group-telegram.com/uamurusahargata/41057
Last Update:
Өрө-таҥнары түһүүлээх күн эрээри, балаһыанньаттан тахсары сатыыргынан, бүгүн да барытын этэҥҥэ туоруоҥ. Саҥа сорук, соһуччу уларыйыы күүтэр.
Үлэҕэр уу-нуурал туруктан дуоһуйаҕын. Үп-харчы чааһыгар эрэллээххин.
Элбэх билсиһиилээх, санаа атастаһыылаах тыҥааһыннаах күн. Саҥа көрсүһүү, билсиһии күүтэр.
Үлэҕэр соһуччу үүнүөххүн сөп. Бу кэмҥэ сэрэйэн көрөр дьоҕургар эрэн.
Лиидэр быһыытынан хаачыстыбаҕын көрдөрөргө табыгастаах кэм. Тус олоххор соһуччу үөрүү күүтэр.
Бытархайга болҕомтоҕун ууруоххун наада. Өйгүн-санааҕын уурбут үлэҥ үтүө түмүгү аҕалыа.
Үлэҕэр дьыалабыай кэпсэтии буолуон сөп. Тус олоххор биир тэҥ сыһыан тирэҕи биэрэр.
Олус көхтөөх күҥҥэ болҕомтолоох буолуоххун наада. Тус олоххор кыра уларыйыы буолуоҕа.
Саҥа кыах арылларыгар, сонун толкуй киирэригэр табыгастаах күн. Хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллүбүт настырыанньалааххын.
Өсөһөн туран үлэлээбитиҥ түмүгүн көрдөрөр эрэр. Үп-харчы чааһа этэҥҥэ быһаарыллыа.
Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырыҥ саҥа бырайыаккын олоххо киллэрэргэ көмөлөһүө. Соһуччу дьыалабыай, барыстаах этии киириэн сөп.
Барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэнэриҥ ордук. Чугас дьоҥҥуттан үөрүүлээх сонуну истиэҥ.