Telegram Group & Telegram Channel
Ытыктабыллаах Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Эһиги олоххутун уустук, кутталлаах уонна улахан эппиэтинэстээх идэни кытта ситимнээбиккит - уопсастыбаҕа уонна норуокка сулууспалаан, бэрээдэги уонна дьон-сэргэ холку, нус-бааччы олохтоох буолуутун хааччыйаҕыт. Бу бырааһынньык күн сокуоннаһы уонна сиэрдээх буолууну, киһи олоҕун уонна быраабын, судаарыстыба уонна уопсастыба интэриэстэрин көмүскүүрү бэйэлэрин гражданскай иэстэрин быһыытынан ааҕар эр санаалаах уонна күүстээх дьону чиэстиибит. Полиция үлэһиттэрэ үгүстүк олус уустук-быһымах түгэннэргэ түбэһэллэр. Дьон олоҕун быыһыыртан, кинилэргэ олохторун уустук түгэнигэр көмө-өйөбүл буолартан ордук үрдүк анал суох. РФ ИДьМ Ньурба оройуонунааҕы отделын үлэһиттэрэ күннэтэ дьүккүөрдээх үлэлэринэн дьону-сэргэни бөрүкүтэ суох дьайыылартан көмүскүүллэр. Полиция отделыгар идэлэрин эҥкилэ суох баһылаабыт элбэх профессионаллар, дойду дьиҥнээх патриоттара үлэлииллэр. Ньурба оройуонунааҕы Ис дьыала отдела СӨ ИДьМ отделларын ортотугар үлэтин көрдөрүүтүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Манна эһиги хас биирдии бэйэҕит кылааккыт баар. Эһиги билиигит-көрүүгүт, сатабылгыт, суһал-түргэн туттунуугут уонна кэхтибэт дьулуургут оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна бүттүүн дойдуга социальнай бигэ туруктаах буолуу мэктиэтинэн буола туруоҕар бигэ эрэллээхпит. Эһиги дьоһуннаах сулууспаҕыт иһин ис сүрэхтэн махтанабын! Эһиэхэ үлэҕитигэр салгыы ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни уонна дьолу-соргуну баҕарабын! "Ньурба улууһа" МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.

group-telegram.com/gazetanyurba/30863
Create:
Last Update:

BY Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус

Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260

Share with your friend now:
group-telegram.com/gazetanyurba/30863

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Additionally, investors are often instructed to deposit monies into personal bank accounts of individuals who claim to represent a legitimate entity, and/or into an unrelated corporate account. To lend credence and to lure unsuspecting victims, perpetrators usually claim that their entity and/or the investment schemes are approved by financial authorities. Such instructions could actually endanger people — citizens receive air strike warnings via smartphone alerts. Ukrainian forces successfully attacked Russian vehicles in the capital city of Kyiv thanks to a public tip made through the encrypted messaging app Telegram, Ukraine's top law-enforcement agency said on Tuesday. Since its launch in 2013, Telegram has grown from a simple messaging app to a broadcast network. Its user base isn’t as vast as WhatsApp’s, and its broadcast platform is a fraction the size of Twitter, but it’s nonetheless showing its use. While Telegram has been embroiled in controversy for much of its life, it has become a vital source of communication during the invasion of Ukraine. But, if all of this is new to you, let us explain, dear friends, what on Earth a Telegram is meant to be, and why you should, or should not, need to care. As a result, the pandemic saw many newcomers to Telegram, including prominent anti-vaccine activists who used the app's hands-off approach to share false information on shots, a study from the Institute for Strategic Dialogue shows.
from jp

Telegram Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус
FROM American