Warning: file_put_contents(aCache/aDaily/post/Olegmarkov8/-879-880-881-882-883-884-885-886-887-888-): Failed to open stream: No space left on device in /var/www/group-telegram/post.php on line 50
ОЛЕГ МАРКОВ | Telegram Webview: Olegmarkov8/886 -
Telegram Group & Telegram Channel
Бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас Хатылыматыгар, Ороссолуодатыгар улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов сыллааҕы отчуотугар сылдьан, дьоммун-сэргэбин кытта кэпсэтэн, биирдиилээн дьон этиилэрин, ыйытыыларын, кыһалҕаларын, инники былааннарын билсэн-көрсөн кэллим.

Хатылыма олохтооҕун ахсаана 106 киһи буолбут. Нэһилиэккэ олохтоох фельдшер суоҕа олохтоохтору ордук долгутар. Земскэй фельдшер ананан кэлбит эрээри дьиэтэ-уота суоҕунан чугастааҕы Лоомтука нэһилиэгиттэн сылдьан үлэлиир. Нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэн, көрөн-истэн барар. Айан суолун туруга Хатылымаҕа - тыын боппуруос. Саас-күһүн суол алдьанан, кэлэр-барар кыах суоҕа, дьону улаханнык атахтыыр эбит. Кэскиллээх боппуруоһунан саха ынаҕын иитии, дэлэтии, нэһилиэккэ ыччат олохсуйан, оҕо төрөтөн, инники кэскиллээх сайдыыны түстүөхтэрэ этэ диэн дьон баҕа санаалаах. Саҥа кулууп тутуута, сотовай сибээс киириитэ, оскуола өрөмүөнэ, эдэр исписэлиистэргэ дьиэ-уот хапытаалынай өрөмүөнэ курдук араас боппуруостар тула көхтөөх кэпсэтии таҕыста.

Ороссолуода олохтоохторун кытта көрсүһүү нэһилиэнньэ көҕүлээһининэн тутуллубут сырдык-киэҥ, саҥалыы оҥоһуулаах балаҕаҥҥа буолла. Кэлэн иһэр Саҥа дьыл үөрүүлээх тэрээһинин олохтоохтор бу саҥа балаҕаҥҥа көрсөөрү бэлэмнэнэллэр. Ороссолуода нэһилиэнньэтин ахсаана 454 киһи. Дьону кыһыҥҥы кэмҥэ уоту олус элбэхтик араараллара, уопсай дьиэҕэ ититэр систиэмэни көрүү-харайыы, ыччаты олохсутуу, оҕо төрөөһүнэ, гаас киириитэ, үлэ миэстэтин таһаарыы долгутар. Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатыгар төлөбүр сүөһү төбөтүгэр буолбакка үүт туттарааччыларга буолара ордук диэн санааларын эттилэр, идэлээх бэтэринээр, култуура тэрийээччитэ наадалар, кинилэри олорор дьиэнэн хааччыйыы, анал сыаналаах аныгы кулууп тутуута, ыччат тыа сиригэр олохсуйарыгар үлэ миэстэтэ, дьиэ-уот туттар кыах биэриэххэ, үүтү туттарыытыгар көстөр кыһалҕалар, оҕуруот аһын харайар сир тутуута, аҕам саастаах дьону хаарбах туруктаах дьиэлэриттэн көһөрүү уонна дьиэнэн хааччыйыы курдук үгүс этии-ыйытыы киирдэ. Үөрүүлээх сонунунан эһиил Ороссолуодаҕа хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан үс этээстээх, 15 кыбартыыралаах саҥа таас дьиэ тутуллара былааннанар. Онон кэлэр сылга 15 ыал саҥа, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнэ күүтэр. Хас биирдии көрсүһүү дьон-сэргэ олоҕун чугастык билсэргэ төһүү буолар, бииргэ, сирэй көрсөн олорон санаа атастаһыыта, инники былааннары торумнуур олус туһалаах буолара саарбаҕа суох. Бэрт, дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүлэр буоллулар.

group-telegram.com/Olegmarkov8/886
Create:
Last Update:

BY ОЛЕГ МАРКОВ

Share with your friend now:
group-telegram.com/Olegmarkov8/886

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

WhatsApp, a rival messaging platform, introduced some measures to counter disinformation when Covid-19 was first sweeping the world. DFR Lab sent the image through Microsoft Azure's Face Verification program and found that it was "highly unlikely" that the person in the second photo was the same as the first woman. The fact-checker Logically AI also found the claim to be false. The woman, Olena Kurilo, was also captured in a video after the airstrike and shown to have the injuries. The picture was mixed overseas. Hong Kong’s Hang Seng Index fell 1.6%, under pressure from U.S. regulatory scrutiny on New York-listed Chinese companies. Stocks were more buoyant in Europe, where Frankfurt’s DAX surged 1.4%. Andrey, a Russian entrepreneur living in Brazil who, fearing retaliation, asked that NPR not use his last name, said Telegram has become one of the few places Russians can access independent news about the war. The perpetrators use various names to carry out the investment scams. They may also impersonate or clone licensed capital market intermediaries by using the names, logos, credentials, websites and other details of the legitimate entities to promote the illegal schemes.
from jp

Telegram ОЛЕГ МАРКОВ
FROM American