Telegram Group & Telegram Channel
Дойду Президиэнэ Владимир Путин быһа биэриитин көрдүм. Президент биэриигэ 4 час 27 мүнүүтэ нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыыларга эппиэттээтэ.

Президент сүрүн этиилэрин улууспут олохтоохторугар анаан сахалыы тылбаастаан суруйа олорон, Владимир Путин этиилэрин сахалыы тыыннаан, сахалыы өйдөөн быдан чугастык ылынан иһиттим.

Дойдубут Президиэнэ чахчы Аан Дойду үрдүгэр саамай күүстээх, бастыҥ Лидер буоларын өссө төгүл көрдөрдө. Хас биирдии киирбит ыйытыыга ис сүрэҕиттэн аһаҕастык уонна дьоҥҥо тиийимтиэтик быһааран толору эппиэти дьоҥҥо биэрдэ.

Быйылгы биэриигэ сүрүн таарыллыбыт хайысха - анал байыаннай дьайыы буолла. Анал байыаннай дьайыы тиэмпэтэ, туруга, кыттыылаахтара кэпсэтиигэ элбэхтэ таарылыннылар. Ол курдук, Владимир Владимирович Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһаайыллыбыт бырагырааммаларга уонна волонтердар үлэлэригэр болҕомтотун уурда.

Маны сэргэ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо төрөөһүнүгэр Президент элбэхтэ тохтоото. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба бары өттүнэн көмөлөһүөхтээҕин бэлиэтээтэ.

Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин модун Россиябыт туһугар сыралаах үлэтин, ылынар сөптөөх быһаарыныыларын бары өйөөн, түмсүүлээх буоллахпытына бары хайысхаҕа кыайыылаах тахсыахпыт.

Маннык күүстээх Президиэннээх буоламмыт эйэлээх халлаан олохтоноро ырааҕа суох эбит диэн эрэл кыыма умайда.

#Путин

T.me/no/ValeriNikolaev.com

group-telegram.com/ValeriNikolaev/2207
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
group-telegram.com/ValeriNikolaev/2207

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

"There is a significant risk of insider threat or hacking of Telegram systems that could expose all of these chats to the Russian government," said Eva Galperin with the Electronic Frontier Foundation, which has called for Telegram to improve its privacy practices. Again, in contrast to Facebook, Google and Twitter, Telegram's founder Pavel Durov runs his company in relative secrecy from Dubai. Elsewhere, version 8.6 of Telegram integrates the in-app camera option into the gallery, while a new navigation bar gives quick access to photos, files, location sharing, and more. In the United States, Telegram's lower public profile has helped it mostly avoid high level scrutiny from Congress, but it has not gone unnoticed. "Someone posing as a Ukrainian citizen just joins the chat and starts spreading misinformation, or gathers data, like the location of shelters," Tsekhanovska said, noting how false messages have urged Ukrainians to turn off their phones at a specific time of night, citing cybersafety.
from no

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American