Telegram Group & Telegram Channel
Forwarded from ОЛЕГ МАРКОВ
Бүгүн Национальнай медицинэ киинигэр үөрүүлээх тэрээһин буолла. Сыл бүтүүтэ перинатальнай салаа үлэһиттэрэ икки ыал үс игирэ оҕолорун үөрүүлээх быһыыга-майгыга төрүүр дьиэттэн дьиэлэригэр атаардылар.

Хаҥалас улууһун Хоточчутун олохтоохторо Олеся, Николай Старостиннар 3 уол оҕолонон соҕотохто 7 оҕолоох ыал буола түстүлэр.

Регионнааҕы Ийэ хапыталын, «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал сертификаттарын итиэннэ элбэх оҕолоох ыал дастабырыанньатын туттардылар, элбэх иһирэх тыллары эттилэр.

Бэйэм ааппыттан Старостиннар эйэлээх дьиэ кэргэҥҥэ өйөһүүнү, өйдөһүүнү, тулууру, дьулууру баҕарабын. Эһиги курдук элбэх оҕолоох ыал элбээн, хоточчу, Саха сирэ, бүтүн Россия бөҕөргүүрүгэр төһүү буоллун, кырачаан уолаттар этэҥҥэ улаатан дьоллоох дьон буоллуннар диэн баҕа санаа бастыҥын этэн туран «Олимп мебель» маҕаһыынтан миэбэл ылалларыгар сертификат туттардым. Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларын түмүктэниитигэр дьоһун суолталаах, бэлиэ түгэн буолла!

group-telegram.com/nvk_khangalas1/2429
Create:
Last Update:

BY 📹🎤Хангаласский филиал НВК «Саха» 2.0

Share with your friend now:
group-telegram.com/nvk_khangalas1/2429

View MORE
Open in Telegram

Telegram | DID YOU KNOW?

Date: |

Russians and Ukrainians are both prolific users of Telegram. They rely on the app for channels that act as newsfeeds, group chats (both public and private), and one-to-one communication. Since the Russian invasion of Ukraine, Telegram has remained an important lifeline for both Russians and Ukrainians, as a way of staying aware of the latest news and keeping in touch with loved ones. On Feb. 27, however, he admitted from his Russian-language account that "Telegram channels are increasingly becoming a source of unverified information related to Ukrainian events." Either way, Durov says that he withdrew his resignation but that he was ousted from his company anyway. Subsequently, control of the company was reportedly handed to oligarchs Alisher Usmanov and Igor Sechin, both allegedly close associates of Russian leader Vladimir Putin. Following this, Sebi, in an order passed in January 2022, established that the administrators of a Telegram channel having a large subscriber base enticed the subscribers to act upon recommendations that were circulated by those administrators on the channel, leading to significant price and volume impact in various scrips. Unlike Silicon Valley giants such as Facebook and Twitter, which run very public anti-disinformation programs, Brooking said: "Telegram is famously lax or absent in its content moderation policy."
from ua

Telegram 📹🎤Хангаласский филиал НВК «Саха» 2.0
FROM American