Telegram Group Search
 
Иннокентий Тарбахов – Чөркөөх музейдарын попечителэ
Бу күннэргэ биһиги киэҥ туттар биир дойдулаахпыт,  омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр аспытын-үөлбүтүн аан дойдуга таһаарбыт, кэпсээбит, талба талааннаах асчыт, РФ маастар-повара, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан  Государственнай бириэмийэ лауреата Иннокентий Тарбахов төрөөбүтэ 80 сааһын общественность сүгүрүйэн туран  бэлиэтээтэ.
Тааттаттан анал делегация киирэн ытык мааны киһибитигэр Дьокуускай куоракка улахан тэрээһини, кэнсиэри тэрийсэн дириҥ ытыктабыл, барҕа махтал бэлиэтин көрдөрдүлэр. Бу күн республика уһулуччулаах асчытыгар 73,16 карат ыйааһыннаах кини аатынан анал алмаас таас куоппуйатын СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы С.В.Местников туттарда, маны сэргэ “Асчыт буолар” дьылҕам диэн документальнай киинэ презентацията ыытылынна.
 Онтон төрөөбүт дойдутугар Таатта музейдарыгар Иннокентий Иннокентьевич куруутун сылдьар, үлэһиттэрин кытары бииргэ алтыһар этэ. Ол курдук Чөркөөх музейын сотруднига Сардаана Аввакумова: “Иннокентий Тарбахов биһиги музейбыт доҕоро, попечителэ. Дойдутугар кэллэҕинэ биһиги музейбытын тумнубакка, оҕолорун кытта кэлэн хайаан да сылдьан, туох саҥа экспонат кэлбитин бэлиэтии көрөн, санаатын этэрэ. Биһиэхэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, олус сөбүлүүр, ытыктыыр салайааччыбыт Николай Ефимович Попов ыкса доҕоро. Николай Ефимович эппитин өйдөөн хаалбыппын: “Иннокентий Иннокентьевич “Сохраним памятники” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын биир саҕалааччыта буолар”, - диирэ. Онон түгэнинэн туһанан туран биһиги саха аатырбыт асчытын, музейбыт доҕорун бэлиэ үбүлүөйдээх сааһынан эҕэрдэлиибит”, - диэн санаатын үллэһиннэ.
Хас биирдии музей үлэһитэ фонданы хаҥатыыга сонордьут кэриэтэ. Уон сыл анараа өттүгэр  Николай Ефимович Попов саҥа үлэҕэ киирбит П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас музейа фондата хаҥыырыгар үгүс сыратын-сылбатын биэрбитэ. Судаарыстыбаннас музейын фондатын үлэһитэ Дария Кириллина бэлиэтээбитинэн: “2013 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги музейбытыгар Николай Ефимович Попов, Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховтан 75 устуука иһит-хомуос бэлэҕин аҕалан туттарбыта. Бу манна бааллар Россия бастакы Президенэ Б.Н.Ельцин Саха сиригэр  кэлэ сылдьан  аһаабыт иһиттэрэ, урукку кэмҥэ оҥоһуллубут сахалыы оһуордаах “Саха сирэ” уонна кэнники республика гербэлээх сервизтэри, мельхиор прибордары, Саха сирин салайааччыларын Г.И.Чиряев, Ю.Н.Прокопьев, Е.А.Борисов самовардарын, бэйэтэ Намҥа остолобуойга үлэлии сылдьан туттубут улахан самоварын бэлэхтээбитэ. Билигин музейбытыгар кэлэр ыалдьыттар бу иһиттэри, салайааччылар самовардарын олус сөбүлээн, сонургуу көрөллөр”.
Биир дойдулаахпытын, Тааттаттан тахсыбыт аартыгы арыйааччыны, Чөркөөх музейдарын аҕа табаарыһын, попечителин үбүлүөйдээх үтүө мааны күнүнэн үгүс үтүө эҕэрдэлэргэ кыттыһабыт.
С.Халгаева.
М.Васильева үбүлүөйдээх дьоро күнтэн хаартыскалара.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ
Ил Дархан 2025 сылы Саха сиригэр – Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ
История образования Таттинского улуса

Постановлением журнала Общего присутствия Якутского областного управления от 8 декабря 1912 г. № 716 определено разделить с 1 января 1913 г. Ботурусский улус Якутского округа на два улуса: Ботурусский и Таттинский. В состав Таттинского улуса отошли: Алданский, Терасинский, 2-й Жохсогонский, 1-й Игидейский, 1-й Жохсогонский, Усть-Амгинский, Жулейский, 1-й Хаяхсытский, 4-й Жохсогонский, 2-й Игидейский, 3-й Жохсогонский, и Кюняйский, всего 12 наслегов, 4219 ревизских душ, 2113 работников, душ наличных мужских 4434, женских 4313. Приказом Якутского Губернатора Ивана Ивановича Крафта от 2 января 1913 г. № 1 Головой Таттинского улуса Якутского округа назначен Иван Елисеевич Кулаковский, выборными — Василий Бургаев, Нил Сивцев, Семен Попов, Роман Софронов, Иван Антонов, Михаил Аргунов. Центром улуса стало село Черкёх.

Согласно декрету ЯЦИК от 25 марта 1930 г. был образован Таттинский район с центром в с. Ытык-Кюель. В состав района кроме 17-ти наслегов Таттинского улуса (1, 2, 3, 4, 5 Жохсогонский, Кюнейский, Ханяйский, Лебегинский, Нижне-Амгинский, Усть-Амгинский, Алданский, Таттинский, 1, 2 Игидейский, Жулейский, Хаяхсытский, Терасинский) вошли: Ынгинский, Эсинский, Егянский, 3-й Баягантайский, Сасыльский, Мегино-Алданский, Баягино-Игидейский, Уолбинский, Баягинский, 2-й Баягантайский, 4-й Баягантайский наслеги Баягантайского улуса. Хаяхсытский наслег был передан Чурапчинскому району. Был создан районный орган советской власти — Таттинский районный Совет рабочих и крестьянских депутатов (в 1937 году, согласно Конституции ЯАССР, был переименован в Таттинский районный Совет депутатов трудящихся) и его исполнительный комитет.

По Указу Президиума Верховного Совета РСФСР от 14 июля 1954 г. «Об объединении сельских Советов Якутской АССР» объединены наслежные Советы: 1 - й Алданский, 2 – й Баягантайский в Алданский; Нижне – Амгинский, 2 - й Алданский в Амгинский; Баягинский, Баягино-Игидейский в Баягинский; Жохсогонский, Селляхский в Жохсогонский; Октябрьский, Лебегинский, Кюнняйский в Октябрьский. 5 августа 1953 г. вышел Указ Президиума Верховного Совета РСФСР о передаче 1-го Баягантайского, Эсинского, Мегино-Алданского, Егянского, Сасыльского и Ынгинского наслегов Таттинского района в состав Томпонского района ЯАССР.

В соответствии с Указом Президиума Верховного Совета РСФСР от 1 февраля 1963 г. «Об укрупнении сельских районов и образовании промышленных районов в Якутской АССР» Президиум Верховного Совета Якутской АССР своим Указом от 8 февраля 1963 г. создал группу сельских и промышленных районов, где бывшие Таттинский и Чурапчинский районы были включены в состав нового Алексеевского района с центром в с. Чурапча, а новое название район получил от названия Алексеевского территориального совхозного управления.

При разукрупнении районов республики в соответствии с Указом Президиума Верховного Совета РСФСР от 12 января 1965 г. «Об изменениях в административно-территориальном делении Якутской АССР» Президиум Верховного Совета Якутской АССР Указом от 27 января 1965 г. утвердил новый административно-территориальный состав районов, где бывший Таттинский район переименован в Алексеевский район с центром в с. Ытык-Кюель. С 1977 г. действует Алексеевский районный Совет народных депутатов и его исполнительный комитет. Вопрос о переименовании Алексеевского района в Таттинский в течение многих лет периодически поднимался трудящимися района на собраниях различных уровней. В соответствии с Указом Президиума Верховного Совета РСФСР от 6 августа 1990 г. № 125-1 «О переименовании Алексеевского района Якутской АССР в Таттинский район» району возвращено его прежнее историческое наименование — Таттинский район.

В 1990 г. вместо исполнительного комитета был образован Президиум, а с 1992 г. — Малый Совет. На основании Постановления Верховного Совета республики «О реформировании органов представительной власти в Республике Саха (Я)» от 12 октября 1993 г. прекращена деятельность Таттинского районного Совета народных депутатов.
Во исполнение Указа Президента Республики Саха (Я) от 13 января 1992 г. № 04 «Об организационных вопросах деятельности глав местной администрации» Постановлением Таттинского районного Совета народных депутатов и Таттинской районной администрации от 20 февраля 1992 г. № 2-14 «Об образовании районного и сельских администраций» образованы Таттинская районная и сельские администрации.

Герб утвержден решением улусного Совета депутатов Таттинского улуса №17-4 от 29 октября 2004 г. Автор герба: Неустроев Борис Федорович — Мандар Уус. Номер в Геральдическом регистре РФ: 1716.

Флаг утвержден решением улусного Совета депутатов Таттинского улуса № 7-2 от 29 января 2009 г. Автор флага: Лопатин Афанасий Петрович.

Гимн утвержден решением улусного Совета депутатов №57-1 от 13 декабря 2012 г. Слова Софронова Анемподиста Ивановича — Алампа, мелодия Протодьяконова Василия Никитича «Саха ырыата».

День образования Таттинского улуса утвержден решением улусного Совета депутатов №51-4 от 19 июня 2018 г. Днем образования Таттинского улуса считается 8 декабря 1912 г. Данное событие отмечается по Григорианскому календарю 21 декабря
Таналҕаннаах таптыыр Тааттам,
Бүгүн ордук күндүгүн,
Ахтылҕаннаах кэрэ Тааттам,
Сахаҕынан сүдүгүн!

Устар үйэҥ урсунугар
Үгүһү да сүкпүтүҥ,
Өбүгэлии нүһэр, холку
Өркөн өйгөр үҥпүтүҥ.

Тулуур, дьулуур тугун билбит
Талах курдаах таатталар
Бүтүн саха кимин, тугун
Санаталлар чахчыта.

Ыксыыр сахха ытыа суоҕа
Ытык Тааттам барахсан,
Көхсө кэҥээн, тыына уһаан
Тулуһуоҕа хардарсан,

Улуу кураан уотун кытта
Туруулаһар эр дьонноох,
Үгүс элбэх тылы кыырбат
Тумус туттар дьоннордоох,

Күрдьэх, сүгэ, хары күүһэ,
Эрдээх сүрэх баар эбээт,
Тыҥыыр кэмҥэ түмсэр үгэс
Кыахха кыаҕы эбиэхтээх!

Таналҕаннаах таптыыр Тааттам,
Бүгүн ордук күндүгүн,
Сахаҥ сэмэй дьоннорунуун
Төлө көтүөҥ үрдүккэ!

Арылы Дуйдаах
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, сахалар бэйэлэрэ государственнай тутуллаах буолалларын 1922 сыллаахха, муус устар 27 күнүгэр ситиспит, оччолорго 24 эрэ саастаах, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгиттэн төрүттээх чулуу уолбут Максим Кирович Аммосов төрөөбүт күнэ!

Саха норуотугар республиканы бэлэхтээбит, сатабыллаахтык салайбыт, 1925-30 сс. СССР наукаларын Академиятын бастакы комплекснай экспедицията Саха АССР-гар кэлэн үлэлэлиирин – кэскиллээх сайдыыбыт оҥкулун олох бары хайысхаларыгар оҥорорун ситиспит, сахалартан атын государствоны салайбыт соҕотох киһибит, өссө ааспыт үйэҕэ 9 тылынан көҥүл кэпсэтэр саха улууканнаах деятелэ төрөөбүт күнүнэн итии - истиҥ эҕэрдэээ!
🎉🎊👏👏👏😊
🟫ОЙУУНУСКАЙ УОННА АММОСОВ

✴️Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар
таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов олохторун тухары доҕордоһуулара сэһэҥҥэ сылдьар. Бойобуой сорудаҕы толороору арахсалларыгар, Ойуунускай Аммосовка хаартыскатын бэлэхтиир уонна суруйар: «Доҕорум Максим! Биһиги доҕордоһуубут бу бэлиэтин сүтэрбэккэ илдьэ сырыт... Икки сыл устатыгар эн биһикки хайдах эйэлээхтик олорбуппутун, революция күннэригэр хайдах күүркэйэн күүскэ үлэлээбиппитин өйдүү-саныы сырыт. Эн Платонуҥ. 12.05.1917 с.».
Платон Ойуунускай уонна Максим Аммосов Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыттан билсэн, доҕордоһон барбыттара. Кинилэр терөөбүт норуоттарын дьолун иһин охсућааччылар, сана олоҕу тутааччылар буолан, бииргэ үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Ону кытта кинилэр бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөр дьон этилэр: олоххо көрүүлэрэ да, норуот духуобунай баайыгар сыһыаннара да барыта сөп түбэһэрэ.
В. Давыдова маннык ахтар:«Кинилэр куруук бииргэ сылдьаллара,биир ыалга, билиҥҥи Каландаришвили уулуссатыгар олорбуттара». Оттон Б.Б. Альпероич маннык кэпсиир: «Эдэрдэртэн Платон Алексеевич Максим Кировичтыын ырааҕынан ордук чорбойор дьон этилэр - ордук дириҥник, киэҥник ырыталларынан, лоп-бааччы, хомоҕойдук да кэпсииллэринэн. Салайааччыларбыт уонна үөрэнээччилэр бу икки табаарыстарбытын улаханнык ытыктыырбыт. Биһиги, эдэр дьон, кинилэри ордугургаан: «Хаарыаны, кинилэр таћымнарын ситиспит киһи!» - диэн ымсыырарбыт. Платон Алексеевич политическай даҕаны, уус-уран даҕаны литератураны бэркэ умсугуйан ааҕар, үөрэтэр быһыылааҕа, нууч-чалыы иҥнигэһэ суох, хомоҕойдук саҥарара. Литературнай тылга, уобарастаан этиигэ улахан дьоҕурдааҕа соччоттон ала-чуо көстөрө. Куруһуок кыттыылаахтара бары РСДРП кэккэтигэр ылыллыбыт кэммититтэн ыла араас общественнай-политическай сорудахтарга, эппиэттээх мунньахтарга үгүстүк сылдьарбыт. Сорохпут куорат үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, саллааттарын ортотугар, сорохпут улуустарга, нэһилиэктэргэ тахсан маассабай-агитационнай уонна тэрийэр үлэни ыытара, «Социал-демократ» диэн Саха сиригэр маҥнайгы большевистскай хаһыаты таһаарсан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыһарбыт. Маныаха ситићиилээхтик Платон уонна Максим сылдьыбыт буолаллар. Агитационнай, тэрийэр-салайар үлэҕэ кинилэр улахан талааннаахтара онно чахчы биллибитэ».
Ыарахан кэмнэригэр бэркэ өйөһөллер эбит. 1917 с. күһүнүгэр Ойуунускай үөрэнэ баран иһэн, «Якут» диэн Глотовтар борохуоттарыгар Киренскэйгэ туох баар таһаҕаһын, харчытын уордаран ылбыт, онуоха доҕоро Максим сүүрэн-көтөн үп хомуйан ыыппыт.
Максимныын үгүстүк суруйсууларыгар ыра санааларын үллэстэр эбиттэр. Ойуунускай эрдэттэн айар үлэҕэ тардыстар буолан, саха литературатын, но-руот айымньытын өлбет-сүппэт суолталарын туһунан санаатын доҕоругар суруйар. Максим доҕорун уус тылын сөҕөр, талааныгар эрдэттэн сүгүрүйэр эбит. Ол иһин айылҕа кэрэ хартыынатын көрөн баран, Максим маннык саҥа аллайбытын доҕотторо ахталлар: «Ок-сиэ, кэрэ да хартыына! Саамай сөптөөх тоҕооско көһүннэ ээ... - уонна, туохтан эрэ хомойбуттуу, өрө тыынна, - саха поэзиятыгар биир туйгун хоһоон айыллыаҕа дьэ бу таах хааллаҕа...» «Ол хайдах?» - Дора Жиркова, Максимы ситэри этитээри быһыылааҕа, өйдөөбөтөхтүү тутунна. «Платон манна суох диэн хомойобун. Куоракка кини оннугар мин хаалбытым буоллар...»
Аҕа табаарыстарбыт Саха сириттэн барбыттарын туһананнар, эсердэр, федералистар, меньшевиктар ону-маны оҥоруохтара диэн сэрэҥкэдийэн Платон Алексеевичтаах хаћыа да буоланнар, куоракка хаалбыттара. Максим ол иһин ити курдук эппитэ.
🔸Д.П. Лазарев ахтыыта: «Саха АССР автономиятын ылбыта 15 сыла туолбутун 1937 с. от ыйын саҥатыгар Дьокуускайга да уонна Москватааҕы да, Лнинградтааҕы землячестволарга да биир кэмҥэ киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Ол Москватааҕы бастакы улахан көрсүһүүгэ автономнай өрөспүүбүлүкэлэр представителлэрэ, Саха сирин Москваҕа, Ленинградка уо.д.а. куораттарга үөрэнэр устудьуоннара, урукку политсыылынайдар, Caxa сирин Mоскваҕа баар улэһиттэрэ уо.д.а. сылдьыбыттара. Бу улахан үөрүүлээх мунньахха Ем. Ярославскай, М.К. Аммосов уо.д.а.
табаарыстар уоттаах-төлөннөөх, сүлүһүннээх сытыы тыллары эппиттэрэ. Ем. Ярославскай Саха сиригэр революция туругурарыгар тирэх буолбут, көмөлөспүт дьоннор бу бааллар диэн М.К. Аммосовтаах, П.А. Слепцовтаах диэки ыйа-ыйа, ордук истиҥ, амарах тылынан ахтан тыл эппитэ.

✴️М.К. Аммосов кыра соҕус уҥуохтаах буолан баран, кырдьык даҕаны, чуор куоластаах этэ. Кини тыл этэрин хаста да истибитим. Хаhан даҕаны суруллубуту аахпат буолара. Уһун соҕустук тыынын ыла-ыла, субуруччу хааһахтан хостообут курдук сүрдээх чуолкайдык ыраастык нууччалыы этэрэ, араас түгэннэри даҕатан сүлүһүннээх тыллары эттэҕинэ, кићи этин сааһынан киирэрэ, онон болҕомтону ордук тардара. Платон Алексеевич сахалыы уустуктаан-ураннаан этэринэн ордук курдук буолара Максим Кировичтааҕар. Сынньалаҥҥа Максим Кирович кадриль үҥкүүнү С. Васильев кэргэнин кытта үчүгэйдик үҥкүүлээн сөтөрбүтэ».
🔸Амма Аччыгыйа доҕордуулар тустарынан маннык ахтыбыт: «Caха дьонуттан Ойуунускай Максим Кирович Аммосовы уһулуччу таптыыр быһыылааҕа, эмискэччи өйдүү түһэн, сүр эйэҕэстик ахтыталаан aahap буолара... Биирдэ саалана сылдьаммыт Сугун күөл кытыытыгар чэйдии олордохпутуна, эмиэ туох да ситимэ суох, кини Аммосовы өйдөөн тугу эрэ саҥарбыта. Онуоха мин ыйыппытым:
⁃ Mаксим Кирович туох эмэ итэҕэстээх этэ дуо?..
⁃ Һы! Киhи буолан баран, итэҕэһэ ханна барыай, доҕор?! Холобура буоллаҕына... Туох итэҕэстээх кићи эбитэ буолла... Чэ, холобура, кини, Maкcим, apaас саҥаттан саҥа уураахтар бырайыактарын оҥортуу охсоро үксэ бэрт буолара. Саҥардыы ылыммыт уураахпыт (оччотооҕу биһиги муҥнаах суолбутугар-ииспитигэр) бар дьоҥҥо ситэ тарҕана илигинэ, Мaксим саҥа уураах бырайыагын суруйа охсон аҕалар... Чэ, итинтэн атын итэҕэстээҕин өйдөөбөтүм ээ. Мэлдьи сыыстан-буортан өрө тэйэ, үөрэ-көтө, үлэлии-хамныы сылдьар киһи...»
Платон Алексеевич кэргэнэ А.Н. Борисова маннык ахтыбыт: «П.А. Ойуунускай үгүс ахсааннаах доҕотторун туһунан кэпсиир буолан баран, Максимы - Максим Аммосовы көтүтэр сатаммат.
Maкcимы мин биирдэ эрэ көрбүтүм. Оттон билиитин эрдэттэн билэрим. Платон Максимы ахтыбакка аhарбыт күнэ, бука, суох эбитэ буолуо, оччо таптыыра, оччо себүлүүрэ кини бу дьикти киһини. Максим хаартыската Платон оронун үрдүгэр таастаах араамаҕа, саатын аннынан, ыйанан турар буолааччы. Ким да ону тыыппат, устубат, арай сөп-сөбүгэр быылын сотобут, ыраастыыбыт уонна оннугар төттөрү ыйыыбыт.
Өрө лаһыгыраан, өрө бачыгыраан, көстөр дьүһүннүүн, саҥарар саҥалыын ураты киһи этэ Максим. Уҥуоҕунан Платоннааҕар өндөс, куҥа-тааһа да быдан халыҥ, өрө тарааммыт ньалҕаархай баттахтаах, тырымнас сытыы харахтардаах киһи Саргылаананы, кыһыл оҕону, таптаан өрө-таҥнары сахсыйарын ас астыы сылдьан көрбүтүм. Максим Москваҕа туох эрэ мунньахха кэлэ сылдьар быһыылааҕа, наhаа тиэтэйэрэ, чэйдээт, баран хаалбыта. Тугу кэпсэппиттэрин истибэтэҕим...»
(2013)

©️"Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан" кинигэтиттэн
Варвара Борисовна Окорокова,
филологическай наука доктора, профессор
2021 с.
Чаҕылхай Махсыым төрөөбүт-үөскээбит Аччыгый Арыы алааһыгар улуу киһибитигэр сүгүрүйүү, сибэкки дьөрбөтүн ууруу, алгыс сиэрин-туомун толоруу ыытылынна.

Алааска мустубут дьону улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов, Хатырык нэһилиэгин баһылыга Артур Ноговицын уонна Максим Аммосов сиэн балта Яна Корякина эҕэрдэлээн тыл эттилэр. Нэһилиэккэ бу күнтэн ыла Максим Аммосов төрөөбүт күнүгэр Хатырык нэһилиэгин күнэ ыытыллар буолуоҕа диэн Артур Егорович эппитин бары биһирии, үөрэ иһиттилэр.

Максим Кирович төрөөбүт алааһыгар турар пааматынньыкка тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Ол кэнниттэн алгысчыт Өлөксөй Лоҥхо Уус аал уоту оттон, айах тутан, алгыс тылынан алҕаата.

Бу курдук, киэн туттар биир дойдулаахпытын куруук саныы, сүгүрүйэ, аатын ааттата, үйэтитэ сылдьарбыт – биһиги ытык иэспит буолар.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Бүгүн чаҕылхай Махсыым төрөөбүт күнүгэр киинэ түспүт Аччыгый Арыы  алааһыгар Нам улууһун общественноһа мустан саха чулуу киһитин ахтан санаан, кэриэстээн сүгүрүйдүлэр. Саха норуотун Улуу дьоно ааттара ааттана туруохтун!
2024/12/27 07:31:02
Back to Top
HTML Embed Code: