2025 сыл сахаларга Иэйэхсит Хотун сыла диэтилэр.
Быһааралларынан, олох эргиирэ 12 сылга үллэһиллэр:
Бастакы сыл – Таҥха сыла.
Иккис сыл – Одун сыла.
Үһүс сыл – Дьөһөгөй сыла.
Төрдүс сыл – Айыыһыт сыла.
Бэһис сыл – Иэйэхсит сыла.
Алтыс сыл – Үрүҥ Айыы сыла.
Сэттис сыл – Буор сыла.
Ахсыс сыл – Аан Дьааһын сыла.
Тохсус сыл – Улуу Суорун сыла.
Онус сыл – Хотой Айыы сыла.
Уон биирис сыл – Байанай сыла.
Уон иккис сыл – Билгэ сыла.
Суоттааһын бигэргэтэринэн, быйыл бэһис сыл - Иэйэхсит сыла.
Үрүҥ аскыт дэлэччи буоллун, диэн туран Эдьиийбит кытыйа бэлэхтээтэ. Онно күөрчэх ытыйдым. Мындыр саха чочуйан айбыт иһитэ оҕо аймах сөбүлээн сиир "мартышкатын" начаас дагдаҥнатан кэбистэ. Билигин оҕолор туран үөрэ-көтө аһыахтара😋😋😋
Иэйэхсит Хотун саха олоҕун арчылаатын, алгыстаатын, көмүскээтин, харыстаатын, ил-эйэ тосхойдун❤️
#бэйэаһа #иэйэхситсыла

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Суораты сайын эрэ сииллэрин курдук өйдөбүллээҕим. Убайдарым оттоон кэлэн баран, сөрүүн суораты киллиргэччи иһээччилэр. Дьиҥэр, сайын үүт дэлэй буолан суораттаан эрдэхтэрэ.
Мин бэйэм суорат сиэбэппин, оҕо сылдьан сытыгар да турбат этим. Аһыыр остуолга суорат таммалаабыт буоллаҕына үөрэрим, ол аата иһит сууйбаппын😅 өссө саахарга сүөгэй таммалаппыт буолааччылар дии, ол күн эмиэ иһит сууйбаппын😅
Билигин бэйэм суоратчыт буолан эрэбин, эмиэ «үс сыл күүттэ"🫣
Аны 5 сылынан «суорат сиир буоллум» диэн суруйарым буоллар👍👏🏻
Суорат туһата элбэх буоллаҕа, сиэбит киһии дии саныыбын ээ🫢
#бэйэаһа #сахааһа #суорат!

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Анна Стручкова ахсынньы 9 күнүгэр буолбут мунньахха "Ягодоводство" салаатын хайдах үлэлэтэр сорук турарын эппитэ. Дьон отонноон туттаран, дохуот аахсар усулуобуйата сөпкө тэриллиэхтээх. Тустаах салайааччы этиитин звукка истиҥ 👆🏼👆🏼👆🏼
Отон диэни иһиттэхпинэ 2020 сылы саныыбын. Ферма, фермер, тыа хаһаайыстыбата, тыа сирэ, агробизнес, бизнес-былаан диэн тыллары дорҕоонноохтук саҥарар буолбутум. Тыа сирин олоҕун суруйар суруналыыс буоларым быһыытынан бу тиэмэ ордук чугаһа🤝📝📸💻
Салгыытын комментарийга ааҕыҥ🍒👩🏻🌾

Бүгүн атын ырысыабынан сыр оҥордум. Сарсыардаттан сорунан туран🧀🥣
Бастаан сэппэрээтэр үүтүн бөлөнүтэн (10 литр) иэдьэгэй оҥордум. Иэдьэгэйим киилэ аҥара курдук таҕыста. Өссө биирдэ бэлиэтиибин - ыаммытынан үүт буолбатах🤗
Иэдьэгэйбэр (творог) 5-тии грамм туус уонна сода, 50 грамм ынах арыыта, биир сымыыт куттум . Буккуйдум.
Салгыы иэдьэгэйим иһититтэн өссө улахан иһиккэ уу кутан оргуттум. Онно иэдьэгэйдээх иһиппин уктум уонна буккуйдум, биир маасса буола ууллуор диэри кыра уокка👍
Сыр да сыр буолбут, ыйааһынын бэрэбиэркэлээтибит - 460 грамм 😋😋😋
Хаартыскаҕа, видеоҕа көрүҥ. Ыйытыылаах буоллаххытына комментарийга суруйаарыҥ.
#бэйэаһа #үүтас

#күннэймааһа
Күнүм Күннэй мааһыттан саҕаланар☀️
Мааспынан соттубутум иккис ыйа. "Синдром привыкания" буолуом диэн, биир ый күүстээхтик соттон баран, ыалдьар эрэ кэмнэригэр уунахтанар буоллум.
Тоҥоноҕум ыарыыта лаппа чэпчээбитэ. Ол иһин тохтото сылдьан баран, ааспыт нэдиэлэттэн саҕалаан эмиэ соттон эрэбин. Тымныылар саҕана, төһө да таһырдьа чараастык сылдьыбатарбын, эмиэ ыалдьарын биллэрбитэ. Ол иһин соттубутум - этэҥҥэ курдук, эмиэ тоҥолохтотор, ону-маны көтөхтөрөр буолла.
Атаҕым ыарыыта ама, манна хас да факторы бэлиэтиэххэ сөп - саас эмп иһэ сылдьыбытым, күһүн Бурятияҕа санаторийга баран күүстээх реабилитация ааспытым, онтон бу Күннэй мааһа👍 Онон систиэмэлээхтик эмтэнии сүһүөхтэрбин, иҥиирдэрбин чэпчэппит буолуон сөп. Ыалым Ирина сыыдамсыйбыккын диир👍
Ааспыкка ыалдьыбат атаҕым эмискэ хам туппута. Ыксаан ыарыыны мүлүрүтэр эмп испитим. Доҕотторбор кэпсээбитим. Онно Томпоттон Светлана Охлопкова - Байаҕантай кыыһа Баай Барыылаах Баайаана билиннэ. Ол туспа кэпсээн.
Киэһэ суруйуом📝

Баай Барыылаах Баайааналыын куйаар нөҥүө алтыһыым☀️🛜
Сарсыарда атаҕым ыарыытыттан уһугуннум, хам ылбытын биллим, сиспиттэн тобукпар диэри. Ньиэрбэм кыбылынна быһыылаах, ким норуот ньыматын билэр диэн доҕотторум фермердар бөлөхтөрүгэр суруйан элэгэлдьиттим📝
Олордор да, туруорар да, сытыарар да кыах биэрбэт, ыарыы кытаанаҕа. Ыксаан кыра дозалаах ортофен истим, омеһы кытта. Куоракка суһаллык көрдөрө барарга диэн буолла🙃
Ол буола сырыттахпына Светлана-Баайаана эрийдэ уонна бастаан тугуҥ ыбылы туппутун быһаарыахха диэтэ🎯
1. Сиспэр "точкалары" баттатта. Ыалдьыбат. Нуорма, ньиэрбэ буотах эбит диэтэ👍
2. Кэннибэр укуол туруорар сиринэн баттаа диэтэ - абытай ыарыы, ыһыы-хаһыы. Лимфаҥ киртийбит эбит диир😌
Дьэ ол кэнниттэн "точкаларбын" ханан баалларын этэн, абытакайдаах биирдии мүнүүтэлээх батарыта баттаһыы, дьөлүтэ үүттээһин саҕаланна ээ.
Баайаанам этиитинэн көмөлөстө кэргэним🫶🏻
Аны сатаан таһынарга үөрэттэ, туочукаларынан👏🏻👍
Салгыытын комментарийга көр👀

Бүгүн суруналыыстар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар пресс-тур оҥордулар. Хорообукка, Чүүйэҕэ тиийдилэр. Мин эмиэ барыахтаах этим. Сүрэх баҕатын - сүһүөх уйбат. Кыаллыбатым.
Кэллиэгэм "Саха сирэ" хаһыат суруналыыһа Сайаана Львова кылгастык айантан билиһиннэрдэ.
Блогердары Панда Саханы уонна Масаха Мэхээһи көрсүбүттэрин кэпсээтэ. Масаха музей үлэтиттэн тохтоон, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарын иһитиннэрбит. "Саха сүөһүнү көрөр култууратынан аны дьарыктаныам", - диэбит.
Оннук, тыа сирин экономикатын сайыннардахпытына, онно ыччат дьон ылыстаҕына - саха сарсыҥҥыта түстэнэр буоллаҕа.
Эдэр дьон тыа сиригэр олохсуйан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннаран, олохтоох аһы-үөлү дэлэтэн, доруобай аһылыктаах, чөл куттаах норуот буолларбыт - ол буолуо этэ биһиги сомоҕо күүспүт, үүнэр көлүөнэҕэ тиксэрэр сүдү баайбыт, экономикабыт барҕарыыта.
Бэйэм олоҕум историята - куораттан дэриэбинэҕэ көһүү. Бастакы түһүмэҕин аастым. Салгыы сыал-сорук дьэҥкэ👍
#тыасирэ #гастротуризм

Бүгүн Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы Андрей Архипов Хоточчуга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары кытта көрүстэ.
Уларыйыыларга кэпсэтии барда. Кини эппитинэн кэтэх хаһаайыстыбаларга ыанар ынах төбөтүгэр субсидия хаалар уонна үүккэ субсидия кээмэйэ эбиллэр. Барыллаан суоттааһынынан 1 киилэ үүккэ 75 солк субсидия, онно соҕотуопкалааччы 15 солк эбэр.
Сылгыны чиптээһин, балбааҕы харайыы, сир боппуруостарыгар, онтон да атын хайысхаҕа бырагыраамалар тустарынан кэпсэттибит.
#тыасирэ #хаҥалас