Telegram Group & Telegram Channel
🏆🎭Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатыра «Көрөөччү биһирэбилэ» үрдүк ааты ылла!

Олунньу 14-15 күннэригэр Чурапчы улууһун Оройуоннааҕы «Айылгы» Норуот айымньытын дьиэтигэр 8-с төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах мааска” норуодунай тыйаатырдар бэстибээллэрэ буолан ааста. Бэстибээлгэ уопсайа 15 өрөспүүбүлүкэбит норуодунай тыйаатырдара кыттыыны ыллылар, 205 артыыс, 300-тэн тахса көрөөччү муһунна.

🤩Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатыра Иван Гоголев-Кындыл “Наара Суох”, режиссер Елизавета Мартынова, испиктээкилинэн кыттан көрөөччүлэр, дьүүллүүр сүбэ биһирэбиллэрин, сыанабылларын ылан “КӨРӨӨЧЧҮ БИҺИРЭБИЛЭ” анал ааты ону тэҥэ киэн туттар киһибит Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Елизавета Иевна Мартынова «Норуодунай тыйаатыр сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын иһин» үрдүк ааты ылан үөрүүлэрэ муҥура суох!

Маннык улахан күрэскэ үгүс тыйаатырбыт артыыстара бастакы сүрэхтэниилэрэ буолар, ол да буоллар оруолларын табыллан арыйан, көрөөччүнү итэҕэтэн, күллэрэн, дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрин хайҕабылларын ылыахтарын ыллылар. Эдэр артыыстары кытта тэҥҥэ Бэрдьигэстээх тыйаатырын бэтэрээн артыыстара, холобур оҥостор дьоммут Александр Павлов, Егор Прибылых кыттан саҥа оонньуур дьоҥҥо күүс-көмө, сүбэ-ама буоллулар, кинилэргэ махталбыт муҥура суох.

Бэрдьигэстээх норуодунай тыйаатырын артыыстарын, режиссербутун Елизавета Иевнаны өссө төгүл улахан ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит, саҥаттан саҥа испиктээкиллэр, уобарастар, оруоллар тахса турдуннар!

@center_dosuga
@silatrudagorny
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/silatrudagorny/36383
Create:
Last Update:

BY "Үлэ күүһэ" новости Горного улуса

Share with your friend now:
group-telegram.com/silatrudagorny/36383

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

The Security Service of Ukraine said in a tweet that it was able to effectively target Russian convoys near Kyiv because of messages sent to an official Telegram bot account called "STOP Russian War." Such instructions could actually endanger people — citizens receive air strike warnings via smartphone alerts. Again, in contrast to Facebook, Google and Twitter, Telegram's founder Pavel Durov runs his company in relative secrecy from Dubai. I want a secure messaging app, should I use Telegram? "For Telegram, accountability has always been a problem, which is why it was so popular even before the full-scale war with far-right extremists and terrorists from all over the world," she told AFP from her safe house outside the Ukrainian capital.
from sa

Telegram "Үлэ күүһэ" новости Горного улуса
FROM American