group-telegram.com/nvk_sakha/56634
Last Update:
Эбиэппит кэмэ бу тиийэн кэллэ, онон «Кабинет» фри-фло рестораҥҥа хайдах минньигэс аһы-үөлү астаабыттарын сиһилии билсиэххэ.
Ресторан шеф-повара Дмитрий Лунев уонна кини хамаандата ыалдьыттарга тоҕус бүлүүдэни оҥорон дьүүллүүр сүбэ сыанабылыгар таһаардылар.
Санатарбыт курдук, бүгүн «Саха сирин амтана» бэстибээл түмүктүүр күнэ. Бэстибээл түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ бастыҥтан-бастыҥнары талыа.
1. «Тайҕа өрүстэрин бэлэхтэрэ» — балыктаах сокууска
Чыыр уонна форель балыктан минньигэс амтаннаах чэпчэки сокууска.
2. «Байанай бэлэхтэрэ» — эттээх сокууска
Бэйэ бородууксуйатыттан деликатестар: убаһа этиттэн сервелат, дыргыл сыттаах хатарыллыбыт ынах этэ, тыллаах хаан, таба быарыттан отон амтаннаах паштет.
3. «Хотугу уот» — итии сокууска
Кустаах уонна хортуоскалаах ыһаарыламмыт умайа сылдьар вонтоннар, ону тэҥэ бу бүлүүдэҕэ кустан оҥоһуллубут соуһу биэрэллэр.
4. «Вишнялаах кус» — салат
Кус быарыттан вишня курдук дьүһүннээх-быһыылаах паштет уонна киһи айаҕыгар ууллан хаалар кус рулетыттан вишнялаах салат.
5. «Тайҕа дьантаара» — облепихаттан квас
Облепиха отонтон оҥоһуллубут сып-сымнаҕастык киирэр чэпчэки амтаннаах квас.
6. «Туймаада» — итии бүлүүдэ
Хортуоска пюрелаах минньигэс убаһа кэтилиэтэ. Эккэ аналлаах соуһу кытта сиэниллэр.
7. «Умайа сылдьар күн» — десерт
Сливочнай ликеры кытта сиэниллэр, төгүрүк быһыылаах, кыһыл көмүс күҥҥэ майгынныыр минньигэс аһылык.
8. «Өлүөнэ өлгөм булда» — бурдук ас
Чыырдаах уонна искэхтээх сып-сымнаҕас бөрүөк. Ону тэҥэ сахалыы лэппиэскэ.
9. «Ойуур иччитэ» — итии утах
Ол курдук, түмүккэ кедровай үүттэн оҥоһуллубут, дыргыл сыттаах, киһи этин-сиинин сылааһынан толорор итии чэй.
@nvk_sakha