Telegram Group & Telegram Channel
Норуот тыйаатыра – «Вива Италия» күрэх кыайыылааҕа!

Иван Семенов-Кулууп Уйбаан аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра өссө биир сүҥкэн ситиһии үктэлигэр үктэннэ!

Ол курдук, эдэр, айымньылаах режиссер Сайыына Константиновна Васильева салайааччылаах норуот тыйаатырын кэлэктиибэ СӨ үтүөлээх суруналыыһа, бэйиэт, суруйааччы Борис Иванович Павлов “Сюзанна” айымньытынан “Кэрэтэ суох олох туругурбат” диэн музыкальнай испиктээкилинэн Италияҕа ыытыллыбыт «Вива Италия» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы музыка уонна искусство конкурсугар бастакы миэстэни ылары ситистэ!

Бу өрөгөйдөөх ситиһии туһунан режиссер Сайыына Васильеваттан билиһиннэрэригэр көрдөстүбүт:

- “Кэрэтэ суох олох туругурбат” диэн экологическай темалаах музыкальнай испиктээкилгэ оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ барыта 80 олохтоох артыыстарбыт бэриниилээхтик, үлэлэрин-хамнастарын таһынан репетицияланан үрдүк таһымнаахтык оонньообуттара. Премьерабыт бу саас ыам ыйыгар ааптар Борис Павлов бэйэтинэн кэлэн кыттыылаах, олус үрдүк таһымҥа барбыта. Онтон бу «Вива Италия» диэн күрэххэ онлайн сайаапкабытын ыытан, кыттыыны ылбыппыт уонна бу күннэргэ, соһуччу үөрүөхпүт иһин, бастакы степеннээх лауреат буолбуппут туһунан үөрүүлээх сонуну тутан, кыайыы өрөгөйүн кытта салгыы айар-тутар, көрөөччүнү кэрэхсэтэр иэйии абылаҥар куустардыбыт. Бу конкурска араас саастаах артыыстар категорияларыгар (смешанная группа) «Бастыҥ музыкальнай туруоруу» диэн номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыстыбыт. Түгэнинэн туһанан, тыйаатырым коллективыгар, миигин өйүүр, өйдүүр, ис сүрэхтэрин ууран туран оонньуур күндү артыыстарбар, биир дьиэ кэргэн кэриэтэ буолбут дьоммор бу ситиһиибитинэн истиҥ эҕэрдэбин кытта дириҥ махталбын тиэрдэбин, - диэн санаатын үллэһиннэ.

Санатан эттэххэ, сэтинньигэ «Культурный код» IV норуоттар икки ардыларынааҕы театральнай айар күрэххэ биһиги норуодунай тыйаатырбыт кэлэктиибэ көрөөччүлэр киэҥ сэҥээриилээрин ылбыт «Көмүстээх үрүйэ» испиктээкилинэн кыттан, Гран-При үрдүк аатын ылары ситиспитэ. Бу кыайыынан сибээстээн, тыйаатыр коллективын ыҥыран. Санкт-Петербург куоракка бу испиктээкили туруорарга этии киирдэ.

Түмүккэ Иван Семенов аатынан норуот тыйаатырын кэлэктиибин өссө биир өрөгөйдөөх кыайыыларынан истиҥник эҕэрдэлээн туран, айар аартыктара кэҥии, көрөөччү кутун тута, абылыы туралларыгар баҕарыаҕыҥ!

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат

group-telegram.com/uoheebuluu/30238
Create:
Last Update:

BY Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/30238

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

"For Telegram, accountability has always been a problem, which is why it was so popular even before the full-scale war with far-right extremists and terrorists from all over the world," she told AFP from her safe house outside the Ukrainian capital. In view of this, the regulator has cautioned investors not to rely on such investment tips / advice received through social media platforms. It has also said investors should exercise utmost caution while taking investment decisions while dealing in the securities market. Multiple pro-Kremlin media figures circulated the post's false claims, including prominent Russian journalist Vladimir Soloviev and the state-controlled Russian outlet RT, according to the DFR Lab's report. This provided opportunity to their linked entities to offload their shares at higher prices and make significant profits at the cost of unsuspecting retail investors. "We as Ukrainians believe that the truth is on our side, whether it's truth that you're proclaiming about the war and everything else, why would you want to hide it?," he said.
from de

Telegram Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
FROM American