Telegram Group & Telegram Channel
Алдан өрүс киртийиитин Угоян, Хатыстыыр олохтоохторо Бырабыыталыстыба отчуотугар көтөхтүлэр.

Угоян нэһилиэгэр СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко уонна СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова кыттыылаах Бырабыыталыстыба отчуота түмүктэннэ.

Олохтоохтор Алдан эбэ уута киртийэн иһэрин, кыһалҕаны чопчулаан эттилэр. Алданнааҕы экология кэмитиэтэ ааспыт сылга 55-тэ кэрийэн, көрөн бэрэбиэркэлээһини ыыппыт. Бу түмүгэр 10 бэрэбиэркэ борокуратуура сөбүлэҥин ааспытын иһитиннэрдэ. Алдан өрүскэ үлэлиир икки тэрилтэҕэ холуобунай дьыала тэриллибит. Бу түмүгэр оройуоҥҥа 42 мөлүйүөн солкуобайы төлөөннөр, бүддьүөккэ киириэхтээҕин СӨ бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрдэ. Иһэр ууну хааччыйарга ыраас уулаах үрүйэни булан, скважина оҥордоххо абыраныахпыт этэ диэн Угояннар санааларын үллэһиннилэр.

Маны тэҥэ интернет суох буолан тэрилтэлэр, чуолаан оскуола, оройуон күчүмэҕэйдэри көрсөрүн ыйдылар. Былырыын эмиэ бу боппуруоһу отчуот кэмигэр көтөхпүттэрэ. Билиҥҥи туругунан хамсааһын суох. Ол эрээри ыраах сытар нэһилиэктэри интернет ситиминэн хааччыйыыга туһуламмыт федеральнай бырагыраамаҕа кыттан быһаарыахха сөп. Онон, бу хайысхаҕа быйыл салгыы хайаан да үлэлиэхтээхпит.

Өссө биир тыын боппуруос - хочуолунай тутуута. Былырыын маны СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычковтуун кэпсэтэн турабын. Кини өйөбүлүнэн кыһыҥҥы өрүс суола баар кэмигэр хочуол уонна сайын Томмотунан уу суолунан тутуу матырыйаала тиийиэхтээх. Улуус дьаһалтата ыкса ылыстаҕына кэлэр кыһыны Угояннар саҥа хочуолунайдаах көрсүөхтэрэ. Алдан оройуонун биир уустук суоллаах-иистээх, сайдам-сайаҕас дьонноох Угоян нэһилиэгэ туруорсар. Бу уонна да атын хайысхаларынан салгыы үлэлиэхпит.

group-telegram.com/Olegmarkov8/941
Create:
Last Update:

BY ОЛЕГ МАРКОВ

Share with your friend now:
group-telegram.com/Olegmarkov8/941

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

In the United States, Telegram's lower public profile has helped it mostly avoid high level scrutiny from Congress, but it has not gone unnoticed. For Oleksandra Tsekhanovska, head of the Hybrid Warfare Analytical Group at the Kyiv-based Ukraine Crisis Media Center, the effects are both near- and far-reaching. Since its launch in 2013, Telegram has grown from a simple messaging app to a broadcast network. Its user base isn’t as vast as WhatsApp’s, and its broadcast platform is a fraction the size of Twitter, but it’s nonetheless showing its use. While Telegram has been embroiled in controversy for much of its life, it has become a vital source of communication during the invasion of Ukraine. But, if all of this is new to you, let us explain, dear friends, what on Earth a Telegram is meant to be, and why you should, or should not, need to care. Recently, Durav wrote on his Telegram channel that users' right to privacy, in light of the war in Ukraine, is "sacred, now more than ever." Friday’s performance was part of a larger shift. For the week, the Dow, S&P 500 and Nasdaq fell 2%, 2.9%, and 3.5%, respectively.
from sg

Telegram ОЛЕГ МАРКОВ
FROM American