Telegram Group Search
👏Бүгүн 2024 сыл түмүгүнэн Мындааба бөһүөлэгин спортсменнарын чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

Спортсменнарга сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн ситиспит бастыҥ көрдөрүүлэрин, үрдүк ситиһиилэрин бэлиэтээн туран, нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан грамоталар, махтал суруктар туттарылыннылар.

Ааспыт сыл түмүгүнэн, Мүрү нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай спартакиадаҕа, Мындааба хамаандата бочуоттаах 🥈миэстэни ылары ситиспитэ👍👏

Үөрүүлээх күҥҥэ Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев, Мындаба бөһүөлэгин сүрүннүүр специалиһа Валериан Дегтярев, ону тэҥэ түөлбэ салайааччыта Саргылана Готовцева, "Мындаба" ТОС салайааччыта Владимир Дьяконов, депутаттар Лилия Турантаева, Иван Иванов эҕэрдэ тылларын эттилэр, күрэхтэһиилэргэ умнуллубат чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээбиттэрин бэлиэтээн туран, махтал суруктары кытта сэмэй бэлэхтэри туттардылар

Маны таһынан куруутун күүс көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар, тэрилтэ салайааччыларыгар Наталья Сивцеваҕа, Туяра Готовцеваҕа, Семен Охлопковка, Наталья Портнягинаҕа махтал суруктар туттарылыннылар.

Түөлбэ араас тэрээһиннэригэр, күрэстэригэр, субуотунньуктарга да буоллун тэҥҥэ сылдьыһар, күүс-көмө буолар убаастыыр киһибитигэр, бэтэрээммитигэр Матрена Заболоцкаяҕа ааспыт үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, сибэкки дьөрбөтүн кытта сэмэй бэлэҕи туттардылар.

Тэрээһиммитин талааннаах ырыаһыттарбыт Анастасия Кириллова, Елизавета Черкашина, Елена Протопопова, Ирина Иванова киэргэттилэр.

Күндү спортсменнарбыт, куруутун да бу курдук иннигит хоту үрдүк чыпчааллары дабайа, саҥа үрдэллэргэ, саҥа кыайыыларга тахсан иһэргитигэр баҕарабыт. Мындаабабыт туһугар бары биир сомоҕо буолан үлэлиэххэ-хамсыахха, сайдыыны түстүөххэ!

✍️Саргылана Готовцева, "Мындааба" түөлбэ салайааччыта

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота

Суотту нэһилиэгин киинигэр Оҕуруоттаахха араас хабааннаах балачча элбэх ыйытыы бэрилиннэ. Эмиэ уруккуттан баар кыһалҕалары эппит курдуктар эрээри, сорохторо улахан охсууну оҥорор кутталламмыттар эбит.

Ол курдук былырыын чох мунньуллар сирин бөһүөлэк таһыттан уларытарга туруорсубуттара. Быйыл эмиэ ону этэн тураннар, ол таһыгар олорооччулартан үс киһи онкологическай ыарыһах буолбуттарын эттилэр. Василий Иванович бу сири ДьУоКХ бэйэтин бас билиитигэр ылбытынан, суут нөҥүө эрэ быһаарсыахха сөбүн эттэ.

Бу бөһүөлэккэ газгольдер холботон олорор ыаллар бааллар. Кинилэртэн Семен Черкашин гааһынан оттукка көспүттэрин үчүгэй бөҕө диэтэ эрээри, гааһы аҕалтарыы сыаната олус ыарахан эбит диэн ыйда. Бастакытыгар 160 тыһ. солк. төлөөбүт. Сыл устата өссө биирдэ аҕалтарыахтарын наада эбит. Онуоха тиэйтэриигэ чэпчэтии көрөргө туруоруста. Итини таһынан кэккэ этиилэри киллэрэн, ону кэнники киллэттэрээччилэргэ учуоттуулларыгар баҕарда. Бу боппуруоһу улуус баһылыга бырабыыталыстыба отчуотугар туруоралларыгар сүбэлээтэ.

Суотту нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.

✍️Афанасий Сектяев

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫Тохсунньу 17 күнэ

♈️Хой

Өй уонна сүрэх мөккүөрүгэр сылдьаҕын. Өй кыайыан сөп. Сынньанарыҥ, аралдьыйарыҥ ордук. Үлэ улаханнык тахсыбат күнэ.

♉️Оҕус

Көхтөөх үлэ күнэ. Үлэҕин-хамнаскын эрдэ саҕалыырыҥ ордук. Биир тылынан, хамсанарга, кэлэргэ-барарга бэлэмнэн.

♊️Игирэлэр

Сотору кэминэн саҥа олох саҕаланыа. Саҥа билсиһиилэр, саҥа бырайыактар күүтэллэр. Таҥаскын саҥардарыҥ куһаҕана суох буолуо этэ.

♋️Рак

Сырдык ыра санааҥ күннээҕи түбүгү үмүрүтэр. Көннөрү да күнү бырааһынньык оҥорор кыахтааххын. Бу күн суолталаах дьыалалары былааннаама.

♌️Хахай

Айанныырга табыгастаах күн. Дьиэҕэ олорооччулар чуҥкуйаллар. Онон бу күн хайаан да ханна эрэ тахсыахха, барыахха наада. Ол туһанан эрэ дьайыа.

♍️Кыыс

Харчы чааһыгар көмөлөһөр киһи көстүө. Ол эрэн, сэрэнэр ордук. Албыннатыы ыраахтан ылбат. Саҥа дьону кытта билсиһии, кэпсэтии күүтэр. Дууһаҕын арыйарга ыксаама.

♎️Ыйааһын

Саҥаны арыйартан, эбиини билэртэн куттаныма. Ылсар дьыалаҥ барыта табыллар аналлаах. Айар-тутар дьоҥҥо ордук тахсыылаах, табыллыылаах күн.

♏️Скорпион

Үлэ оччо тахсыбат күнэ. Дьиэтээҕи үлэни тохтото түһэр ордук. Чугас, тапсар дьоҥҥун кытта көрсөн, сэргэхсий. Айанныыр да куһаҕана суох.

♐️Охчут

Болҕомто киинигэр сылдьаҕын. Бэл, салалта хараҕын далыгар киириэххин сөп. Онон сарсыардаттан настырыанньалаах сылдьарга кыһан. Бээтинсэ диэн ыһыктыма.

♑️Чубуку

Кимиэхэ да орооспокко, бэйэҥ бэйэҕэр сылдьа сатаа. Тус үлэҕэр-хамнаскар, кыһалҕаҕар болҕомтоҕун уурарыҥ ордук. Кэлин мунньуллан хааллаҕына, эмиэ бэрдэ суох.

♒️Күрүлгэн

Илииҥ иһиттэн мүччү тута сылдьар күнүҥ. Кыҥкыйдыырыҥ да элбииһи. Онон ыксаабакка, кимиэхэ да бааспакка, бэйэҥ бэйэҕэр холкутук сылдьарыҥ ордук.

♓️Балыктар

Күүс-сэниэ бөҕөҕүн. Ону үчүгэйгэ туһана сатаа. Үлэҕэр түстэххинэ, ситиһии кэтэһиннэриэ суоҕа.Айар үлэҕэ, тапталга, сынньалаҥҥа табыгастаах күн.

@uamurusahargata @ulusmedia
 
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📆Тохсунньу 17 күнэ. Чөл күн

🥶Бэҕэһээ эмиэ тымныы күн буолла. Киэһэ арыый сымнаабыт этэ эрээри, илинтэн сытыы соҕус тыаллааҕа.

🌥Бүгүн сарсыарда 6 чааска Бороҕоҥҥо 38 кыраадыс тымныы буолбут. Күнүс 25-27 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр. Илинтэн сөкүүндэҕэ 2 м түргэннээхтик үрэр тыаллаах былыттаах күн.

🙏Дьэ, тымныыбыт сымнаата диэххэ сөп. Сүллүкүүттэрбит икки күн дьыбарынан тыыннылар. Аны Кириһиэнньэҕэ хайдах күн-дьыл буоларын кэтэһэбит. Онно тымныйбатаҕына, тохсунньу сылаас буолла диэххэ сөп.

✍️ Афанасий Сектяев

📸 Дария Ордахова. Мүрү

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔭Тохсунньу 1⃣7⃣ күнэ – Оҕо саҥаны айыытын (изобретение) күнэ.

🔭 Бу күн 12 сааһыгар харбыырга атахха кэтиллэр лапчааннары айбыт Бенджамин Франклин төрөөбүт күнүгэр сыһыарыллыбыт. Кини хачайданар кириэһилэни, чаҕылҕаны тэйитэр тэрили, онтон да элбэх саҥаны айбыт учуонай быһыытынан биллэр.

🔭 Атын холобурдары аҕаллахха, хаарынан сүүрэр тиэхиньикэни 15 саастаах Жозеф-Арман Бомбардье 1922 с. айбыта. Мыыла хабахтарын таһаарар оонньууру 1968 с. Бэтти Гэллоуэй диэн кыыс баара эрэ 10 сааһыгар оҥорбута. Көрбөт дьоҥҥо аналлаах ''Bat-1'' диэн аппарааты 2014 с. Волгодонск куоракка 16 саастаах Валерий Ильин оҥорон, тарҕаппыта.

🔭 Оҕолор сыллата 500 000 саҥаны айаллар. Арассыыйа оҕолоро космонавтарга аналлаах тиис суунар паастаны, көрбөттөр туһанар тайахтарын, ардах электростанциятын айбыттара биллэр.

🔭 Оҕону үөһээттэн көрүмэҥ. Кини кыаҕын ити аҕалбыт холобурдарым даҕаны туоһулууллар.

🔭 Тугу эрэ толкуйдуу сатыыр оҕоҕутун суолталааҥ, бүгүн кини дьоҕурун бэлиэтээҥ.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
❗️СЭРЭНИҤ! МУУСТААХ УУ!
🏊 Өйүүн - Кириһиэнньэ. Христианскай итэҕэлинэн, бу күн муустаах ууга сөтүөлээһин киртэн-хохтон, дьайтан ыраастыырын курдук өйдөбүл баар. Ол эрээри, ити быраактыка киһи аайы барсыбатын эмчиттэр сэрэтэллэр.
❗️ Бастатан туран, сүрэх-тымыр ыарыылаахтар, дабылыанньалаах дьон. Тымныы уу тымыры кэҥэтэр, кыаратар. Ол сүрэххэ охсуулаах.
❗️ Астмалаах, хроническай бронхиттаах, сэбиргэхтэтэ сылдьыбыт, сөтөллө сылдьар дьоҥҥо адьас бобуллар.
❗️ Тымныы уу саахар диабеттаах, соҕуолаах дьоҥҥо, атын эндокриннай ыарыылаахтарга кутталлаах.
❗️ Эпилепсиялаах, невралгиялаах дьоҥҥо ити процедура барсыбат.
❗️ Эрдэттэн дьарыктана да сылдьар буоллаҕына, хат дьахтарга муустаах ууга киирэр бобуллар.
❗️ Аллергиялаах, тирии баастаах дьон доруобуйаларыгар улахан охсууну ылыахтарын сөп.
❗️ Ытырдан, сөтөллөн эрэр, инфекционнай ыарыынан ыалдьар дьон ордук сэрэнэллэрэ наада.
❗️ Психическэй ыарыылаах дьон эмчити кытта сүбэлэһэллэрэ булгуччулаах. Тымныы уу истириэскэ киллэриэн сөп.
Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
2025/01/17 01:11:00
Back to Top
HTML Embed Code: