Telegram Group Search
👍 Уус Алданнааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин кэлим киинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аныгы тэриллэргэ сахалыы суруй!» аахсыйаҕа кыттан, олунньу устата оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах ытык дьоҥҥо тиийэ төлөпүөннэригэр сахалыы аттарыыны туруоруналларыгар сүбэлиир, көҕүлүүр, көмөлөһө үлэтин тэрийэн ыытта.

Онно барыта 350-ча киһи хабылынна. Ордук көхтөөхтүк стационарнай отделение үлэһиттэрэ кытыннылар. Кинилэр ый устата холбоон 130 оҕону уонна 177 улахан киһини хаптылар.

Сиһилии уопсас. кэрэсп. Светлана Бурцева
⤵️
БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫 Кулун тутар 2 күнэ

Хой

Соһуччу көрсүһүү, билсиһии күүтэр. Уларыйыыга бэлэм буол.

Оҕус

Күүһүрэҕин, айар баҕаҥ улаатар. Ону кэскиллээх дьыалаҕа туһан.

Игирэлэр

Үп-харчы өттүгэр ыгыллыы баар. Боппуруос бэйэтэ быһаарыллыа.

Рак

Өрө көтөҕүллүүгүн сыһыаны тупсарыыга, бэйэ сайдыытыгар туһан.

Хахай

Таһаарыылаах күн. Эппиэтинэһи бэйэҕэр ылартан куттаныма.

Кыыс

Баары баарынан ылыныаххын наада. Түмүгү көрө охсорго, быһаарынарга ыксаама.

Ыйааһын

Суолталаах дьыаланы, мөккүөрдээх боппуруоһу быһаарарга күүс, кыах толору баар.

Скорпион

Соһуччу тургутуу көрсүөн сөп даҕаны, быһаарбытыҥ эрэ баар буолуоҕа.

Охчут

Көхтөөх күн. Олоххо баҕаҥ саҥа кыахтары арыйыа.

Чубуку

Уу нуһараҥ олоҕу баҕараҕын. Уһун болдьохтоох үлэҕэ сыаллан.

Күрүлгэн

Саҥа санаа киирэр, сонун суол көстөр. Саҥаны саҕалыыртан куттаныма.

Балыктар

Сэрэйэриҥ күүһүрбүт. Бэйэҕэр эрэн, ону тэҥэ үлэ хамсаныыны эрэйэрин умнума.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📆Кулун тутар 2 күнэ. Өрөбүл күн

🤌 Бэҕэһээ да тыаллаах күн буолла. Кубулҕаттаах кулун тутар ый кэлбитин биллэрдэ. Сааскы хахсаат саҕаланнаҕа.

☁️Бүгүн сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 31 кыраадыс тымныы буолбут. Күнүс 26-28 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Арҕааттан сөкүүндэҕэ 3 м түргэннээхтик үрэр тыаллаах былыттаах күн.

☝️Кулун тутар ыйбыт тохсунньуну, олунньуну батыһар буолла. Бастакы уон күнэ тымныйар чинчилээх. Мас хаара хайыы-үйэ түспүт. Тибии хаары чиҥэтэн эрэр. Онон уу да кэллэҕинэ соһуйбаппыт буолуо.

✍️Афанасий Сектяев

Мария Оготоева. Дьокуускай

@uamurusagargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

💥 Бүгүн кулун тутар 2⃣ күнэ – Испиискэ аан дойдутааҕы күнэ.

💥''Испиискэ'' диэн тыл былыргы нуучча ''спица'' диэн тылыттан тахсыбыт. ''Уһуктаах мас тырыыҥка'' диэн суолталаах.

💥 Испиискэ хас да сүүһүнэн сылларга киһи аймах биир наадалаах малынан буолар. Аныгы үйэҕэ уоту ылар ньыма элбэҕин үрдүнэн дьон испиискэни син биир туохха да биэрбэт.

💥1805 сыллаахха Жан Шапсель диэн француз хиимигэ сиэрэлээх, бертолетовай туустаах төбөлөөх мас тырыыҥканы көрдөрүөҕүттэн испиискэ баар буолбут диэн сабаҕалааһын баар.

💥 Россияҕа
фосфордаах испиискэни оҥоруу быһа холоон 1830 с. саҕаламмыта. 1848 с. дойдуга 30-тан тахса испиискэ фабриката үлэлиир буолбута. Ол эрээри, испиискэни атыылааһын Москубаҕа уонна Санкт-Петербурга эрэ көҥүллэнэрэ. Онон атыы бытааран ылбыта. Ити боппуруос 20 эрэ сылынан быһаарыллыбыта. Билигин испиискэ сир аайы көҥүл атыыга баар.

💥 Испиискэ уота соһуччу күлүм гынар суоһу, ис күүһү, кыаҕы кэрэһилиир.

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👏👏👏 Найахы народнай хорун төрүттээччи Семен Гаврильевич Васильев төрөөбүтэ 95 сылыгар ананар.

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🎖 Россия Геройа Андрей Григорьевы – уус алданнар күтүөппүтүн – Суоттуга үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр. Андрей Николаевич-Тута ийэтиниин Ольга Егоровналыын, кэргэниниин Октябрина Дмитриевналыын биэс оҕолорун илдьэ кэлэн күндү ыалдьыт буоллулар.

Кинилэр Суотту орто оскуолатын эркинигэр Уус Алдан Геройдарын стендэтин үөрүүлээх арыллыытыгар кытыннылар, итиэннэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт стендэни билистилэр. Салгыы оскуола саалатыгар хорсун геройу кытта оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэнньэ көрүстүлэр.

Россия Геройа мустубут дьоҥҥо үгүһү сэһэргээтэ, үүнэр кэнчээри ыччакка сахабыт тылын умнумаҥ, саха буоларгытынан киэн туттуҥ диэн хаста да туһаайан эттэ. Оттон ийэтэ Ольга Васильева хорсун, күүстээх санаалаах геройу иитэн таһаарыым кистэлэҥин үлэнэн ииппиппэр көрөбүн диэтэ.

📹 Мария Аргунова

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
2025/03/02 03:13:28
Back to Top
HTML Embed Code: