group-telegram.com/agrarnayayakutia/15643
Last Update:
🐎 Ньурбаҕа "Саха сүөһүтэ" генофонда тэрилтэтин икки сылгы базата арылынна
Бэҕэһээ, саҥа ыйы көрсө, Маалыкайга Мондокуга уонна Дуолукааҥҥа икки саҥа сылгы базаларын үөрүүлээх аһыллыылара буолла. “Саха сүөһүтэ” генофонда тэрилтэтэ муус устартан туттаран саҕалаабыта уонна бэлиэр кыстыгы көрсө сылаас, ыраас, сырдык базалар үлэлээн саҕалаатылар.
Үөрүүлээх тэрээһиннэргэ народнай депутаттар Владимир Прокопьев, Георгий Балакшин, Александр Атласов, т/х министиэристибэтиттэн Василий Бессонов, Саха сүөһүтэ тэрилтэ салайааччыта Александр Артемьев, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушканов, Москва, Рязань, Мирнэй куораттартан, Татарстантан, Башкортостантан, Бурятияттан сылгы иитиитинэн дьарыктанар дьон, учуонайдар, Амма улууһуттан делегациянан хаһаайыстыба салайааччылара, "Сахаагроплем" тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Барыта 100 тахса ыалдьыт Маалыкайга тэрээһиннэргэ кытыннылар.
✍🏻 Лена Петрова
@gazetanyurba @ulusmedia