Telegram Group & Telegram Channel
#тутуу

Бүгүн Кэнтик нэһилиэгэр толору хааччыллыылаах, сырдык, ыраас фельдшерскай-акушерскай пуун үөрүүлээх арыллыыта буолла. "Тыа сирин кэлимник сайдыыта» РФ судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн С.С.Тумусов «Строймонтажкомплект» тэрилтэтэ тутууну ыытта.

Үөрүүлээх арыллыыга улуус аҕа баһылыга Валерий Николаев, Кэнтик нэһилиэгин баһылыга Сергей Федотов, "Үтүө дьыала" салаатын салайааччыта Алексей Петров, улуус кылаабынай бырааһа Сардаана Павлова, Кэнтиктээҕи фельдшерскай-акушерскай пуун фельдшера Ньургуйаана Лебедкина кыттыыны ыллылар.

Алгысчыт Трофим Миронов алгыс маанытын этэн, саҥа тутуу үйэлээх буоларыгар баҕарда.

Кэнтик нэһилиэгин баһылыга Сергей Федотов күүтүүлэх тутуу тиһигин сиппитинэн эҕэрдэлээтэ уонна Семен Тумусов фельдшерскай-акушерскай пуун арыллыытынан 10 тыһ. суумалаах сертификаты бэлэхтээбитин бар дьонугар иһитиннэрдэ.
Ыалдьыттар бары саҥа пуун дьиэтин көрөн сэргээн, махтайан бардылар. Фельдшер биир дойдулаахтарыгар ыалдьыбакка сылдьалларыгар, доруобай буолалларыгар баҕарда.

group-telegram.com/uoheebuluu/30249
Create:
Last Update:

BY Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/30249

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

"He has kind of an old-school cyber-libertarian world view where technology is there to set you free," Maréchal said. The Dow Jones Industrial Average fell 230 points, or 0.7%. Meanwhile, the S&P 500 and the Nasdaq Composite dropped 1.3% and 2.2%, respectively. All three indexes began the day with gains before selling off. Two days after Russia invaded Ukraine, an account on the Telegram messaging platform posing as President Volodymyr Zelenskiy urged his armed forces to surrender. In the past, it was noticed that through bulk SMSes, investors were induced to invest in or purchase the stocks of certain listed companies. Markets continued to grapple with the economic and corporate earnings implications relating to the Russia-Ukraine conflict. “We have a ton of uncertainty right now,” said Stephanie Link, chief investment strategist and portfolio manager at Hightower Advisors. “We’re dealing with a war, we’re dealing with inflation. We don’t know what it means to earnings.”
from id

Telegram Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
FROM American