🟫 ОЙУУНУСКАЙ УОННА АММОСОВ✨ ✴️ ✨ Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов олохторун тухары доҕордоһуулара сэһэҥҥэ сылдьар. Бойобуой сорудаҕы толороору арахсалларыгар, Ойуунускай Аммосовка хаартыскатын бэлэхтиир уонна суруйар: «Доҕорум Максим! Биһиги доҕордоһуубут бу бэлиэтин сүтэрбэккэ илдьэ сырыт... Икки сыл устатыгар эн биһикки хайдах эйэлээхтик олорбуппутун, революция күннэригэр хайдах күүркэйэн күүскэ үлэлээбиппитин өйдүү-саныы сырыт. Эн Платонуҥ. 12.05.1917 с.».✨ Платон Ойуунускай уонна Максим Аммосов Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыттан билсэн, доҕордоһон барбыттара. Кинилэр терөөбүт норуоттарын дьолун иһин охсућааччылар, сана олоҕу тутааччылар буолан, бииргэ үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Ону кытта кинилэр бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөр дьон этилэр: олоххо көрүүлэрэ да, норуот духуобунай баайыгар сыһыаннара да барыта сөп түбэһэрэ.✨ В. Давыдова маннык ахтар:«Кинилэр куруук бииргэ сылдьаллара,биир ыалга, билиҥҥи Каландаришвили уулуссатыгар олорбуттара». Оттон Б.Б. Альпероич маннык кэпсиир: «Эдэрдэртэн Платон Алексеевич Максим Кировичтыын ырааҕынан ордук чорбойор дьон этилэр - ордук дириҥник, киэҥник ырыталларынан, лоп-бааччы, хомоҕойдук да кэпсииллэринэн. Салайааччыларбыт уонна үөрэнээччилэр бу икки табаарыстарбытын улаханнык ытыктыырбыт. Биһиги, эдэр дьон, кинилэри ордугургаан: «Хаарыаны, кинилэр таћымнарын ситиспит киһи!» - диэн ымсыырарбыт. Платон Алексеевич политическай даҕаны, уус-уран даҕаны литератураны бэркэ умсугуйан ааҕар, үөрэтэр быһыылааҕа, нууч-чалыы иҥнигэһэ суох, хомоҕойдук саҥарара. Литературнай тылга, уобарастаан этиигэ улахан дьоҕурдааҕа соччоттон ала-чуо көстөрө. Куруһуок кыттыылаахтара бары РСДРП кэккэтигэр ылыллыбыт кэммититтэн ыла араас общественнай-политическай сорудахтарга, эппиэттээх мунньахтарга үгүстүк сылдьарбыт. Сорохпут куорат үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, саллааттарын ортотугар, сорохпут улуустарга, нэһилиэктэргэ тахсан маассабай-агитационнай уонна тэрийэр үлэни ыытара, «Социал-демократ» диэн Саха сиригэр маҥнайгы большевистскай хаһыаты таһаарсан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыһарбыт. Маныаха ситићиилээхтик Платон уонна Максим сылдьыбыт буолаллар. Агитационнай, тэрийэр-салайар үлэҕэ кинилэр улахан талааннаахтара онно чахчы биллибитэ».✨ Ыарахан кэмнэригэр бэркэ өйөһөллер эбит. 1917 с. күһүнүгэр Ойуунускай үөрэнэ баран иһэн, «Якут» диэн Глотовтар борохуоттарыгар Киренскэйгэ туох баар таһаҕаһын, харчытын уордаран ылбыт, онуоха доҕоро Максим сүүрэн-көтөн үп хомуйан ыыппыт.✨ Максимныын үгүстүк суруйсууларыгар ыра санааларын үллэстэр эбиттэр. Ойуунускай эрдэттэн айар үлэҕэ тардыстар буолан, саха литературатын, но-руот айымньытын өлбет-сүппэт суолталарын туһунан санаатын доҕоругар суруйар. Максим доҕорун уус тылын сөҕөр, талааныгар эрдэттэн сүгүрүйэр эбит. Ол иһин айылҕа кэрэ хартыынатын көрөн баран, Максим маннык саҥа аллайбытын доҕотторо ахталлар: «Ок-сиэ, кэрэ да хартыына! Саамай сөптөөх тоҕооско көһүннэ ээ... - уонна, туохтан эрэ хомойбуттуу, өрө тыынна, - саха поэзиятыгар биир туйгун хоһоон айыллыаҕа дьэ бу таах хааллаҕа...» «Ол хайдах?» - Дора Жиркова, Максимы ситэри этитээри быһыылааҕа, өйдөөбөтөхтүү тутунна. «Платон манна суох диэн хомойобун. Куоракка кини оннугар мин хаалбытым буоллар...» Аҕа табаарыстарбыт Саха сириттэн барбыттарын туһананнар, эсердэр, федералистар, меньшевиктар ону-маны оҥоруохтара диэн сэрэҥкэдийэн Платон Алексеевичтаах хаћыа да буоланнар, куоракка хаалбыттара. Максим ол иһин ити курдук эппитэ.🔸 Д.П. Лазарев ахтыыта: «Саха АССР автономиятын ылбыта 15 сыла туолбутун 1937 с. от ыйын саҥатыгар Дьокуускайга да уонна Москватааҕы да, Лнинградтааҕы землячестволарга да биир кэмҥэ киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Ол Москватааҕы бастакы улахан көрсүһүүгэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр представителлэрэ, Саха сирин Москваҕа, Ленинградка уо.д.а. куораттарга үөрэнэр устудьуоннара, урукку политсыылынайдар, Caxa сирин Mоскваҕа баар улэһиттэрэ уо.д.а. сылдьыбыттара. Бу улахан үөрүүлээх мунньахха Ем. Ярославскай, М.К. Аммосов уо.д.а.
group-telegram.com/oyuns/1086
Create:
2024-12-22 Last Update: 2024-12-28 00:38:34

BY Музей государственности РС (Я) им.П.А.Ойунского
Warning : Undefined variable $i in /var/www/group-telegram/post.php on line 260
Share with your friend now:
group-telegram.com/oyuns/1086
View MORE
Open in Telegram
Telegram | DID YOU KNOW?
Ukrainian forces successfully attacked Russian vehicles in the capital city of Kyiv thanks to a public tip made through the encrypted messaging app Telegram, Ukraine's top law-enforcement agency said on Tuesday. Since its launch in 2013, Telegram has grown from a simple messaging app to a broadcast network. Its user base isn’t as vast as WhatsApp’s, and its broadcast platform is a fraction the size of Twitter, but it’s nonetheless showing its use. While Telegram has been embroiled in controversy for much of its life, it has become a vital source of communication during the invasion of Ukraine. But, if all of this is new to you, let us explain, dear friends, what on Earth a Telegram is meant to be, and why you should, or should not, need to care. On Telegram’s website, it says that Pavel Durov “supports Telegram financially and ideologically while Nikolai (Duvov)’s input is technological.” Currently, the Telegram team is based in Dubai, having moved around from Berlin, London and Singapore after departing Russia. Meanwhile, the company which owns Telegram is registered in the British Virgin Islands. Perpetrators of these scams will create a public group on Telegram to promote these investment packages that are usually accompanied by fake testimonies and sometimes advertised as being Shariah-compliant. Interested investors will be asked to directly message the representatives to begin investing in the various investment packages offered. 'Wild West'
from tw