Telegram Group & Telegram Channel
2024 сыл бүтэһик үлэ күнүн Майаҕа атаардым. Ол курдук, Ил Дархан Майаҕа сырыытын Сэбиэскэй Сойуус геройа Федор Попов пааматынньыгар сибэкки уурууттан саҕалаата.

Онтон салгыы Айсен Николаев хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн саҥа таас дьиэҕэ киирээччилэргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэ күлүүһүн туттаран, хас да ыалга сабыс-саҥа, сып-сырдык кыбартыыраҕа Саҥа дьылы көрсөр дьол тосхойдо. Кинилэр тыа сиригэр аан бастакы 7 этээстээх, лифтаах дьиэ хаһаайыттарынан буоллулар. Ону тэҥэ саҥа тутуллубут 7,5 тыһ. тахса кв.м. иэннээх сэттэ этээстээх дьиэ - илин эҥэр улуустарга бастакы улахан тутуу. Тутуу бэдэрээтчитэ – олохтоох хампаанньа «Мегинострой» буолар.

11.00 чаастан Айсен Сергеевич Улуу Кыайыы 80 сылын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр бөлөҕүн мунньаҕын салайан ыытта.

Сылы түмүктүүр «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриибит Майатааҕы Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ уһулунна. Биэриини ахсынньы 30 күнүгэр НВК «Саха» ханаалга көрөргүтүгэр уонна «Тэтим - Саха араадьыйатыгар» истэргитигэр ыҥырабын.

Сыл бүтэһик үлэ күнүгэр өрөспүүбүлүкэ суолталаах улахан тэрээһиннэр төрөөбүт дойдубар буолбуттарыттан сүргэм көтөҕүлүннэ, Мэҥэбит сирэ кэскиллээх, сайдыылаах буола турдун! Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан күндү биир дойдулаахтарбын эҕэрдэлиибин! Хас биирдиигитигэр или-эйэни, дьолу-соргуну баҕарабын!

group-telegram.com/Olegmarkov8/903
Create:
Last Update:

BY ОЛЕГ МАРКОВ

Share with your friend now:
group-telegram.com/Olegmarkov8/903

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Telegram does offer end-to-end encrypted communications through Secret Chats, but this is not the default setting. Standard conversations use the MTProto method, enabling server-client encryption but with them stored on the server for ease-of-access. This makes using Telegram across multiple devices simple, but also means that the regular Telegram chats you’re having with folks are not as secure as you may believe. But Telegram says people want to keep their chat history when they get a new phone, and they like having a data backup that will sync their chats across multiple devices. And that is why they let people choose whether they want their messages to be encrypted or not. When not turned on, though, chats are stored on Telegram's services, which are scattered throughout the world. But it has "disclosed 0 bytes of user data to third parties, including governments," Telegram states on its website. As a result, the pandemic saw many newcomers to Telegram, including prominent anti-vaccine activists who used the app's hands-off approach to share false information on shots, a study from the Institute for Strategic Dialogue shows. Lastly, the web previews of t.me links have been given a new look, adding chat backgrounds and design elements from the fully-features Telegram Web client. Ukrainian forces have since put up a strong resistance to the Russian troops amid the war that has left hundreds of Ukrainian civilians, including children, dead, according to the United Nations. Ukrainian and international officials have accused Russia of targeting civilian populations with shelling and bombardments.
from ms

Telegram ОЛЕГ МАРКОВ
FROM American