Telegram Group & Telegram Channel
#бэлиэкүн

🔴 Улуу киһи Исидор Барахов аатын ааттаан...

Бүгүн, олунньу 12 күнүгэр, уһулуччулаах политическай деятель, Саха Автономиятын төрүттэспит киэн туттар биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 127 күнүгэр, кини аатын сүгэр сквергэ сибэкки дьөрбөтүн ууруу түгэнэ буолла.

Санатар буоллахха, ааспыт сыл ахсынньы 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин киинин киин болуоссатыгар общественнай- политическай деятелэ Исидор Барахов уонна кини соратниктара Үс Кыһыл Знамя орденнаах төлөннөөх революционер, хамандыыр Иван Яковлевич Строд, ону тэҥэ Забайкальскай уобаласка уонна Саха сиригэр буолбут гражданскай сэриилэр кыттыылаахтара Сергей Юльевич Широких- Полянских сырдык уобарастарын көрдөрөр пааматынньыгы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыппыт.

Бүгүн бу пааматынньыкка улуус, сэлиэнньэ салалтата, Үөһээ Бүлүү олохтоохторо муҥура суох махтал, сырдык, үтүө өйдөбүл бэлиэтин - тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Олохтоохторго уонна инники кэскилбитигэр, кэнчээри ыччакка туһаайан эҕэрдэ тылы улуус баһылыгын солбуйааччыта Анна Уларова, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, сэлиэнньэ баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов, сэлиэнньэ баһылыгын сүбэһитэ Георгий Степанов эттилэр.

Инникитин бу сквергэ өрөспүүбүлүкэ суолталаах бэлиэ күннэргэ үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытыллар буолуохтара.

Исидор Барахов курдук улуу дьонноох буолан, Саха Автономиятын туруулаһан, аныгы сайдыылаах олоххо кэлбиппитигэр махтанан туран өйдүү-саныы сылдьыах тустаахпыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/isidorbarakhovmuseum/1854
Create:
Last Update:

BY Музей Исидора Барахова

Share with your friend now:
group-telegram.com/isidorbarakhovmuseum/1854

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

But because group chats and the channel features are not end-to-end encrypted, Galperin said user privacy is potentially under threat. The channel appears to be part of the broader information war that has developed following Russia's invasion of Ukraine. The Kremlin has paid Russian TikTok influencers to push propaganda, according to a Vice News investigation, while ProPublica found that fake Russian fact check videos had been viewed over a million times on Telegram. Andrey, a Russian entrepreneur living in Brazil who, fearing retaliation, asked that NPR not use his last name, said Telegram has become one of the few places Russians can access independent news about the war. Pavel Durov, Telegram's CEO, is known as "the Russian Mark Zuckerberg," for co-founding VKontakte, which is Russian for "in touch," a Facebook imitator that became the country's most popular social networking site. "He has to start being more proactive and to find a real solution to this situation, not stay in standby without interfering. It's a very irresponsible position from the owner of Telegram," she said.
from kr

Telegram Музей Исидора Барахова
FROM American