Telegram Group & Telegram Channel
Кэнтик нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинин хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ. Нэһилиэк 125 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин түмүк кэнсиэрдэ саҥардыллыбыт култуура киинигэр ыытылынна.

2022 сыллаахха өрөмүөнү оҥорууга "Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ" диэн федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн уопсайа 38 мөл солкуобай үбүлэммитэ.

Эбийиэк "Мин Сахам Сирэ - XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн 2016 сыллаахха тутуллан өрөспүүбүлүкэҕэ 1000-с тутууннан киирбитэ.

Кэлиҥҥи сылларга тутуу турбут сирэ ирэн, эбийиэк өрөмүөннэнэр туруктаммыта. Култуура киинин саҥардар сыалтан федеральнай бырагырааммаларга кыттан кыайан, үп-харчы булуллан 2024 сыл сайыныттан үлэ саҕаламмыта. Дьиэ көтөҕүллэн, акылаата уларыйан, Саха Сиригэр бастакытын тутуллан турар дьиэ анныгар свая түһэриллэн балысханнаах үлэ ыытылынна.

"Саҥардыллыбыт элбэх хайысхалаах култуура киинэ өр сылларга нэһилиэк олохтоохторун үөрүүтүгэр сулууспалаатын", - диэн бэйэтин баҕа санаатын "Мин Сахам Сирэ - XXI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров эттэ.

Күндү Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, дьоҕургут өссө арыллан, сайдан истин! Сылаас, сырдык аныгы тутуулаах саҥардыллыбыт култуура эбийиэгэ саҥа талааннар тахсалларыгар төһүү күүс буоллун!

#СовременныйОбликСельскихТерриторий
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/cn/ValeriNikolaev.com

group-telegram.com/ValeriNikolaev/2215
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
group-telegram.com/ValeriNikolaev/2215

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Following this, Sebi, in an order passed in January 2022, established that the administrators of a Telegram channel having a large subscriber base enticed the subscribers to act upon recommendations that were circulated by those administrators on the channel, leading to significant price and volume impact in various scrips. During the operations, Sebi officials seized various records and documents, including 34 mobile phones, six laptops, four desktops, four tablets, two hard drive disks and one pen drive from the custody of these persons. Recently, Durav wrote on his Telegram channel that users' right to privacy, in light of the war in Ukraine, is "sacred, now more than ever." But Kliuchnikov, the Ukranian now in France, said he will use Signal or WhatsApp for sensitive conversations, but questions around privacy on Telegram do not give him pause when it comes to sharing information about the war. "Markets were cheering this economic recovery and return to strong economic growth, but the cheers will turn to tears if the inflation outbreak pushes businesses and consumers to the brink of recession," he added.
from cn

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American