Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
«Сэһэргээ»: спорт үтүөлээх маастара Василий Егоров
🥊 Саха чаҕылхай боксера Василий Егоров ахсынньыга спортка карьератын түмүктээтэ. Тиһэҕин Дьокуускайга «Вызов Севера» диэн профессиональнай бокс түһүлгэтигэр утарылаһааччытын филиппинец Джевен Вилласайты кыайан, ыалдьааччыларын үөртэ.
Василий Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа чиэһин 13 сыл устата аан дойду таһымыгар дьоһуннук көмүскээн, эрэллээхтик ааттатан кэллэ. Кини көрдөрөр чаҕылхай киирсиитэ, кылбар кыайыыта бүтүн саха омук сүргэтин көтөҕөрө, холобур буолара.
Арассыыйа биэс төгүллээх, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду чемпионатын үрүҥ көмүс призера, Риоҕа ыытыллыбыт Олимпиада кыттыылааҕа Василий Егоровка Улус.Медиа редакцията инники олоҕор ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарар.
Чөмпүйүөн рингэҕэ бастакы тахсыытын, кыайыы үөрүүтүн, хотторуу кыһыытын билбит түгэннэрин аҕынна, инники былааннарын кэпсээтэ 👇
https://vk.com/video-197321747_456243414
https://youtu.be/qQFcOc1Geoo
@ulusmedia

Өрө-таҥнары түһүүлээх күн эрээри, балаһыанньаттан тахсары сатыыргынан, бүгүн да барытын этэҥҥэ туоруоҥ. Саҥа сорук, соһуччу уларыйыы күүтэр.
Үлэҕэр уу-нуурал туруктан дуоһуйаҕын. Үп-харчы чааһыгар эрэллээххин.
Элбэх билсиһиилээх, санаа атастаһыылаах тыҥааһыннаах күн. Саҥа көрсүһүү, билсиһии күүтэр.
Үлэҕэр соһуччу үүнүөххүн сөп. Бу кэмҥэ сэрэйэн көрөр дьоҕургар эрэн.
Лиидэр быһыытынан хаачыстыбаҕын көрдөрөргө табыгастаах кэм. Тус олоххор соһуччу үөрүү күүтэр.
Бытархайга болҕомтоҕун ууруоххун наада. Өйгүн-санааҕын уурбут үлэҥ үтүө түмүгү аҕалыа.
Үлэҕэр дьыалабыай кэпсэтии буолуон сөп. Тус олоххор биир тэҥ сыһыан тирэҕи биэрэр.
Олус көхтөөх күҥҥэ болҕомтолоох буолуоххун наада. Тус олоххор кыра уларыйыы буолуоҕа.
Саҥа кыах арылларыгар, сонун толкуй киирэригэр табыгастаах күн. Хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллүбүт настырыанньалааххын.
Өсөһөн туран үлэлээбитиҥ түмүгүн көрдөрөр эрэр. Үп-харчы чааһа этэҥҥэ быһаарыллыа.
Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырыҥ саҥа бырайыаккын олоххо киллэрэргэ көмөлөһүө. Соһуччу дьыалабыай, барыстаах этии киириэн сөп.
Барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэнэриҥ ордук. Чугас дьоҥҥуттан үөрүүлээх сонуну истиэҥ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьиктичахчылар
🎄Саҥа дьыл диэн аан бастакынан киирбит судаарыстыбата –
Месопотамия. Онно ити үгэс өссө биһиги эрабыт иннинэ үһүс тыһыынча сылга киирбитэ.
🎄 Саҥа дьылы аан бастакынан Кирибати диэн судаарыстыбаҕа бэлиэтииллэр. Кирибати сир шарын бары полушариетын хабарынан уратылаах. Онно Саҥа дьылы, Москва бириэмэтинэн, күнүс 13 ч. бэлиэтииллэр.
🎄Арассыыйаҕа Саҥа дьылы ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 1 күнэ буолар түүнүгэр көрсүү Бүөтүр I Ыраахтааҕы кэмигэр баар буолбута. Онуоха диэри 988 с. христианство ылыллыаҕыттан Саҥа дьылы кулун тутар 1 күнүгэр, онтон 1492 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр бэлиэтиир буола сылдьыбыттара.
🎄Харыйаны саардарынан киэргэтии баара эрэ биир үйэ анараа өттүгэр баар буолбут. Ити иннинэ дьаабылыканы иилэллэр эбит. Биир кэмҥэ дьаабылыка үүнүүтэ мөлтөөн, ''стеклодувы' дэнэр өстүөкүлэни үрэр маастардар саардары оҥорор буолбуттар. Онтон ыла харыйаны сааардарынан симиир үгэс баар.
✅ @uamurusahargata