Telegram Group Search
Кээпэрэтииптэри тэрийиҥ, холбоһуҥ, кыайыылаах буолуоххут дииллэр экспертэр пиэрмэрдэргэ.

2024 сылтан Россияҕа «Начинающий кооператив» грант үлэтин саҕалаата. Хас да региоҥҥа бастакы хардыы оҥоһулунна.

Грант субсидия быһыытынан бэриллэр,саҥа саҕалыыр кээпэрэтиип материальнай-техническай баазатын кэҥэтэригэр туһуланар. Сыала - оҥорон таһаарар бородууксуйата элбиэхтээх.

Сайаапка биэрээччи кээпэрэтиип тэриммитэ 12 ыйтан ордуо суохтаах, хаһаайыстыбата тыа сиригэр буолуохтаах. Грант суумата - 10 мөл солк диэри. Кээпэрэтиип утары уунар харчылаах буолуохтаах. Грант харчытын туһаҕа таһаарыы болдьоҕо – 2 сыл.

2025 сылга Саха сиригэр бу грант киирэрин күүтэллэр.

Соторутааҕыта «Кооперация в агробизнесе» семинар буолла. Москваттан эксперт, «Народная школа кооперации» салайааччыта Анатолий Коротаев кэлэн кэпсээтэ. Дохуот, ситиһиилээх экономическай практикалар, агроагрегатордар, табаары батарыы, бренд оҥоруу туһунан буолла, диэн кыттыбыт дьон кэпсээтэ.

#начинающийфермер #сельскоехозяйство #грант
Forwarded from НВК САХА
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын "Ис дьиҥминэн" биэриигэ сырдатабыт.

Биэриини сэтинньи 10 күнүгэр 17:00 чаастан НВК «Саха» ханаалга көрүҥ.

@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бу бэрэски😋 быйылгы идэһэ бастакы бэрэскитэ👍

Соседкам киирэ сырытта. Чэйдээтибит. «Үчүгэй баҕайы көрүҥнээх дии, бэйэҥ курдук", - диэтэ😂 Сөп ээ, саһарчы буспут, бөрү-бөскөҕөр, бөп-бөдөҥ🤭 Амтана өссө үчүгэй диэн буолла😋

Маннык бэрэски оҥоһулларыгар «целый процесс»😅

Идэһэ астанар - эт эриллэр - рис буһарыллар - тиэстэ мэһийиллэр - духовка холбонор - остуоруйаҕа курдук бэрэски хостонор☀️😅

Мин бүгүн эт эрийиитин туһунан суруйуом. Уратытык эрийэбиН(!) 🫣🤫 дьону сөхтөрүү🤔😂

- Буутта киллэрээр, эппитин эрийэн кэбиһиэхпит, - диэн буолар сарсыарда эрдэттэн🤗 Киллэрэр. Аһыыр остуолга уурдарабын.

- Эттээбэппин дуо?

- Суох, мин быһыта сотон эрийэрбин сөбүлүүбүн. Оннук ордук. Таба этин оннук астыырга үөрэммиппин. Былырыын эмиэ оннук эрийбитиМ дии.

- Чэ, буоллун даҕаны (күлэр).

Киэһэ аһылык кэннэ "процесс" саҕаланар. Сытыы быһаҕынан быһыта сотуталыы-сотуталыы эппин эрийбитинэн барабын. Электрическай эт эрийэр начаас элээрдэн иһэр👍

Салгыытын комментарийга суруйуом ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
Мин эмиэ муҥхалаабыттаахпын. Биирдэ эрэ❗️Ол кэннэ аккаас.

Эдэрбин. Ийэм бөһүөлэк муҥхата буолар, онно бар диэтэ. Халыҥнык таҥыннарда, куул туттарда, хонтуораҕа атааран кээстэ😌

Тиийдим. Киһи элбэх. Улахан массыына кэллэ. Онно олордубут. Күөлбүтүгэр тиийдибит. Чүөчэлэр, кыргыттар нырыылыыгыт диэтилэр. Мууһу дьөлбүт сирдэригэр ураҕаһы батары биэрэн, буккуйабыт, ыстаҥалыыбыт. Барыта хамаанданан.

Син балачча бириэмэ ааһыыта - муҥха хостооһуна буолла. Бу диэн өйдөөбөппүн төһө балык кэлбитин, арай балык аҕыйах, биирдии лаппаахы, үчүгэйдик уочараттаан туруҥ диэн хаһыытаатылар. Бастакы турааччыларга кутааһын саҕаланна, сотору соҕус - тиийиэ суох аҥардыынан кутуҥ диэн буолла. Этиһии саҕаланна, тоҕо миэхэ аҥара буолуохтааҕый диэн суоһурҕаннылар, быдьар тыл-өс этилиннэ😞

Мин куул тутан турарбыттан наһаа кыбыһынным. Ким да көрбөтөр ханнык диэн, куулбун кистии тутан, уочараттан тахсан бардым.

Наһаа хомойбутум айылҕа аһыгар, ийэ күөлбүт маанытыгар итинник хаҕыс сыһыантан😒

Муҥха диэтэхтэринэ маны эрэ саныыбын😏

#муҥха
Агростартап-2024 куонкуруска кыайыылаахтар ааттара билиннэ.

Бирикээс таҕыста

Эҕэрдэлиибин, тыа сиригэр бизнеһи сайыннарар баҕа санааҕыт олоххо киирдин, олохтоох бородууксуйаны дэлэтиҥ, дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаарыҥ, дохуоттаах буолуҥ

#агростартап
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
💬Бүгүн Бэрдьигэстээх дьаһалтатыгар "Агроэксперт" тэрилтэ салайааччыта, АГAТУ научнай сотруднига Михаил Миронов улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатынан управлениетын үлэһиттэрин, кэтэх, бааһынай хаһаайыстыбалаах дьону, нэһилиэнньэни кытта көрүстэ.

🐄🐄🥛Михаил Миронов атын дойдулар уопуттарыгар, саҥа технологияҕа олоҕурар бырайыактарын, ону тэҥэ Маҕарас агро-оскуолатыгар хотон тутуллубутун сиһилии билиһиннэрэр.

@silatrudagorny
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"Былыргылыы олорор киһи, төлөпүөнэ да суох", - диэтилэр.

Бэҕэһээ социальнай ситимнэргэ Ньурба улууһун Антоновкатыгар сүөһүлэригэр сиэтэр отун көлүүр оҕуһунан тиэйэн аҕалар киһи туһунан кэпсээтилэр. Аата - Леонид Степанов.

Дьиҥэр, техника той бөҕөлөөх эрээри, кыһыны быһа отун оҕуһунан таһарын Гагарин аатынан уулуссаҕа олорооччулар элбэхтэ көрөбүт диэтилэр.

Мин тус бэйэм Кинини хайгыы санаатым👍 «Былыргылыы» дииллэрин кытта сөпсөспөппүн. Төттөрүтүн - "аныгылыы" толкуйдаах эбит диэн үөрдүм. Саамай күндүнү, киһи тыыннаах, чөл куттаах сылдьан, бу олохтон дуоһуйууну ыларыгар сүрүн күүһүн - доруобуйатын харыстыыр👍👍👍👍👍

Билиҥҥи киһи доруобуйата наһаа мөлтөөтө, күнү быһа төлөпүөҥҥэ "билиэн түбэһэн" олороохтуур, ыраас салгынынан тыыммат, хамсаммат-имсэммэт, онон араас ыарыыга ылларыы элбээтэ диэн доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ хас хардыы аайы этэллэр.

Эҕэрдэ Леонид Степановка, чэбдик буолуу мэктиэтин үтүө холобуругар👍👏🏻

#тыасирэ #чэбдиколох #доруобуйа
Кыстыкка саҥа хотонноох киирии - хаһаайыстыбалаах киһиэхэ дьол

Бэҕэһээ биир идэлээхпит Евгений Потапов Бүлүү улууһун Тааһаҕарыгар саҥа хотонун малааһыннаабытын туһунан кэпсээтэ. 50 төбөҕө анаммыт хотон👏🏻

Тыа сиригэр олохсуйуон баҕарар, Хаһаайыстыбатын кэҥэттиэн баҕарар, Фермерствонан былааннаахтык улахан объемҥа тахсан үлэлиэн баҕарар эдэр дьон бааллара наһаа да үчүгэй😍

- Икки сылы быһа Агростартапка кытта сатаабытым, кыаллыбатаҕа. Онтон улууһум дьаһалтата көмөлөстө. Тутуннум! - диэтэ Евгений⚡️

Тыа сирэ биир кэлим сайдыытыгар Бүлүү улууһун салалтата көрүүлэрэ киэҥ, дьоһуннаах. Клубника фермата, көтөр фермата, сибиинньэ фермата үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолла, сүөһү-сылгы хас сыһыы, алаас аайы баар диэххэ наада👍 өссө Агротуризмҥа балыктааһын ферматын киллэрэн эрэллэр👏🏻

Евгений үөрүүтүн фермер уолаттар-кыргыттар тэҥҥэ үллэһиннилэр🤞🏽

- Э5эрдэ! Дьэ сана хотон диэн абырал, мечта!✊🏼 мэлдьи сылаас, кураанах, ууттээх доруобай суеьулээх буоллун! - диэн суруйда Александр. Оннук💯

#хотон #тыасирэ
Сибиэһэй идэһэ этинэн миин буһарынар наһаа минньигэс дии? Ити эрээри оҕо сылдьан күн аайы эбиэккэ миин иһэртэн салгаҕын. Онтон улахаттар миинэ суох табыллыбаппыт. Ордук хара үлэҕэ сылдьар эр дьон.

Онон дьиэтээҕилэр бары үөрэ-көтө, тото-хана аһыылларын курдук миин буһарыытыгар кыра соҕустук фантазияны холбуур, творчествоны киллэрэн биэрэр ордук.

Хаартыскалары көрөн интэриэһиргээтэххитинэ комментарийдарга суруйаарыҥ✍️

Холобур, үһүс хаартыскаҕа - сырный суп диэн😋😋😋

#минньигэстикаһааҥ #асайдаана #бэйэаһа
2024/12/04 23:12:53
Back to Top
HTML Embed Code: