Telegram Group & Telegram Channel
🚗 Дьиэ кэргэнинэн оҥоһуллубут оонньуурдары кырачааннарга бэлэх туттардылар

🎄 Майа сэлиэнньэтигэр баар «Наадалаах маллар» уонна «Глянец» диэн маҕаһыыннардаах урбаанньыт Инна Лукина бу күннэргэ, киһи барыта күүтэр алыптаах бырааһынньыга чугаһаабытынан, Саҥа дьыллааҕы бастыҥ харыйа оонньууругар куонкурус-аахсыйа биллэрбитэ. Онуоха куонкуруска киирэр оонньуурдар илиинэн оҥоһук буолаллара сүрүн ирдэбил быһыытынан турбута.  

🎁 Инна Андреевна аахсыйаҕа барыта 51 оҥоһук киирэн, Майа олохтоохторо олус көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр диир. Манна үксүн оҕолор дьиэ кэргэнинэн көмөлөөн баайыы, сымнаҕас таҥастан тигэн, хортуоҥкаттан, мастан, пластмастан, туойтан чочуйан, араастаан дьэрэкээнник киэргэтэн, ону тэҥэ оҕо өйүн, толкуйун сайыннарар, киһи эрэ сөҕүөх, хайгыах оонньуурдарын оҥорбуттар. Бу киирбит үлэлэртэн саамай сиэдэрэйдэрэ буолаарай диэн 16 оонньууру талан, бэлэх сэртипикээттэри олохтообуттар.

🔴 «Глянец» маҕаһыыҥҥа бастыҥынан ааттаммыт оонньуурдар уран тарбахтаах ааптардарыгар бу туоһу суруктары урбаанньыт Инна Лукина туттарда. Онтон салгыы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр улуустааҕы кииҥҥэ тиийэн, манна сылдьар оҕолорго хас биирдиилэригэр Саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэхтэри, куонкуруска киирбит оонньуурдары итиэннэ кииҥҥэ анаан эмиэ дьоһун бэлэхтэрин туттардылар.

🎄 Кырачааннар өтөрүнэн туппатах элбэх араас бэлэхтэрин тутан харахтара чаҕылыстылар, олуһун үөрэн, махтанан-баһыыбалаан, "өссө да кэлээриҥ" дии хааллылар.
Үлэлээбитэ иккис сылыгар барбыт маҕаһыыннар мэлдьи маннык үтүө санаа аахсыйаларын ыытар үгэһи тутуһаллара хайҕаллаах суол.

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/ulusmedia/97718
Create:
Last Update:

BY Улус.Медиа | Новости Якутии

Share with your friend now:
group-telegram.com/ulusmedia/97718

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

In the United States, Telegram's lower public profile has helped it mostly avoid high level scrutiny from Congress, but it has not gone unnoticed. "The inflation fire was already hot and now with war-driven inflation added to the mix, it will grow even hotter, setting off a scramble by the world’s central banks to pull back their stimulus earlier than expected," Chris Rupkey, chief economist at FWDBONDS, wrote in an email. "A spike in inflation rates has preceded economic recessions historically and this time prices have soared to levels that once again pose a threat to growth." "Your messages about the movement of the enemy through the official chatbot … bring new trophies every day," the government agency tweeted. "We as Ukrainians believe that the truth is on our side, whether it's truth that you're proclaiming about the war and everything else, why would you want to hide it?," he said. Telegram boasts 500 million users, who share information individually and in groups in relative security. But Telegram's use as a one-way broadcast channel — which followers can join but not reply to — means content from inauthentic accounts can easily reach large, captive and eager audiences.
from ms

Telegram Улус.Медиа | Новости Якутии
FROM American