Telegram Group & Telegram Channel
#бэлиэкүн

⭐️ Бараахап аатынан култуура киинэ үлэҕэ киирдэ

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр үөрүүлээх күн. Өр күүппүт Исидор Никифорович Барахов аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинин таас дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Алгысчыт Трофим Миронов аал уоту оттон айах тутта, кучу от сытын дыргытан мустубут дьону-сэргэни арчылаата.

Бүччүм нэһилиэккэ өрөспүүбүлүкэ суолталаах түмэллээх култуура дьиэтин уораҕайын арыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтинэн кэллэ. Саҥа таас дьиэҕэ киирии бэлиэтин - аалай кыыл лиэнтэни Ил Дархан Айсен Николаев, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев уонна Харбалаахтааҕы култуура киинин дириэктэрэ Татьяна Сергеева кырыйдылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ автономияны турууласпыт Исидор Барахов биир санаалаах доҕотторун кытта, билиҥҥи кэмҥэ бааллара буоллар эдэркээн уолаттар, хаартыскаҕа түспүттэрин кэриэтэ худуоһунньуктар холустаҕа түһэрбит хартыыналарын уонна култуура киинигэр наадалаах тэрилинэн хааччыналларыгар аналлаах сертификаты бэлэх уунна.

@ueheebuluu
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM



group-telegram.com/uoheebuluu/31625
Create:
Last Update:

#бэлиэкүн

⭐️ Бараахап аатынан култуура киинэ үлэҕэ киирдэ

Бүгүн Харбалаах нэһилиэгэр үөрүүлээх күн. Өр күүппүт Исидор Никифорович Барахов аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинин таас дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Алгысчыт Трофим Миронов аал уоту оттон айах тутта, кучу от сытын дыргытан мустубут дьону-сэргэни арчылаата.

Бүччүм нэһилиэккэ өрөспүүбүлүкэ суолталаах түмэллээх култуура дьиэтин уораҕайын арыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтинэн кэллэ. Саҥа таас дьиэҕэ киирии бэлиэтин - аалай кыыл лиэнтэни Ил Дархан Айсен Николаев, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев уонна Харбалаахтааҕы култуура киинин дириэктэрэ Татьяна Сергеева кырыйдылар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ автономияны турууласпыт Исидор Барахов биир санаалаах доҕотторун кытта, билиҥҥи кэмҥэ бааллара буоллар эдэркээн уолаттар, хаартыскаҕа түспүттэрин кэриэтэ худуоһунньуктар холустаҕа түһэрбит хартыыналарын уонна култуура киинигэр наадалаах тэрилинэн хааччыналларыгар аналлаах сертификаты бэлэх уунна.

@ueheebuluu
@ulusmedia

BY Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"













Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/31625

View MORE
Open in Telegram


Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The Security Service of Ukraine said in a tweet that it was able to effectively target Russian convoys near Kyiv because of messages sent to an official Telegram bot account called "STOP Russian War." 'Wild West' On February 27th, Durov posted that Channels were becoming a source of unverified information and that the company lacks the ability to check on their veracity. He urged users to be mistrustful of the things shared on Channels, and initially threatened to block the feature in the countries involved for the length of the war, saying that he didn’t want Telegram to be used to aggravate conflict or incite ethnic hatred. He did, however, walk back this plan when it became clear that they had also become a vital communications tool for Ukrainian officials and citizens to help coordinate their resistance and evacuations. Pavel Durov, Telegram's CEO, is known as "the Russian Mark Zuckerberg," for co-founding VKontakte, which is Russian for "in touch," a Facebook imitator that became the country's most popular social networking site. But Kliuchnikov, the Ukranian now in France, said he will use Signal or WhatsApp for sensitive conversations, but questions around privacy on Telegram do not give him pause when it comes to sharing information about the war.
from fr


Telegram Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
FROM American