Warning: mkdir(): No space left on device in /var/www/group-telegram/post.php on line 37

Warning: file_put_contents(aCache/aDaily/post/uamurusahargata/-41539-41540-41541-41542-41543-41544-41545-41546-41547-41548-41539-): Failed to open stream: No such file or directory in /var/www/group-telegram/post.php on line 50
УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата" | Telegram Webview: uamurusahargata/41548 -
Telegram Group & Telegram Channel
👏Бүгүн 2024 сыл түмүгүнэн Мындааба бөһүөлэгин спортсменнарын чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

Спортсменнарга сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн ситиспит бастыҥ көрдөрүүлэрин, үрдүк ситиһиилэрин бэлиэтээн туран, нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан грамоталар, махтал суруктар туттарылыннылар.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, Мүрү нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай спартакиадаҕа, Мындааба хамаандата бочуоттаах 🥈миэстэни ылары ситиспитэ👍👏

Үөрүүлээх күҥҥэ Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев, Мындаба бөһүөлэгин сүрүннүүр специалиһа Валериан Дегтярев, ону тэҥэ түөлбэ салайааччыта Саргылана Готовцева, "Мындаба" ТОС салайааччыта Владимир Дьяконов, депутаттар Лилия Турантаева, Иван Иванов эҕэрдэ тылларын эттилэр, күрэхтэһиилэргэ умнуллубат чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээбиттэрин бэлиэтээн туран, махтал суруктары кытта сэмэй бэлэхтэри туттардылар

Маны таһынан куруутун күүс көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар, тэрилтэ салайааччыларыгар Наталья Сивцеваҕа, Туяра Готовцеваҕа, Семен Охлопковка, Наталья Портнягинаҕа махтал суруктар туттарылыннылар.

Түөлбэ араас тэрээһиннэригэр, күрэстэригэр, субуотунньуктарга да буоллун тэҥҥэ сылдьыһар, күүс-көмө буолар убаастыыр киһибитигэр, бэтэрээммитигэр Матрена Заболоцкаяҕа ааспыт үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, сибэкки дьөрбөтүн кытта сэмэй бэлэҕи туттардылар.

Тэрээһиммитин талааннаах ырыаһыттарбыт Анастасия Кириллова, Елизавета Черкашина, Елена Протопопова, Ирина Иванова киэргэттилэр.

Күндү спортсменнарбыт, куруутун да бу курдук иннигит хоту үрдүк чыпчааллары дабайа, саҥа үрдэллэргэ, саҥа кыайыыларга тахсан иһэргитигэр баҕарабыт. Мындаабабыт туһугар бары биир сомоҕо буолан үлэлиэххэ-хамсыахха, сайдыыны түстүөххэ!

✍️Саргылана Готовцева, "Мындааба" түөлбэ салайааччыта

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/uamurusahargata/41548
Create:
Last Update:

BY УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uamurusahargata/41548

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

"There are a lot of things that Telegram could have been doing this whole time. And they know exactly what they are and they've chosen not to do them. That's why I don't trust them," she said. The regulator took order for the search and seizure operation from Judge Purushottam B Jadhav, Sebi Special Judge / Additional Sessions Judge. The account, "War on Fakes," was created on February 24, the same day Russian President Vladimir Putin announced a "special military operation" and troops began invading Ukraine. The page is rife with disinformation, according to The Atlantic Council's Digital Forensic Research Lab, which studies digital extremism and published a report examining the channel. This ability to mix the public and the private, as well as the ability to use bots to engage with users has proved to be problematic. In early 2021, a database selling phone numbers pulled from Facebook was selling numbers for $20 per lookup. Similarly, security researchers found a network of deepfake bots on the platform that were generating images of people submitted by users to create non-consensual imagery, some of which involved children. Oleksandra Matviichuk, a Kyiv-based lawyer and head of the Center for Civil Liberties, called Durov’s position "very weak," and urged concrete improvements.
from nl

Telegram УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
FROM American