Telegram Group & Telegram Channel
👍 Бааска саха бастакы маастар кылааһыгар ыҥырар

Кини кимий Бааска саха диэн? Кини – Вася Копырин, Бээди ситэтэ суох орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ, сааһа 11-рэ.

Вася үөрэҕэр үчүгэй. 4-5 сааһыттан, быһаҕы сатаан тутта үөрэниэҕиттэн, ас астаан барбыта. Төрөппүттэрэ – түөрт оҕолоох эдэр ыал Анна Семеновна уонна Иван Васильевич Копыриннар аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, урбаан араас көрүҥүнэн дьарыктанар күн иллэҥэ суох дьон.

Ол эрээри иккис уоллара Вася кинилэри суохтаппат. Ийэлээх аҕата үлэҕэ тардылыннахтарына, балыстарын араас аһынан күндүлүүр. Төрөппүттэригэр анаан сотору-сотору ресторан курдук остуол тардан көрсөр. Ас ырысыаптарын интернеттэн көрөр. Бэйэтэ атыннык, саҥаны толкуйдаан буһарар.

Вася социальнай ситимҥэ мөлүйүөнтэн тахса сурутааччылаах анал страницалаах. Кини астыырын өрөспүүбүлүкэ таһыгар кытта интэриэһиргээн көрөллөр. Саамай сөбүлээн астыыр бүлүүдэлэрэ – «Цезарь» салаат, пицца, суши.

Быйыл Вася улахан ситиһиитинэн «Тук, тук, профессия!» муниципальнай IV чемпионакка Суотту техникумун баазатыгар ыытыллыбыт «Асчыт идэтэ» компетенцияҕа 11-13 саастаах оҕолор ортолоругар I миэстэни суруммута буолар.

Кулун тутар 4 күнүгэр күнүс 12 чааска ким баҕалаахтарга пиццаны уонна оливье салааты астааһын ньыматыгар бастакы маастар кылааһын босхо ыытыаҕа. МАННА ↩️киирэн көрүөххүтүн сөп.

Васяҕа – Бааска сахаҕа талаана арыллан, дьоҕура сайдан иһэригэр баҕарабын.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/uamurusahargata/43246
Create:
Last Update:

BY УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uamurusahargata/43246

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The channel appears to be part of the broader information war that has developed following Russia's invasion of Ukraine. The Kremlin has paid Russian TikTok influencers to push propaganda, according to a Vice News investigation, while ProPublica found that fake Russian fact check videos had been viewed over a million times on Telegram. The fake Zelenskiy account reached 20,000 followers on Telegram before it was shut down, a remedial action that experts say is all too rare. "Your messages about the movement of the enemy through the official chatbot … bring new trophies every day," the government agency tweeted. Friday’s performance was part of a larger shift. For the week, the Dow, S&P 500 and Nasdaq fell 2%, 2.9%, and 3.5%, respectively. Anastasia Vlasova/Getty Images
from it

Telegram УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
FROM American