Telegram Group & Telegram Channel
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыга Валерий Николаев салайан ыытар.

Санатар буоллахха, 2024 сыл тохсунньу 21 күннэригэр улуус баһылыгын быыбара ыытыллыбыта.

Дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров улуус баһылыгын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕа нэһилиэктэринэн ыытыллар былаанын тэрилтэ салайааччыларыгар, нэһилиэк баһылыктарыгар билиһиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ үлэтин туһунан салайааччы Николай Петров иһитиннэрии оҥордо.

- 2024 сылга 470 киһи үлэ көрдөөн учуокка турбутуттан 321 киһи үлэ булбут. Бүгүҥҥү күҥҥэ 97 киһи учуокка турар эбит буоллаҕына, 63 киһи ыйдааҕы босуобуйанан туһанар.

4 үлэтэ суох киһи бэйэ дьыалатын тэринэн дьарыктаах буоларыгар анаммыт субсидиянан туһаммыт.

7 киһи быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыллыбыт.

120 оҕо сайыҥҥы 3 ыйга үлэнэн хааччыллан хамнас аахсыбыт.

15 үлэтэ суох киһини араас хайысханан быстах кэмнээх куурустарга үөрэхтээһини аһардыбыттар. Маныаха айан, олорор миэстэтин ороскуота төлөнөр, ону тэҥэ үөрэнэллэригэр материальнай көмө оҥоһуллар.

Үлэ буларга ыарахаттары көрсөр дьону, чуолаан доруобуйатынан хаарчахтаах дьоҥҥо үлэ буларга көмө оҥоһуллар. Бу бырагыраама чэрчитинэн биир киһи үлэ булбут.

12 киһи промышленнай тэрилтэлэргэ үлэ булан үлэлии сылдьаллар.

Быйыл, 2025 сылга, Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар үлэтэ суох киһиэхэ төлөнөр биир ыйдаах босуобуйа алын кээмэйэ 2766 солк. тэҥнэстэ, оттон үрдээбитэ - 23587 солкуобай.

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалаан кэлбит дьон уочарата суох үлэнэн хааччыллыахтаахтар. Улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинэ судаарыстыбаттан көрүллэр көмөнү барытын оҥоро олорор. Маныаха ааспыт сылга биир байыас кэлэн үлэнэн хааччыллыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

group-telegram.com/admvervil/23177
Create:
Last Update:

BY ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil

❌Photos not found?❌Click here to update cache.

Share with your friend now:
group-telegram.com/admvervil/23177

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

"There is a significant risk of insider threat or hacking of Telegram systems that could expose all of these chats to the Russian government," said Eva Galperin with the Electronic Frontier Foundation, which has called for Telegram to improve its privacy practices. Update March 8, 2022: EFF has clarified that Channels and Groups are not fully encrypted, end-to-end, updated our post to link to Telegram’s FAQ for Cloud and Secret chats, updated to clarify that auto-delete is available for group and channel admins, and added some additional links. Artem Kliuchnikov and his family fled Ukraine just days before the Russian invasion. After fleeing Russia, the brothers founded Telegram as a way to communicate outside the Kremlin's orbit. They now run it from Dubai, and Pavel Durov says it has more than 500 million monthly active users. Pavel Durov, Telegram's CEO, is known as "the Russian Mark Zuckerberg," for co-founding VKontakte, which is Russian for "in touch," a Facebook imitator that became the country's most popular social networking site.
from tw

Telegram ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
FROM American