Telegram Group Search
🔸🔸🔸Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун поликлиникатын профилактика кабинетын эппиэттээх үлэһитэ Светлана Алексеева Өргүөккэ үлэлээтэ. ➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/doruobaj-kihi-olohho-erelleeh-buolar/
#эргэсаҥадьыл

Өргүөт нэһилиэгэр ырыа дьоро түһүлгэтэ түстэннэ

Үөһээ Бүлүүттэн кэрэ-мааны куоластаах далбар хотуттара "Үрдэл" вокальнай ансамбль, салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Ньургустаана Бугулова уонна Дүллүкү нэһилиэгиттэн Өрөспүүбүлүкэҕэ интернет ситимигэр "Хачыгаар ырыаһыт уолаттар" диэн киэҥник тарҕаммыт Дүллүкү көмүс куоластаах хоһууттара, салайааччы сыана бэтэрээнэ, "Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратыгар үтүө кылаатын иһин" түөскэ кэтэр бэлиэ хаһаайына Михаил Тарасов ылбаҕай ырыаларынан ураты тыыннаах эҕэрдэ киэһэтин тэрийдилэр. Саҥа сылынан Өргүөттэргэ бэртээхэй бэлэх уунан үөртүлэр.

Мустубут дьон сөҕөн- махтайан, үөрүү-көтүү, дохсун ытыс тыаһынан уруйдаан-айхаллаан, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.

Түгэнинэн туһанан "Үрдэл" уонна "Дорҕоон" ансамбль ырыа куттаах кыргыттарга уонна уолаттарга ис сүрэхтэн махталбытын биллэрэбит.

Махталы кытта Өргүөттээҕи КСК коллектива

"Үөһээ Бүлүү' хаһыат
#ОтчетГлавы2024

Үөһээ Бүлүү салалтатын сыллааҕы үлэтин-хамнаһын отчуоттуур үлэтин Хоро нэһилиэгин кэннэ Үөдүгэйгэ ыыттыбыт. Олохтоохтор көхтөөхтүк ккытыннылар, олох араас эйгэтигэр сыһыаннаах көрүүлэрин, саҥа санааларын этиннилэр. Улуус дьаһалтатын ааспыт сыллаа үлэтин туйгунунан сыаналаатылар.

Салгыы киэһэ өттүгэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр кэлэн отчуот үлэтин түмүктээтибит. Тэрилтэ салайааччылара, биэнсийэлээхтэр санааларын хото этиннилэр.

Ол курдук, санитарнай рейсэ кэлэригэр авиапорт балаһата бэлэмэ суох буоларын, онтон сылтаан рейсэ кэлэр-кэлбэт боппуруоһа турарын улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһын солбуйааччыта Мария Прокопьева этиннэ. Маҥан авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов күннээҕи үлэ хаамыытынан хаар ыраастааһын үлэтэ утары күнүнэн ыытылларын, Онон рейсэ кэлэр буоллаҕына мэлдьи бэлэмнэрин туһунан хоруйу биэрдэ. Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускай куоракка рейсэ сарбыллан турарын бары билэбит. Маныаха авиапорт , салалтата Бүлүүгэ кэлэр рейсэ Үөһээ Бүлүүгэ диэри кэлэрин курдук туруорсуу үлэтин ыыта сылдьар.

Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр оттооһуҥҥа анаммыт сири тыырыыны, чааһынай сылгылаахтарга туох өйөбүл баар буолуоҕун ыйыттылар. Саҥа бэрээдэк өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн таҕыста да үбү-харчыны тыырыы үлэтэ барыаҕа. Биирдиилээн сүөһүлээх ыалга харчы көрүллүбэт, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ тыырыллар. Тыа хаһаайыстыбатыттан көрүллэр субвенция харчытын быһаарар боломуочуйа улууска бэриллэр буолла. Маныаха үүтү туттарааччыларга 1 лиитэрэ үүккэ 100 солк. төлөнөр буолуоҕа. Билигин улуус үрдүнэн Сургуулук нэһилиэгэ уонна бааһынай хаһаайыстыбалаахтартан Анна Трофимова уонна Балаҕаннаахха Петр Кардашевскай саамай элбэх үүтү туттарааччылар буолаллар. Улуус өттүттэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны, үп-харчы кэмигэр сөпкө төлөнөрүн хонтуруоллуохтаахпыт.

Бөһүөлэк 1-кы уокуругун түөлбэтигэр үс арыгы атыылыыр маҕаһыын үлэлиирин бэлиэтээн туран, маҕаһыыннары дьон олорор түөлбэтиттэн тэйиччи, улуус киинин кытыытыгар көһөрөргө көрдөстүлэр. Бу боломуочуйа сэлиэнньэ депутаттарын көрүүтүгэр киириэхтээх. Депутаттар быһаарыыларынан көһөрүллэр кыахтаахтар, Маныаха сессияҕа улуус баһылыгын быһыытынан тус санаам ирдэннэҕинэ кыттыыны ыларга бэлэммин.

Хайа да нэһилиэккэ буоллун, Үөһээ Бүлүүгэ эмиэ ТКО уонна АСМ убаҕас отходу тоҕор миэстэтин уларыталларыгар этиннилэр.

21 нэһилиэктэн 16-гар муниципальнай баһаарынай чаас баарын этэн туран, хаалбыт 3 нэһилиэккэ тэриллэрэ буоллар нэһилиэнньэ баһаартан сэрэхтээх, харысхаллаах буолара күүһүрүөх этэ диэн улуустааҕы баһаарынай этэрээт салайааччыта Олимпий Харлампьевтан санаатын этиннэ.

Инбэлиит оҕолордоох төрөппүттэр ааттарыттан босхо көрүллэр эмп кырыымчыгынан сибээстээн, ааспыт сылга 2 эрэ ыйдааҕы эми ылбыттарын этиннилэр. Манна улуус киин балыыһатын үлэһитэ сөптөөх хоруйу биэрдэ. Ол эрэн бу боппуруоһу Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтин отчуотугар биэрэрдии боротокуолга киллэрдибит.

Мэҥэ таһынан Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэригэр уһаайба сирэ суоҕун, 5 уонна 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ ылар уочараттара хамсаабатын, федеральнай трасса өрөмүөнүн, ууга барар уһаайбалаах дьон аатыттан кыһалҕаларын этиннилэр.

Олохтоохтор саҥа састаабынан саҕалаабыт үлэбитигэр ситиһиини баҕарбыттара өссө күүскэ үлэлиирбитигэр кыах биэрэр. Улууска үп-харчы кэллэҕинэ үлэ барар, салгыы сайдабыт. Онон бары бииргэ, түмсүүлээхтик улууспут туһугар үлэлиэххэ-хамсыахха диэн ыҥырабын. Түмсүүлээх буоллахпытына баар үлэни барытын кыайыахпыт.

#ВерхневилюйскийУлус
http://T.me/ValeriNikolaev
Forwarded from Ulusmedia Sport
“Хаҥалас хапсаҕайа” Арассыыйа уонна 8 тас дойду бөҕөстөрүн көрсүө

🤼‍♂️ Олунньу 1-2 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар саха дьоно-сэргэтэ кэтэһэр «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буолуоҕа.

🏆 Быйыл турнирга аҕыс судаарыстыба күүстээх бөҕөстөрө, ону тэҥэ Арассыыйа уон эрэгийиэнин спортсменнара кыттыахтара. Сүрүн тэрийээччинэн Хапсаҕай аан дойдутааҕы федерацията буолар.

🌟 Биллэрин курдук, саха успуордун биир саамай чаҕылхай турнирын бирииһэ – 6 мөлүйүөн солкуобай.

📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Сегодня медиакомпания «Сахапечать» передала гуманитарную помощь в поддержку раненых бойцов для отправки в волонтерский центр "Волонтеры Саха" в Москве.
С погрузкой помогли сами работники коллектива.

Вес груза составил 568 кг, в том числе 160 кг свежей говядины, переданной сотрудниками «Сахапечати». На средства коллектива купили корову в Мегино-Кангаласском улусе.

К благотворительной акции также присоединились семьи, дошкольные учреждения из Якутска, Хангаласского, Кобяйского, Верхневилюйского и других улусов.

Напомним, в декабре прошлого года в Доме Печати по инициативе коллектива ГАУ «Сахапечать» начал работу пункт сбора помощи раненым бойцам  «Волонтеры Саха».

Время приема: 09:00 – 17:00. Выходные дни: суббота и воскресенье. Перерыв: 13:00 — 14:00. Для получения дополнительной информации вы можете обратиться по телефону: 8 (914) 303-44-93 (Васильев Николай Евгеньевич). Адрес: г. Якутск, ул. Орджоникидзе, 31, каб. 112.

📲 Подпишись на @ulusmedia
Продолжается заявочная кампания на конкурс Президентского фонда культурных инициатив

Индивидуальные предприниматели, коммерческие организации, негосударственные НКО и муниципальные учреждения могут до 6 февраля подать заявки на конкурс Президентского фонда культурных инициатив.Подробнее https://верхневилюйск-газета.рф/prodolzhaetsya-zayavochnaya-kampaniya-na-konkurs-prezidentskogo-fonda-kulturnyh-inicziativ/
Тохсунньу 24 күнүгэр Саха норуотун таптыыр суруйааччыта, бэйиэтэ Яковлев Семен Степанович - Эрилик Эристиин төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр. Суруйааччы сэбиэскэй былаас олохтонор кэмин, үөрэх, сайдыы кэлиитин олус арылхайдык арыйан суруйбут айымньыларынан буолаллар:"Соһуччу үөрүү", "Бассабыык Тиихээн"(1934с.),"Тулаайах Уйбаанчык" (1935с.),"Революция уолаттара" (1936с.),"Аймалҕан", "Кэриэс туолуута" (1939с.).

@uoheebuluu
#Анонс

🔴 "Үөһээ Бүлүү" хаһыат тохсунньу 24 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ:

🔴 Устудьуон күнүн көрсө Техникум ыччатын ситиһиилэрэ
🔴 Кырыкый, Хомустаах, Дүллүкү нэһилиэктэригэр баһылык отчуотун кэмигэр этиллибит кыһалҕалар
🔴 Суоппар быраабын ылыы туһунан ГАИ иһитиннэриитэ
🔴 Норуот театрын 60 сыллаах үбүлүөйэ
🔴 24 сааһыгар Үлэ Дьоруойа буолбут кимий?
🔴 Сургуулуктан силис тардыбыт учуонай
🔴 Редакцияҕа кимнээх экскурсиялаатылар?
🔴 Биир тыынынан ааҕыллар "Биир күн" кэпсээн

Хаһыаты Почта дьиэтигэр тиийэн эбэтэр Редакцияҕа кэлэн сурутуоххутун сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Якутия присоединилась к проекту «Музыкальные традиции Гнесинцев»

Во Дворце культуры Алдана выступил Государственный концертный оркестр Якутии с программой «Искусство вдохновения». Прозвучали произведения известных композиторов: Алексея Рыбникова, Михаила Глинки, Анри Вьетнаме в авторской интерпретации художественного руководителя и главного дирижёра Русского народного оркестра Российской академии музыки имени Гнесиных Владимира Шкуровского.

Коллаборация московского дирижёра и якутских музыкантов стала возможной благодаря проекту «Музыкальные традиции Гнесинцев», который поддержал гранта Президентского фонда культурных инициатив.
2025/01/24 02:51:39
Back to Top
HTML Embed Code: