Warning: mkdir(): No space left on device in /var/www/group-telegram/post.php on line 37

Warning: file_put_contents(aCache/aDaily/post/traditionalculturesakha/--): Failed to open stream: No such file or directory in /var/www/group-telegram/post.php on line 50
Традиционная культура саха🌿 | Telegram Webview: traditionalculturesakha/142 -
Telegram Group & Telegram Channel
Сахалары сүрэхтээһин.

Сахалары сүрэхтээһин (христианствоҕа киллэрии) судаарыстыба таһымыгар 1714 с. саҕаламмыта. Онно Петр 1 ыраахтааҕы "Об уничтожении нумиров и нумиринц у вогулуличей, у остяков, у татар и у якутов, и о крещении сих народов в христианскую веру" диэн ыйааҕа тахсыбыта. Ити да кэнниттэн бэрт аҕыйах саха сүрэхтэммитэ: нууччаларга хамначчыттыыр дьадаҥылар, биирдиилээн сулууспаҕа киирбиттэр, нууччаҕа эргэ барбыт дьахталлар. 1740 с. саҥа ыйаах тахсар. Онно этиллэринэн сүрэхтэммит дьоҥҥо 5 сыллаах чэпчэтиини биллэрбиттэрэ, онуоха кинилэр дьаһаахтарын нуучча аатын ылына илик дьон төлүөхтээхтэрэ ыйыллыбыта. Саҥа итэҕэлгэ көспүттэргэ алтан кириэс, ырбаахы, боростуой кафтан, бэргэһэ, үтүлүк, ииччики биэрэллэрэ. Сэниэ дьоҥҥо үрүҥ көмүс кириэс, кырааскалаах сукуна кафтан, саппыкы, дьахталларга киэргэл бэлэхтииллэрэ. Итини таһынан манньа харчы биэрэллэрэ. Нуучча аатын ылыы ордук киэҥник ХVIII ү. иккис аҥарыгар тэнийбитэ. Ити кэмтэн аҕабыт миссионердар үлэлэрэ, таҥара дьиэлэрин, чочуобуналары тутуу далааһыннаммыта. Саха хараҕа халтарыйар көмүс мөһүүрэ таҥастаах аҕабыыттар мэлииппэ ааҕан лоҥкунаталлара, аньыыттан-хараттан харыстаан сибэтиэй уунан ибиирэллэрэ, эр-ойох буолар дьону бэргэһэлииллэрэ, "таҥара" аһын амсаталлара. 1776 с. Саха сиригэр дьаһаах төлөөччүлэр (олохтоох омуктар) 16% сүрэхтэммит. Бу үксүгэр дьаһаах төлүүргэ кыһалҕалаах, бэлэх-туһах ыларга баҕалаах нэһилиэнньэ дьадаҥы араҥата эбит. Баай, чыыннаах-хааннаах өттө нуучча аатын ылартан туттунан олорбут. Холобур, 1771 с. Үөһээ Бүлүү кыстыгар 25 кинээс баарыттан биэһэ эрэ сүрэхтэммит. Ол иһин кинээс солотун аны нуучча аатын ылбыт эрэ дьоҥҥо иҥэрэр туһунан анал дьаһал тахсыбыта. Кинээстэргэ нэһилиэк дьоно христианствоҕа тиксэригэр быһаччы эппиэтинэс сүктэриллибитэ.
Саха төһө да сүрэхтэнэн, аатын уларыттар, олоҕор-дьаһаҕар төрүт итэҕэлинэн салайтарара, сахалыы аатынан ыҥырсара (сурукка киирбит ааттарын үгүстэрэ билбэт да этилэр), таҥара үөрэҕин сэһэнигэр холбоон остуоруйа курдук истэрэ, таҥара сибэтиэй күннэрин күн эргииринэн саамылаан, сахалыы халандаары таҥмыта.
Биэрэпиһинэн көрдөххө, сахалыы ааттары букатыннаахтык үтэйии 1895 сылтан көстөр. Ол аата сахалыы аат икки үйэ курдугунан суураллыбыта.
#сүрэхтээһин

group-telegram.com/traditionalculturesakha/142
Create:
Last Update:

BY Традиционная культура саха🌿

Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260

Share with your friend now:
group-telegram.com/traditionalculturesakha/142

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The perpetrators use various names to carry out the investment scams. They may also impersonate or clone licensed capital market intermediaries by using the names, logos, credentials, websites and other details of the legitimate entities to promote the illegal schemes. "There is a significant risk of insider threat or hacking of Telegram systems that could expose all of these chats to the Russian government," said Eva Galperin with the Electronic Frontier Foundation, which has called for Telegram to improve its privacy practices. Since January 2022, the SC has received a total of 47 complaints and enquiries on illegal investment schemes promoted through Telegram. These fraudulent schemes offer non-existent investment opportunities, promising very attractive and risk-free returns within a short span of time. They commonly offer unrealistic returns of as high as 1,000% within 24 hours or even within a few hours. In addition, Telegram's architecture limits the ability to slow the spread of false information: the lack of a central public feed, and the fact that comments are easily disabled in channels, reduce the space for public pushback. What distinguishes the app from competitors is its use of what's known as channels: Public or private feeds of photos and videos that can be set up by one person or an organization. The channels have become popular with on-the-ground journalists, aid workers and Ukrainian President Volodymyr Zelenskyy, who broadcasts on a Telegram channel. The channels can be followed by an unlimited number of people. Unlike Facebook, Twitter and other popular social networks, there is no advertising on Telegram and the flow of information is not driven by an algorithm.
from jp

Telegram Традиционная культура саха🌿
FROM American