group-telegram.com/isidorbarakhovmuseum/1787
Last Update:
Бүгүн "Тускул" оҕо киинин педагогтара Н.Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар «Педагогическай десант»программаннан хас да хайысханнан үлэлээтилэр.
Харбалаах оскуолатын учууталларыгар "БАСХАН-уол оҕо сайдыытыгар суолтата" диэн тиэмэлээх оҕону кыра сааһыттан патриотическай иитиигэ болҕомто ууруу туһунан төгүрүк остуол ыытылынна. Бырайыак ааптара Ильина Саргылана Лукична "Басхан" бырайыак 10 сыл устата уол оҕо сайдыытыгар ыытыллыбыт үлэни билиһиннэрдэ.
Төгүрүк остуолга кыттыыны ыллылар: Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Платонов Константин Данилович, Харбалаах оскуолатын директора Филиппов Федот Сергеевич, Харбалаах түмэлин үлэһитэ бырайыак ааптара Семенова Евдокия Павловна кыттыылаах Басхан бырайыак тула киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтии, салгыы бырайыак сайдыытын, инникитин туһунан уонна салгыы бырайыак тула үлэлэһэргэ, өйүүргэ санааларын этиннилэр.
БАСХАН бырайыак аан бастакытын 2013 сыллаахха Харбалаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ өйөбүллэринэн сынньалаҥ киинигэр ыытыллан онтон кынаттанан киэҥ эйгэҕэ тахсан, СР хабар киэҥ түһүлгэҕэ кубулуйбутуттан астыналларын, киэн тутталларын биллэрдилэр.
Бу курдук дириҥ ис хоһоонноох, инникигэ эрэли саҕар БАСХАН бырайыак тула түмүстүбүт👍🏻👏🏻👏🏻✊🏻✊🏻✊🏻
BY Музей Исидора Барахова
Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260
Share with your friend now:
group-telegram.com/isidorbarakhovmuseum/1787