дьон да сыанабылын ылыаҥ. Бары эн тула көтөллөр, болҕомто киинэ оҥороллор.
Артыыстыыры сатыыр буолаҥҥын, дьон эйигин мэлдьи дьоллоох диэн көрөр. Дьиҥэр, эн даҕаны тургутуулары көрсөҕүн буоллаҕа. Бүгүҥҥү күнүҥ табыллыа. Бытархайга болҕомтоҕун уурума.
Күнүҥ улахан аҥаарын үлэҕэ атаарыаҥ. Ол эрээри, сынньанары умнума. Үтүөлээх үлэһит аатын ыларыҥ ыраах. Оттон доруобуйа – биир.
Дьыаланы кэлин көһөрөн баран, умнан кэбиһэр идэлээххин. Хаһан эмит ол ситтэриэ суоҕа, онон кыралаан көөрөтө сылдьарыҥ ордук. Атыттарга тэҥнээтэххэ, сынньалаҥ эйиэхэ чэпчэкитэ суох тиксэр.
Күүс, сэниэ бөҕөҕүн. Атыттардааҕар кыһамньылааххын. Онон күлүккэ хаалыаҥ суоҕа. Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын искэр толкуйдуу сырыт.
Сылайбытыҥ, илистибитиҥ бэрт. Аһара кичэйимэ, судургутук сырыт. Үлэҕин бүтэрэ охсон, сынньан.
Сылдьыбыт суолгунан сылдьа сатаама. Күн ахсын биирдик салаллар күҥҥүн-дьылгын уларытар кыахтааххын. Саҥаҕа ылсартан куттаныма. Онтон ылар санааҕыттан толору дьоллонуоҥ.