group-telegram.com/arhiv_nvk_sakha/1858
Last Update:
Саха түҥ былыргы олоҕун чинчийбит Сэһэн Боло
Дмитрий Иванович Дьячковскай - Сэһэн Боло (08.11.1905—15.07.1948) — саха биллиилээх фольклору хомуйааччыта, кыраайы үөрэтээччитэ.
Сэһэн Боло саха былыргытын, номохтору, норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитэргэ кылгас буолан баран, чаҕылхай, бэрт эриирдээх-мускуурдаах олоҕун анаабыта.
Аччык аас-туор кэмҥэ, суол-иис, үчүгэй көлө да суоҕар Саха сирин хотунан, соҕуруунан, илининэн, арҕааннан, усталыы-туоралыы кэрийэн, 300-тэн лаппа тахса киһини ыйытан, тоокколоһон, 700-тэн элбэх уос номоҕун хомуйуу диэн улахан сыралаах үлэ, бэйэтин тус олоҕун толук ууран туран, тугу да кэрэйбэккэ, улуу өбүгэлэрбит ааттарын, олохторун үйэтитэр туһугар, араас моһоллору аастаҕа, сүдү билиини кэлэр кэнэҕэс ыччакка диэн анаан хааллардаҕа.
Ол суруктара-бичиктэрэ сүтэ-оһо, күл-көөбүл буолуохтарын иннинэ, бэчээттэнэн күн сирин көрүөхтээхтэр.
@arhiv_nvk_sakha суруттар
BY Архив НВК САХА
Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260
Share with your friend now:
group-telegram.com/arhiv_nvk_sakha/1858