Telegram Group & Telegram Channel
🟫ОЙУУНУСКАЙ УОННА АММОСОВ

✴️Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар
таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов олохторун тухары доҕордоһуулара сэһэҥҥэ сылдьар. Бойобуой сорудаҕы толороору арахсалларыгар, Ойуунускай Аммосовка хаартыскатын бэлэхтиир уонна суруйар: «Доҕорум Максим! Биһиги доҕордоһуубут бу бэлиэтин сүтэрбэккэ илдьэ сырыт... Икки сыл устатыгар эн биһикки хайдах эйэлээхтик олорбуппутун, революция күннэригэр хайдах күүркэйэн күүскэ үлэлээбиппитин өйдүү-саныы сырыт. Эн Платонуҥ. 12.05.1917 с.».
Платон Ойуунускай уонна Максим Аммосов Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыттан билсэн, доҕордоһон барбыттара. Кинилэр терөөбүт норуоттарын дьолун иһин охсућааччылар, сана олоҕу тутааччылар буолан, бииргэ үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Ону кытта кинилэр бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөр дьон этилэр: олоххо көрүүлэрэ да, норуот духуобунай баайыгар сыһыаннара да барыта сөп түбэһэрэ.
В. Давыдова маннык ахтар:«Кинилэр куруук бииргэ сылдьаллара,биир ыалга, билиҥҥи Каландаришвили уулуссатыгар олорбуттара». Оттон Б.Б. Альпероич маннык кэпсиир: «Эдэрдэртэн Платон Алексеевич Максим Кировичтыын ырааҕынан ордук чорбойор дьон этилэр - ордук дириҥник, киэҥник ырыталларынан, лоп-бааччы, хомоҕойдук да кэпсииллэринэн. Салайааччыларбыт уонна үөрэнээччилэр бу икки табаарыстарбытын улаханнык ытыктыырбыт. Биһиги, эдэр дьон, кинилэри ордугургаан: «Хаарыаны, кинилэр таћымнарын ситиспит киһи!» - диэн ымсыырарбыт. Платон Алексеевич политическай даҕаны, уус-уран даҕаны литератураны бэркэ умсугуйан ааҕар, үөрэтэр быһыылааҕа, нууч-чалыы иҥнигэһэ суох, хомоҕойдук саҥарара. Литературнай тылга, уобарастаан этиигэ улахан дьоҕурдааҕа соччоттон ала-чуо көстөрө. Куруһуок кыттыылаахтара бары РСДРП кэккэтигэр ылыллыбыт кэммититтэн ыла араас общественнай-политическай сорудахтарга, эппиэттээх мунньахтарга үгүстүк сылдьарбыт. Сорохпут куорат үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, саллааттарын ортотугар, сорохпут улуустарга, нэһилиэктэргэ тахсан маассабай-агитационнай уонна тэрийэр үлэни ыытара, «Социал-демократ» диэн Саха сиригэр маҥнайгы большевистскай хаһыаты таһаарсан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыһарбыт. Маныаха ситићиилээхтик Платон уонна Максим сылдьыбыт буолаллар. Агитационнай, тэрийэр-салайар үлэҕэ кинилэр улахан талааннаахтара онно чахчы биллибитэ».
Ыарахан кэмнэригэр бэркэ өйөһөллер эбит. 1917 с. күһүнүгэр Ойуунускай үөрэнэ баран иһэн, «Якут» диэн Глотовтар борохуоттарыгар Киренскэйгэ туох баар таһаҕаһын, харчытын уордаран ылбыт, онуоха доҕоро Максим сүүрэн-көтөн үп хомуйан ыыппыт.
Максимныын үгүстүк суруйсууларыгар ыра санааларын үллэстэр эбиттэр. Ойуунускай эрдэттэн айар үлэҕэ тардыстар буолан, саха литературатын, но-руот айымньытын өлбет-сүппэт суолталарын туһунан санаатын доҕоругар суруйар. Максим доҕорун уус тылын сөҕөр, талааныгар эрдэттэн сүгүрүйэр эбит. Ол иһин айылҕа кэрэ хартыынатын көрөн баран, Максим маннык саҥа аллайбытын доҕотторо ахталлар: «Ок-сиэ, кэрэ да хартыына! Саамай сөптөөх тоҕооско көһүннэ ээ... - уонна, туохтан эрэ хомойбуттуу, өрө тыынна, - саха поэзиятыгар биир туйгун хоһоон айыллыаҕа дьэ бу таах хааллаҕа...» «Ол хайдах?» - Дора Жиркова, Максимы ситэри этитээри быһыылааҕа, өйдөөбөтөхтүү тутунна. «Платон манна суох диэн хомойобун. Куоракка кини оннугар мин хаалбытым буоллар...»
Аҕа табаарыстарбыт Саха сириттэн барбыттарын туһананнар, эсердэр, федералистар, меньшевиктар ону-маны оҥоруохтара диэн сэрэҥкэдийэн Платон Алексеевичтаах хаћыа да буоланнар, куоракка хаалбыттара. Максим ол иһин ити курдук эппитэ.
🔸Д.П. Лазарев ахтыыта: «Саха АССР автономиятын ылбыта 15 сыла туолбутун 1937 с. от ыйын саҥатыгар Дьокуускайга да уонна Москватааҕы да, Лнинградтааҕы землячестволарга да биир кэмҥэ киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Ол Москватааҕы бастакы улахан көрсүһүүгэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр представителлэрэ, Саха сирин Москваҕа, Ленинградка уо.д.а. куораттарга үөрэнэр устудьуоннара, урукку политсыылынайдар, Caxa сирин Mоскваҕа баар улэһиттэрэ уо.д.а. сылдьыбыттара. Бу улахан үөрүүлээх мунньахха Ем. Ярославскай, М.К. Аммосов уо.д.а.

group-telegram.com/oyuns/1086
Create:
Last Update:

BY Музей государственности РС (Я) им.П.А.Ойунского

Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260

Share with your friend now:
group-telegram.com/oyuns/1086

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The Dow Jones Industrial Average fell 230 points, or 0.7%. Meanwhile, the S&P 500 and the Nasdaq Composite dropped 1.3% and 2.2%, respectively. All three indexes began the day with gains before selling off. The regulator said it had received information that messages containing stock tips and other investment advice with respect to selected listed companies are being widely circulated through websites and social media platforms such as Telegram, Facebook, WhatsApp and Instagram. The fake Zelenskiy account reached 20,000 followers on Telegram before it was shut down, a remedial action that experts say is all too rare. Telegram has gained a reputation as the “secure” communications app in the post-Soviet states, but whenever you make choices about your digital security, it’s important to start by asking yourself, “What exactly am I securing? And who am I securing it from?” These questions should inform your decisions about whether you are using the right tool or platform for your digital security needs. Telegram is certainly not the most secure messaging app on the market right now. Its security model requires users to place a great deal of trust in Telegram’s ability to protect user data. For some users, this may be good enough for now. For others, it may be wiser to move to a different platform for certain kinds of high-risk communications. In the United States, Telegram's lower public profile has helped it mostly avoid high level scrutiny from Congress, but it has not gone unnoticed.
from cn

Telegram Музей государственности РС (Я) им.П.А.Ойунского
FROM American