Telegram Group & Telegram Channel
🤼‍♂️Иннокентий Халдеев кэриэһигэр 26-с сылын ыытыллар хапсаҕай турнирын үөрүүлээх тэрээһинигэр улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Алексеев, хапсаҕай улуустааҕы федерациятын бэрэссэдээтэлэ Сергей Черкашин, Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Василий Алексеев, күрэхтэһии сүрүн судьуйата Андрей Яковлев, төрөппүт уола Андрей Халдеев эҕэрдэ тылы эттилэр👏👏👏

Куруутун бу турнирга түмсүүлээхтик кэлэн, Иннокентий Халдеев тренер быһыытынан бастаан дьарыктаабыт уолаттара, "Халдеев уолаттара" түмсүү бэтэрээннэрэ кытталлар. Бу да сырыыга тириэньэрдэрин чиэстээн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кытыннылар, эҕэрдэлээтилэр, махтаннылар.

Бу түһүлгэни өрүү иилээн-саҕалаан ыытар спортивнай комментаторга Александр Васильевка - Көрдүгэҥҥэ махтал тыллара этилиннэ уонна 70 сааһынан эҕэрдэ бастыҥа ананна.

Тэрээһин долгутуулаах түгэнинэн Мүрү нэһилиэгэр олорбут, үлэлээбит, спорду олоҕун аргыһа оҥостубут Виктор Черкашин "Россия спордун маастара" үрдүк наҕараадатын тутар түгэнигэр тиийбэтэҕинэн уолугар Александр Черкашиҥҥа туттардылар.

📹Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/ulusmedia/101843
Create:
Last Update:

BY Улус.Медиа | Новости Якутии

Share with your friend now:
group-telegram.com/ulusmedia/101843

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

On December 23rd, 2020, Pavel Durov posted to his channel that the company would need to start generating revenue. In early 2021, he added that any advertising on the platform would not use user data for targeting, and that it would be focused on “large one-to-many channels.” He pledged that ads would be “non-intrusive” and that most users would simply not notice any change. Again, in contrast to Facebook, Google and Twitter, Telegram's founder Pavel Durov runs his company in relative secrecy from Dubai. "Russians are really disconnected from the reality of what happening to their country," Andrey said. "So Telegram has become essential for understanding what's going on to the Russian-speaking world." Despite Telegram's origins, its approach to users' security has privacy advocates worried. The fake Zelenskiy account reached 20,000 followers on Telegram before it was shut down, a remedial action that experts say is all too rare.
from in

Telegram Улус.Медиа | Новости Якутии
FROM American