Telegram Group & Telegram Channel
#тутуу

⭐️ "Тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы" СӨ сокуонугар олоҕурбут бырагыраама чэрчитинэн Интернациональнай уулусса 5 "а" нүөмэрдээх аадырыһыгар тутуллубут толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ 4 квартира күлүүһүн туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Улуус баһылыга Валерий Николаев 2024 сыл ахсынньы 16 күнүгэр таһаарбыт 669 нүөмэрдээх дьаһалынан 4 ыччат саҥа дьиэ күлүүстэрин туттуллар.

"Дьиэ диэн олоххо чиҥник үктэнии, үлэлииргэ-үөрэнэргэ саамай тирэх буолар улахан көмө. Кэлэр сылларга тулаайах оҕолору хаачыстыбалаах таас дьиэлэринэн эрэ хааччыйыахтаахпыт диэн сыал-сорук турар. Саҥа дьиэҕэ киирбит ыччаттар ыал буолан, үлэлээн-хамсаан дьол уйата оҥостуҥ", - диэн Валерий Валерьевич эҕэрдэ тылын анаата.

Сорохтор кэккэ биричиинэнэн улууска суох буоланнар, күлүүстэрин эппиэтинэскэ илдьэ сылдьар опекуннара дэбиэринэс нөҥүө туттулар.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов күлүүс туппут оҕолору "ПМК" түөлбэтин олохтоохторо буолбуттарынан эҕэрдэлээн туран баһылык Максим Силигиянов аатыттан эҕэрдэ суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.

Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев куораттыы тииптээх саҥа таас дьиэ турар түөлбэ олохтоохторо буолан, ыаллыы дьону кытта иллээхтик-эйэлээхтик, ыраастык туттан, чэбэрдик дьаһанан олороллоругар баҕа санаатын эттэ.

Күлүүс туппут оҕолор ааттарыттан улуус мунньаҕын депутата Родион Егоров тыл этэригэр: "Икки оҕону опекаҕа ылан көрөн улаатыннардыбыт. Уол номнуо улахан киһи, кыыспыт 23 сааһа буолла. Кыыспыт ПМК-быттан ханна да барыам суоҕа диэбит баҕа санаата туолан, бүгүн саҥа дьиэ күлүүһүн тутан, ПМК олохтооҕо буолбутуттан олус үөрдүбүт. Саха сиригэр олус үчүгэй бырагыраама үлэлээн, тулаайах оҕолорго толору хааччыллыылаах хастыы эмэ мөлүйүөннээх дьиэлэри биэрэллэрэ туох да дьоһуннаах дьыала. Ким кинилэри дьиэлиэ этэй?! Этэҥҥэ ыал-күүс буолан, дьоллоохтук олордуннар диэн алҕаатаҕым буолуохтун", - диэтэ.

Бэдэрээччит - Дмитрий Тумусов салайааччылаах "Строймонтаж Комплект" хаарчахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэтэ сылаас, сырдык, олус хаачыстыбалаахтык тутуллубут дьиэҕэ күлүүстэрин ылбыт ыччат дьон сотору кэминэн көһүөхтэрэ, саҥа сылы саҥа дьиэҕэ көрсүөхтэрэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/uoheebuluu/30337
Create:
Last Update:

BY Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

Share with your friend now:
group-telegram.com/uoheebuluu/30337

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Stocks closed in the red Friday as investors weighed upbeat remarks from Russian President Vladimir Putin about diplomatic discussions with Ukraine against a weaker-than-expected print on U.S. consumer sentiment. One thing that Telegram now offers to all users is the ability to “disappear” messages or set remote deletion deadlines. That enables users to have much more control over how long people can access what you’re sending them. Given that Russian law enforcement officials are reportedly (via Insider) stopping people in the street and demanding to read their text messages, this could be vital to protect individuals from reprisals. Now safely in France with his spouse and three of his children, Kliuchnikov scrolls through Telegram to learn about the devastation happening in his home country. Investors took profits on Friday while they could ahead of the weekend, explained Tom Essaye, founder of Sevens Report Research. Saturday and Sunday could easily bring unfortunate news on the war front—and traders would rather be able to sell any recent winnings at Friday’s earlier prices than wait for a potentially lower price at Monday’s open. "The inflation fire was already hot and now with war-driven inflation added to the mix, it will grow even hotter, setting off a scramble by the world’s central banks to pull back their stimulus earlier than expected," Chris Rupkey, chief economist at FWDBONDS, wrote in an email. "A spike in inflation rates has preceded economic recessions historically and this time prices have soared to levels that once again pose a threat to growth."
from nl

Telegram Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
FROM American