Telegram Group & Telegram Channel
 
Иннокентий Тарбахов – Чөркөөх музейдарын попечителэ
Бу күннэргэ биһиги киэҥ туттар биир дойдулаахпыт,  омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр аспытын-үөлбүтүн аан дойдуга таһаарбыт, кэпсээбит, талба талааннаах асчыт, РФ маастар-повара, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан  Государственнай бириэмийэ лауреата Иннокентий Тарбахов төрөөбүтэ 80 сааһын общественность сүгүрүйэн туран  бэлиэтээтэ.
Тааттаттан анал делегация киирэн ытык мааны киһибитигэр Дьокуускай куоракка улахан тэрээһини, кэнсиэри тэрийсэн дириҥ ытыктабыл, барҕа махтал бэлиэтин көрдөрдүлэр. Бу күн республика уһулуччулаах асчытыгар 73,16 карат ыйааһыннаах кини аатынан анал алмаас таас куоппуйатын СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы С.В.Местников туттарда, маны сэргэ “Асчыт буолар” дьылҕам диэн документальнай киинэ презентацията ыытылынна.
 Онтон төрөөбүт дойдутугар Таатта музейдарыгар Иннокентий Иннокентьевич куруутун сылдьар, үлэһиттэрин кытары бииргэ алтыһар этэ. Ол курдук Чөркөөх музейын сотруднига Сардаана Аввакумова: “Иннокентий Тарбахов биһиги музейбыт доҕоро, попечителэ. Дойдутугар кэллэҕинэ биһиги музейбытын тумнубакка, оҕолорун кытта кэлэн хайаан да сылдьан, туох саҥа экспонат кэлбитин бэлиэтии көрөн, санаатын этэрэ. Биһиэхэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, олус сөбүлүүр, ытыктыыр салайааччыбыт Николай Ефимович Попов ыкса доҕоро. Николай Ефимович эппитин өйдөөн хаалбыппын: “Иннокентий Иннокентьевич “Сохраним памятники” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын биир саҕалааччыта буолар”, - диирэ. Онон түгэнинэн туһанан туран биһиги саха аатырбыт асчытын, музейбыт доҕорун бэлиэ үбүлүөйдээх сааһынан эҕэрдэлиибит”, - диэн санаатын үллэһиннэ.
Хас биирдии музей үлэһитэ фонданы хаҥатыыга сонордьут кэриэтэ. Уон сыл анараа өттүгэр  Николай Ефимович Попов саҥа үлэҕэ киирбит П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас музейа фондата хаҥыырыгар үгүс сыратын-сылбатын биэрбитэ. Судаарыстыбаннас музейын фондатын үлэһитэ Дария Кириллина бэлиэтээбитинэн: “2013 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги музейбытыгар Николай Ефимович Попов, Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховтан 75 устуука иһит-хомуос бэлэҕин аҕалан туттарбыта. Бу манна бааллар Россия бастакы Президенэ Б.Н.Ельцин Саха сиригэр  кэлэ сылдьан  аһаабыт иһиттэрэ, урукку кэмҥэ оҥоһуллубут сахалыы оһуордаах “Саха сирэ” уонна кэнники республика гербэлээх сервизтэри, мельхиор прибордары, Саха сирин салайааччыларын Г.И.Чиряев, Ю.Н.Прокопьев, Е.А.Борисов самовардарын, бэйэтэ Намҥа остолобуойга үлэлии сылдьан туттубут улахан самоварын бэлэхтээбитэ. Билигин музейбытыгар кэлэр ыалдьыттар бу иһиттэри, салайааччылар самовардарын олус сөбүлээн, сонургуу көрөллөр”.
Биир дойдулаахпытын, Тааттаттан тахсыбыт аартыгы арыйааччыны, Чөркөөх музейдарын аҕа табаарыһын, попечителин үбүлүөйдээх үтүө мааны күнүнэн үгүс үтүө эҕэрдэлэргэ кыттыһабыт.
С.Халгаева.
М.Васильева үбүлүөйдээх дьоро күнтэн хаартыскалара.

group-telegram.com/oyuns/1074
Create:
Last Update:

BY Музей государственности РС (Я) им.П.А.Ойунского

Warning: Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260

Share with your friend now:
group-telegram.com/oyuns/1074

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Although some channels have been removed, the curation process is considered opaque and insufficient by analysts. Additionally, investors are often instructed to deposit monies into personal bank accounts of individuals who claim to represent a legitimate entity, and/or into an unrelated corporate account. To lend credence and to lure unsuspecting victims, perpetrators usually claim that their entity and/or the investment schemes are approved by financial authorities. One thing that Telegram now offers to all users is the ability to “disappear” messages or set remote deletion deadlines. That enables users to have much more control over how long people can access what you’re sending them. Given that Russian law enforcement officials are reportedly (via Insider) stopping people in the street and demanding to read their text messages, this could be vital to protect individuals from reprisals. The channel appears to be part of the broader information war that has developed following Russia's invasion of Ukraine. The Kremlin has paid Russian TikTok influencers to push propaganda, according to a Vice News investigation, while ProPublica found that fake Russian fact check videos had been viewed over a million times on Telegram. Stocks closed in the red Friday as investors weighed upbeat remarks from Russian President Vladimir Putin about diplomatic discussions with Ukraine against a weaker-than-expected print on U.S. consumer sentiment.
from us

Telegram Музей государственности РС (Я) им.П.А.Ойунского
FROM American