Telegram Group Search
Нэдиэлэ устата анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыбыт чэрчитинэн 58 биир дойдулаах байыастарбытын көрүстүбүт.

Сэтинньи 22 күнүттэн Запорожскай уобаластан саҕалаан, Херсон уобалаһыгар, Донецк, Луганск республикаларыгар уонна Курскай, Белгородскай уобаластарга биир дойдулаахтарбытын көрсөн гуманитарнай баһыылкалары тириэртибит.

Быйылгы сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын күһүҥҥү идэһэ, муҥха кэнниттэн былааннаабыппыт. Онон байыастарбытыгар дойдуларын аһыттан, этиттэн, балыгыттан илдьэ кэлэн тиксэрдибит. Байыастар дойдуларыттан ахтылҕаннаах астарын тутан олус сэргэхсийдилэр.

Маны сэргэ, 6 шт. матаһыыкыл, 3 шт. тепловизор, 3 шт. түүҥҥү прицел, 10 шт. "Асель" дрон детектор, биирдии устуука "Капюшон" уонна "Ромашка" РЭБ станциялар, 3 шт. FPV видео-шлем Skyzone COBRA X V4, 1 устуука дрон сигналын күүһүрдэр тэрил Инкубатор 2.0, ону кытта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аатыттан, баһылык Силигиянов Максим Филиппович туттарбыт 4 устуука дроннарын байыастарга тиксэрдибит.

Сибээскэ кыайан тахсыбатах байыастарбытыгар баһыылкалары Саха Сирин опорнай пууннарыгар хааллардыбыт. Опорнай пуунун үлэһиттэрэ баһыылкалары чопчу тиксэриэхтэрэ.

Сулууспалыы сылдьар Эр хоһууттарбытын кытта көрсөн туруктарын, хааччыллыыларын, үлэлиир усулуобуйаларын билистибит. Үөһээ Бүлүүлэр олус түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэлэрин кытта билсэн, кэпсэтэн тэҥҥэ сылдьалларыттан киэн тутуннубут.

Анал байыаннай дьайыы хонуутугар саа саадах тутан эйэлээх олох туһугар охсуһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн, биир санааннан салайтаран түмүстэхпитинэ, байыастарга күүстээх тыыл олохтоотохпутуна кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!

Гуманитарнай көмөнү хомуйарга кыттыспыт Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарыгар, биир күннээх хамнастарын пуондаҕа анаабыт бюджет үлэһиттэригэр кыайыыга кылааккыт иһин ис-сүрэхтэн махтанабыт.

2024 сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.

Иннибит хоту бары бииргэ! Түмсүүннэн - кыайыыга!


#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

T.me/ValeriNikolaev
Олоҥхо дьиэтигэр бүгүн Хомус күнүгэр анаан ыытыллыбыт хомусчуттар күрэхтэрин кылаан кыайыылааҕа Валентин Петров буолла👏👏👏🥳🥳🥳15 тыһ.чуоккай маҕаһыын сертификатынан наҕараадаланна.Тэрийээччилэр норуот айымньытын киинэ.Дьүүллүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Кэнтик СК директора Арылхан Мойтохонов.Күрэх эппиэттээх тэрийээччитэ Айархаан бөлөх бастакы састаабын хомусчута,"Тобуруокап сиэннэрэ" этно-фольклорнай бөлөх салайааччыта Николай Борисов.
Ахсынньы 13 күнүгэр ❄️

Үҥкүү абылаҥнаах эйгэтин сүгүрүйээччилэр,
Үөhээ Бүлүү улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара! ☺️

📍Н.И. Бойлохов аатынан Үөhээ Бүлүү искусство оскуолатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы фестиваал лауреата, Гран-При хаһаайына
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет «УРАН» үҥкүү бөлөҕө 💃🏻

«Биир күн - Биир түhүлгэ!» үҥкүү улахан кэнсиэригэр ыҥырар! 🤩👏🏻

• Төрүт үҥкүүттэн саҕалаан, төрүт ырыа-тойук, сахалыы тыас-уус, аныгы тэтимнээх хамсаныылаах үҥкүүлэрдээх алыптаах киэһэҕэ күүтэбит!

🕖 Саҕаланар: 19:00 чаастан
🎫 Билиэт сыаната: 500 солк.

• Билиэттэр Н.И. Бойлохов аатынан Үөhээ Бүлүү искусство оскуолатын каассатыгар атыыланаллар.
• Билсэр нүөмэргит: +7(914)233-64-95

Кыhыҥҥы чаҕыл киэһэни эдэр саас, устудьуон кэрэ кэмнэрин ыччатын кытары бииргэ атаар! ❤️ Пожалуйста репост
"Ыал - олох төрдө" улуустааҕы дьиэ кэргэн форумугар "Плечом к плечу" диэн анал байыаннай дьайыы дьиэ кэргэттэригэр анаммыт секцияҕа Үөһээ Бүлүүтээҕи авиапорт салайааччыта Иванов Дмитрий Дмитриевич анал байыаннай дьайыы зонатыгар делегация гуманитарнай сырыытын туһунан сырдатта.

Дмитрий Дмитриевич уотпускатын кэмигэр гуманитарнай сырыы делегациятыгар кыттыһар баҕатын этинэн, айанын бэйэтэ уйунан үһүс сырыыга барсыбыта.

Дмитрий Дмитриевич анал байыаннай дьайыы сиригэр элбэх билэр дьонун, ол иһигэр бэйэтин төрөппүт уолун көрсүбүт. Гуманитарнай сырыыга көрсүбүт ыарахаттары, мэһэйдэри кэпсээтэ. "Байыастар настырыанньалара бойобуой, таҥастара-саптара ыраас, чинчис, блиндаждара сылаас, ыраас, хамнастара кэмигэр кэлэ турар эбит", - диэн үллэһиннэ.

Анал байыаннай дьайыы сиригэр аныгыс гуманитарнай сырыыга нэһилиэк баһылыктара барсаллара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. "Уолаттар ордук кэтэһэр түгэннэрэ - дойдуларын сонунун истээһин", - диэн чуолаан эттэ. Бары байыастар биир дойдулаах дьонноро хайдах олороллорун, күннээҕи сонуннарын олус кэтэһэллэрин бэлиэтии көрбүт. Онон аныгыс сырыыга нэһилиэк баһылыктара барсан биир дойдулаах уолаттарын кытта көрсөллөрө олус улахан суолталаах.

Түмүккэ, бүгүҥҥү форумҥа ылыллар резолюцияҕа СВО зонатыгар Үөһээ Бүлүүттэн бэрэстэбиитэл баар буоларын туруорсарга этии киллэрдэ. Биһиги улууспут бэрэстэбиитэлэ СВО зонатыгар опорнай пууҥҥа үлэлиир түгэнигэр, биһиги биир дойдулаах байыастарбыт харысхаллаах буолалларыгар, кыһалҕаларын миэстэтигэр быһаарарга улахан көмө буолуо этэ диэн этиннэ.

#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM

#Ыҥырыы

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Үөһээ Бүлүү улууһун "Ыал-олох төрдө" форумун кыттыылаахтара!

Өбүгэ удьуорун ситимниир,
Саха норуотун кэскилин түстүүр
Россия үрдүнэн соҕотох Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин Константин Спиридонович Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинигэр, хас биирдии саха ыала, үөрүүлээх ыалдьыт буоларгытыгар ыҥырабыт!

#ЦентрНароднойПедагогики
#ФорумСемьи
#ВерхневилюйскийУлус
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
1964 с. уруһуйдаммыт Исиидэр Бараахап аатынан колхоз үлэһиттэрин хартыыналарын, 60 сыл кэриҥэ ааспытын кэннэ, саҥа тыын киллэрэн, тыыннааҕымсытан, Арассыыйа уонна Саха сирин худуоһунньуктарын союзтарын чилиэнэ, Ороһуттан төрүттээх кыыс, Кристина Новгородова (Гольдерова), 35 хартыынаны, Үөһээ Бүлүү улууһугар бэлэхтээтэ.
Дириҥ историялаах, колхоз үлэһиттэрин туһунан сырдатар художественнай выставкаҕа *Ороһу сынньалаҥ киинигэр* *ахсынньы ый 10 күнүттэн 20 күнүгэр* диэри , сарсыарда 10.00 ч. киэһэ 18.00 ч. диэри күндү ыалдьыттары, оскуола үөрэнээччилэрин күүтэбит.
Эһигини выставкаҕа үөрэ көрсүө уонна бу галерея историятын туһунан сиһилии кэпсээн сырдатыа, Ороһу орто оскуолатын учуутала, бырайыак салайаачыта Сардаана Николаевна Васильева.
*Киирии билиэт сыаната:* 200 солк., оҕолорго пушкинскай карта үлэлиир, билеттары бу сигэннэн https://widget.afisha.yandex.ru/w/venues/66303?clientKey=07bc5104-581a-456b-bd87-18800ad885b2&regionId=138855 киирэн аатыылаһыаххытын сөп.
🎞️🍿🎞️🍿🎞️Кинозал КиноВер *с 12 по 18 декабря* приглашает на следующие киносеансы:

13:30 *Три Кота Зимние каникулы* 0+
(приключение, семейный, Россия)
Вход 150 руб. оконч 14:50

15:00 *БАБА ЯГА СПАСАЕТ Новый год* 6+
(Фэнтези, комедия, Россия)
Вход 200 руб. оконч 16:50

17:00 *БЕЗМОЛВНОЕ БРАТСТВО* 18+
(триллер, драма, США)
Вход 200 руб. оконч 19:10

19:30 *МОЯ ДЕВОЧКА 18+*
(Триллер, драма,Саха)
Вход 200 руб. оконч 20:55

*РЕЖИМ РАБОТЫ ПОНЕДЕЛЬНИК ВЫХОДНОЙ ДЕНЬ*

*В будние дни касса работает с 10:30 в выходные дни 13:00*

Оплата картой и наличными💵💳

🍿🎞🍿🎞🍿🎞🍿🎞
Информацию о наличии билетов и о времени сеансов можете уточнить по номеру ☎️8(41133)4-17-30


ПРИЯТНОГО ПРОСМОТРА!🤗
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Күндү Үөһээ Бүлүүлэр! 📣📣📣Ахсынньы 18 күнүгэр Олоҥхо дьиэтигэр, киэһэ 18.00 чаастан доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадаларын иитинэн ыытыллар " *ҮӨРҮӨХХЭ, КЭРЭНИ ТУОЙУОХХА* !" 💫💫💫талба талааннаах, күүстээх санаалаах дьоммут саҥа дьылы көрсөр эҕэрдэ кэнсиэртэригэр 💃🏻🕺🏼 🎤 сэргэх сэҥээрээччи буола кэлэргитин долгуйа күүтэбит. 🤗🤗🤗Киирии билиэт сыаната: 200 солк.
Forwarded from НВК САХА
⭐️«Үрдэл-2024. Куоластааһын»:

🎵«ЫТЫК ДОЙДУМ»
🎤ИВАН ЛАВРЕНТЬЕВ


Дьулустаан Толстяков тыллара, Николай Уваров мелодията, Владислав Петров аранжировката, ПОНСАШ устуута, оҥоруута

СҮРЭҔИ БАТТААН КУОЛАСТАА
❤️👇🏻

@nvk_sakha
🎞️🍿🎞️🍿🎞️Кинозал КиноВер *с 19 по 25 декабря* приглашает на следующие киносеансы:

12:00 *БАБА ЯГА СПАСАЕТ Новый год* 6+
(Фэнтези, комедия, Россия)
Вход 200 руб. оконч 13:50

14:00 *Три Кота Зимние каникулы* 0+
(приключение, семейный, Россия)
Вход 150 руб. оконч 15:20

15:40 *ДОМОВЕНОК КУЗЯ* 6+
(фильм сказка, Россия)
Вход 200 руб. оконч 17:20

17:30 *АПТААХ ДОРҔООН* 6+
(Фэнтези, детский фильм, Саха)
Вход 200 руб. оконч 18:45

19:00 *ЁЛКИ 11* 16+
( Комедия, Россия )
Вход 200 руб. оконч 20:50

*РЕЖИМ РАБОТЫ ПОНЕДЕЛЬНИК ВЫХОДНОЙ ДЕНЬ*

*В будние дни касса работает с 10:30 в выходные дни 11:30*

Оплата картой и наличными💵💳

🍿🎞🍿🎞🍿🎞🍿🎞
Информацию о наличии билетов и о времени сеансов можете уточнить по номеру ☎️8(41133)4-17-30


ПРИЯТНОГО ПРОСМОТРА!🤗
Күндү ааҕааччыларбыт! 2025 сылга ТОЛОРУ суруттарбыт уонна ахсынньы устата суруппут дьон АХСЫННЬЫ 26 күнүгэр диэри квитанциялары хаартыскаҕа түһэрэн 89148205343 нүөмэргэ ватсаабынан ыытаргытын күүтэбит!
Сегодня расскажу о новых экспонатах Историко-этнографического музея «Чап Уустара», который находится в с. Кэнтик Верхневилюйского улуса.

Это счетные жетоны XVII-XVIII веков, отчеканенные в Германии в г. Нюрнберг. Их нашли члены экспедиции «По тропам алаасов» в сентябре 2024 года в местностях Бэс Үрэх и Кууну.

Вот уже четвертый год сотрудники музея участвуют в совместном социокультурном проекте, участниками которого являются учителя и школьники, кузнецы, мастера народных промыслов, сотрудник библиотеки, научные работники.

Научно-поисковые экспедиции «По тропам алаасов» отправляются летом и осенью с целью изучения родного края и поиска новых экспонатов для музея.

Первый жетон. Год выпуска: 1737-1760, стоимость: 1 Rechenpfennig (0.01), состав: латунь, масса 1 g, диаметр 19.2 mm, форма: круглая, техника: чеканка, выведено из обращения.
Аверс.  Кирасирский бюст, обращенный вправо. Надпись: Латынь : LVD XV D G FR E N REX. Реверс. Корабль слева. Надпись: Латынь IOH.ADAM VOGEL RE PF  Полнаялегенда: Johann Adam Vogel Rechen Pfennig  Гравёр: JohannAdam Vogel.  Монетный двор  Nuremberg, Германия.
Второй жетон. Это не просто жетон, а достаточно точное подражание французской золотой монете, очень популярной в XVII-XVIII веках - луидору. На аверсе - погрудныйпрофильный мужской портрет влево. По окружности легенда : «LUD·XIV·D·G·FR·ET·NAV·REX·» («Людовик XIV Божьей милостью Франции и Наварры король»). На реверсе : французский геральдический щит с тремя лилиями под королевской короной по кругу легенда с именем выпустившего жетон медальера «CONRAD LAUFFERS (Конрад Лауфер) RECHEN PFENING». Удивительно , что жетоны этого мастера добрались до нашего Крайнего Севера. Время изготовления жетонов - конец XVI – первая половина XVII века. Подобные жетоны довольно широко представлены в материалах из раскопок на Чулыме. Счетный жетон Лауфера известен в одном из погребений кочевников в Забайкалье, найдены эти предметы и на русских памятниках в Западной Сибири – на острове Фаддея и в Мангазее.

Теперь эти жетоны вы сможете увидеть в историко-этнографическом музее «Чап Уустара».

https://www.group-telegram.com/afanasiy_noev
Бүгүн биһиги Үөһээ Бүлүүбүт улууһа үрдүк ситиһиилэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрбит суол оҥоруутун куонкурсугар биэс бырайыагынан кыттыбыппытыттан үс бырайыакпыт кыайыылаах буолла.

Ол курдук Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр
Ленина уулусса өрөмүөнүгэр 206,6 мөлүйүөн солкуойбай көрүлүннэ.

Ороһу нэһилиэгэр Сэбиэскэй уонна Центральнай уулуссалар өрөмүөннэригэр 41,4 мөлүйүөн солкуобай.

Нам нэһилиэгэр А. Федоров уонна Мухоплев уулуссалар өрөмүөннэригэр 3,9 мөл. сууммалаах үбүлээһинин государственнай бюджетыттан көрүллэрин ситистибит.
Кэлэр саҥа 2025 сылга ситиһиилээх үлэни баҕарабын!
2025/01/10 01:54:12
Back to Top
HTML Embed Code: