group-telegram.com/uoheebuluu/30300
Last Update:
#планерка
Бары билэрбит курдук, ахсынньы 16 күнүгэр улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын көҕүлээһининэн улуус сынньалаҥын кииннэрин үлэһиттэрин икки ардыларыгар "Бастыҥ айар бырайыак" күрэҕэ биллэриллибитэ.
Маныаха үс хайысханан, ол эбэтэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун 90 сылыгар уонна Фольклор сайдыытыгар анаммыт бырайыактар оҥоһуллан киирбитттэриттэн Балаҕаннаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин "Сырдык сайын" диэн бырайыага бастакы миэстэни ылан, 100 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна. Бырайыак салайааччыта Туяра Андреева аатыттан сынньалаҥ киин дириэктэрэ Михаил Жендринскэй сертификаты тутта.
Иккис миэстэни Оҥхой нэһилиэгин култууратын киинин "Өксөкүлээх үс сэргэтэ" бырайыага ылла. Салайааччы Мария Барахова 80 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.
Уонна үһүс бочуоттаах миэстэни "Норуот айымньытын киинэ" МАТ специалиһа Кэрэчээнэ Николаева "Ытык мэҥэ сирдэр" бырайыага ылан, 50 тыһ. солк. сертификаты тутта.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат