group-telegram.com/silatrudagorny/35384
Last Update:
#үлэкүүһэсанааларэтиилэр
Бүгүн түүн сүллүкүүн тахсар дииллэр. Урут 11 чыыһылаттан диэн буолааччы бьлаах. Чэ хаһыстан да буоллун😅
Бүгүн түүңңэттэн 19 чыыһыла5а диэри түннүктэргитин сабан утуйун🙏🏽
Мин итини этээри гынабын. Атын да быраабыла элбэх эрээри мин итини билэрбин кэпсээри суруйдум.
Икки дуу үс дуу сыллаа5ыта түүн сүллүкүүн са5ана утуйа сыттахпытына арай кухня түннүгүн үстэ тоңсуйар тыас иһилиннэ. Биһиги иккис этээскэ олоробут. Мин саңата суох өссө иһиллээн сыттым. Ол курдук өссө тыаһаабата5а, ол иһин утуйан хааллым. Сарсыарда туран дьикти тыаһы кэргэним ба5ар истибитэ дуу диэн ыйыппыппар истибитим диэтэ. Кухня түннүгэ куруук аһа5ас турааччы. Онно тоңсуйбуттара. Ол иһин онтон ыла түннүктэрбин барытын сабабын.
Дьэ итинниккэ кэлин истибитим, дьонтон ыйыталан, түннүгү баран өңөйүө суохтаах эбиппит. Өңөйдүн да уһаабаккын өлө5үн. Киһи көрдүү сылдьаллар үһү.
Арай онно, туох тыаһаатай, диэн кэргэммиттэн ыйытааччы буолбутум буолла арааһа туран көрүө эбиппит буолуо.
Түннүктэргитин сабан утуйун🙏🏽
BY "Үлэ күүһэ" новости Горного улуса
Share with your friend now:
group-telegram.com/silatrudagorny/35384