Telegram Group Search
💫 Бэс ыйын 28 күнэ

♈️ Хой

Бу күн сулустар айаҥҥа барар дьоҥҥо суолга сылайыы суох буолуо, айан элбэх туһаны аҕалыа дииллэр. Бу бэлиэ үгүс бэрэстэбиитэллэрэ олус наадалаах, үөрүүлээх сонуну тутуохтара.

♉️ Оҕус

Күн дьолу уонна үчүгэй санааны аҕалыаҕа, айымньылаах дьыаланан дьарыктаннаххына — барыта ситиһиилээх буолуо. Оттон күннээҕи түбүккэ олордоххо, түмүгэ эт-хаан уонна өй-санаа эрэ сылайыыта буолуоҕа.

♊️ Игирэлэр

Бу күн кими баҕарар сөхтөрөр кыахтааххын. Түгэни мүччү тутума — дьону кытта кэпсэтиҥ-ипсэтиҥ, сибээһи олохтооҥ уонна сөбүлэһиилэри түһэрсиҥ.

♋️ Рак

Эһигини улахан суолталаах уонна долгутуулаах сонуннар күүтэллэр — уларыйыылар кэлиэхтэрэ. Үчүгэй диэки дуу, куһаҕан дуу диэки буолалларын тута сыаналыыр ыарахан буолуо. Үөскээбит балаһыанньаны хайдах бэйэҕэр туһалаах гына эргитэр туһунан толкуйдаа. Итэҕэй, кыаллар!

♌️ Хахай

Үөрүү төрүөтэ өр буолуо суоҕа: тус бэйэҥ эбэтэр идэлээх эйгэҕэр үчүгэй түгэннэр эйигин күүтэллэр. Ол эрээри, үөрбүт санааҕар, харчыны мээнэ бараабат буола сатаа.

♍️ Кыыс

Суол быһа охсуһуутугар түбэһиэҥ: чэпчэки суол — ол эрээри толору дьиҥнээх буолбатах, ыарахан суолу талыаххын наада — ол эрээри албына суох. Сулустар албыҥҥа кыттымаҥ диэн сүбэлииллэр, репутацияҥ алдьаныан сөп. Киэһэ дьиэ кэргэҥҥэр бириэмэ аныаххын наада.

♎️ Ыйааһын

Хас биирдии хардыы аайы мэһэйдэр көстүөхтэрэ. Маны тургутуу курдук ылын уонна дууһаҥ, өйүҥ-санааҥ чэгиэн туругун сүтэримэ. Сотору кэминэн барыта үчүгэй буолуоҕа.

♏️ Скорпион

Күн дьалаҕайга уонна кураанах кэпсэтиигэ табыгаһа суох — көхтөөх буол уонна билиҥҥи дьыалалары быһаар. Ол эрээри барытын тэҥҥэ оҥорума! Бастатан туран, дьиҥнээх суолталаах уонна хойутатыа суохтаах дьыалаларгын оҥор.

♐️ Охчут

Барыларыгар көмөлөһөргө бэлэмиҥ эйиэхэ куһаҕаны оҥоруоҕа — бииргэ үлэлиир дьонуҥ эбэтэр аймахтарыҥ сөбүлэһэргин дуу, суоҕун дуу ыйыппакка даҕаны, дьыалаларын эйиэхэ биэриэхтэрин баҕарыахтара. Быһаарыылаах эппиэти биэр: дьон кыһалҕатын бэйэҥ санныгар ылыныма!

♑️ Чубуку

Үчүгэй настырыанньаҥ эйигин дьон хараҕар ураты тардыһыылаах оҥоруоҕа. Кэпсэтии-ипсэтии баар буолуо, ол гынан баран, дьыала туһунан умнумаҥ уонна үлэҕэ сэрэхтээх буолуҥ — сыыһалар кэмсиниилээх буолуохтарын сөп.

♒️ Күрүлгэн

Күн күүстээх дьарыкка табыгаһа суох. Эт-сиин, өй-санаа сынньалаҥы ирдиир, ол эбэтэр аһара хамсаныы доруобуйа мөлтөөһүнүгэр тиэрдиэн сөп. Саамай сөптөөх быһаарыы диэн — былааннааһыны саҕалыыр, сыал-сорук туруоруу.

♓️ Балыктар

Бүгүн эһиэхэ ыһыллан эрэр курдук санаа киириэн сөп, ол аата сынньанар кэм кэллэ. Ол гынан баран, түөрт истиэнэ иһигэр бириэмэ атаарар туох да үчүгэйи аҕалыа суоҕа. Тугу эмэ уларытан, аралдьыйа сатааҥ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🦅 "Дыгын оонньуулара" хас чаастан саҕаланарый уонна быһа эфирын ханна көрүөххэ сөбүй?

📺 "Дыгын оонньуулара" национальнай многоборьеҕа ХХХ-с турнирын быһа эфирэ НВК «Саха» уонна «Мамонт» ханаалларга көрдөрүллүөҕэ.

📲Эбии күрэхтэһии быһа эфирын телефонунан nvk-online.ru саайтыгар, телеграм-ханаал уонна ВКонтакте «Кыах» бөлөх нөҥүө, ону таһынан НВК «Саха» мобильнай приложениетыгар көрүөххүтүн сөп.

🔥Күрэхтэһии 15:00 чаастан саҕаланар🔥

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр

⚡️От ыйын 21-24 күннэригэр 35 кВ күүрүүлээх Бороҕон – Төҥүлү хайысхаҕа Р-1 учаастактан 291№-дээх тирэххэ диэри П курдук тирэхтэри уларытар үлэ оҥоһулларынан, сарсыарда 8.00-тан киэһээ 19.00 чааска диэри Саһылыкааҥҥа уот арахсыаҕа.

☝️Онуоха оперативный көһөрүүлэр кэмнэригэр Бэйдиҥэҕэ, Арыылаахха, Окоемовкаҕа, Тумулга, Арыы Тииккэ, Хоноҕорго, Сыырдаахха, Суоттуга 8.00 уонна 19.00 чааска 30-туу мүнүүтэлээх быстах араарыылары оҥоруохтара.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍«Мүрү кытыла» араас кэрэ мастарынан силигилиэ

«Мүрү кытыла» диэн былырыын үлэҕэ киирбит аныгылыы дизайннаах, кэрэ көстүүлээх, оҕолорго, улахан дьоҥҥо да аналлаах сынньанарга, аралдьыйарга сөптөөх оҥоһуктардаах миэстэбит быйыл оҕо оонньуур зоната газонунан бүрүллүөхтээх, киирии зона оҥоһуллуохтаах, сырдатыыта, көҕөрдүүтэ ситэриллэр былааннаах. Итиэннэ тутуу бэдэрээччитэ гарантиялыыр эбэһээтэлистибэтинэн быйыл сайын үлэтин оҥоруохтаах.

🌳Ол чэрчитинэн Мүрү нэһилиэгин актыбыыс олохтооҕо, медицина үлэтин бэтэрээнэ Иван Тордуянов бэйэтин дьиэтин таһыгар олордубут черемухатыттан, акациятыттан, бузинатыттан бу бэлиэ миэстэҕэ үүннэрэргэ биэрбитин, нэһилиэк дьаһалтата субуотунньуктаан барыта 39 маһы миэстэлэрин булларан олортулар.

Сиһилии Светлана Сивцева
⬇️
БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Туймаада туонатыгар Үрүҥ Тунах Ыһыах арылынна. Алгыс баһа сыаланнын, уйгу-быйаҥ тосхойдун! Уруй-туску!

www.group-telegram.com/aisen_nikolaev
2025/06/30 18:01:24
Back to Top
HTML Embed Code: