Telegram Group & Telegram Channel
"Ыал - олох төрдө" улуустааҕы дьиэ кэргэн форумугар "Плечом к плечу" диэн анал байыаннай дьайыы дьиэ кэргэттэригэр анаммыт секцияҕа Үөһээ Бүлүүтээҕи авиапорт салайааччыта Иванов Дмитрий Дмитриевич анал байыаннай дьайыы зонатыгар делегация гуманитарнай сырыытын туһунан сырдатта.

Дмитрий Дмитриевич уотпускатын кэмигэр гуманитарнай сырыы делегациятыгар кыттыһар баҕатын этинэн, айанын бэйэтэ уйунан үһүс сырыыга барсыбыта.

Дмитрий Дмитриевич анал байыаннай дьайыы сиригэр элбэх билэр дьонун, ол иһигэр бэйэтин төрөппүт уолун көрсүбүт. Гуманитарнай сырыыга көрсүбүт ыарахаттары, мэһэйдэри кэпсээтэ. "Байыастар настырыанньалара бойобуой, таҥастара-саптара ыраас, чинчис, блиндаждара сылаас, ыраас, хамнастара кэмигэр кэлэ турар эбит", - диэн үллэһиннэ.

Анал байыаннай дьайыы сиригэр аныгыс гуманитарнай сырыыга нэһилиэк баһылыктара барсаллара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. "Уолаттар ордук кэтэһэр түгэннэрэ - дойдуларын сонунун истээһин", - диэн чуолаан эттэ. Бары байыастар биир дойдулаах дьонноро хайдах олороллорун, күннээҕи сонуннарын олус кэтэһэллэрин бэлиэтии көрбүт. Онон аныгыс сырыыга нэһилиэк баһылыктара барсан биир дойдулаах уолаттарын кытта көрсөллөрө олус улахан суолталаах.

Түмүккэ, бүгүҥҥү форумҥа ылыллар резолюцияҕа СВО зонатыгар Үөһээ Бүлүүттэн бэрэстэбиитэл баар буоларын туруорсарга этии киллэрдэ. Биһиги улууспут бэрэстэбиитэлэ СВО зонатыгар опорнай пууҥҥа үлэлиир түгэнигэр, биһиги биир дойдулаах байыастарбыт харысхаллаах буолалларыгар, кыһалҕаларын миэстэтигэр быһаарарга улахан көмө буолуо этэ диэн этиннэ.

#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.

group-telegram.com/mkudkidrverknevilyusk/939
Create:
Last Update:

BY МКУ "Департамент Культуры и Духовного развития" Верхневилюйского улуса

Share with your friend now:
group-telegram.com/mkudkidrverknevilyusk/939

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

It is unclear who runs the account, although Russia's official Ministry of Foreign Affairs Twitter account promoted the Telegram channel on Saturday and claimed it was operated by "a group of experts & journalists." Ukrainian President Volodymyr Zelensky said in a video message on Tuesday that Ukrainian forces "destroy the invaders wherever we can." In addition, Telegram now supports the use of third-party streaming tools like OBS Studio and XSplit to broadcast live video, allowing users to add overlays and multi-screen layouts for a more professional look. The Dow Jones Industrial Average fell 230 points, or 0.7%. Meanwhile, the S&P 500 and the Nasdaq Composite dropped 1.3% and 2.2%, respectively. All three indexes began the day with gains before selling off. The S&P 500 fell 1.3% to 4,204.36, and the Dow Jones Industrial Average was down 0.7% to 32,943.33. The Dow posted a fifth straight weekly loss — its longest losing streak since 2019. The Nasdaq Composite tumbled 2.2% to 12,843.81. Though all three indexes opened in the green, stocks took a turn after a new report showed U.S. consumer sentiment deteriorated more than expected in early March as consumers' inflation expectations soared to the highest since 1981.
from pl

Telegram МКУ "Департамент Культуры и Духовного развития" Верхневилюйского улуса
FROM American