Telegram Group Search
📚Бэҕэһээ Дьокуускайга Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бээрийэ туосчуттарын ''Арчы'' түмсүүтэ тэриллибитэ 30 сылынан ''Өбүгэ ситимэ'' диэн дьоһун кинигэ сүрэхтэннэ.

📚 Кинигэни түмсүү салайааччыта, сирдээччитэ, уһуйааччыта Варвара Тихоновна Васильева уонна Екатерина Николаевна Васильева хомуйан оҥордулар. Дьоһун үлэ 300 экземплярынан ''Дани-Алмас'' хампаанньа типографиятыгар бэчээттэннэ.

📚 Сүрэхтэнии киэһэтэ биир дойдулаахтар истиҥ көрсүһүүлэринэн арыалланна. Бу сыллар усталарыгар Бээрийэ иистэнньэҥнэрэ киэҥ эйгэҕэ билиннилэр. Ону кыра дэриэбинэттэн 16 СӨ норуотун маастара, 13 туоһунан тигии маастара да тахсыбыта туоһулуур.

📚 Саха төрүт ииһин сырдатар, сирдиир кинигэ үгүс көлүөнэ сахаҕа быыллыйбат баай, төрүт тирэх буолара саарбаҕа суох.

Көрсүһүү туһунан манна аах
https://мюрюгазета.рф/ebyge-sitimin-kerehiliir-kinige/

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🎞 Ахсынньы 2⃣8⃣ күнэ – Киинэ аан дойдутааҕы күнэ.

🎞 1895 с. бу күн Парижка Капуцинок бульварга баар ''Гранд-кафеҕа'' бырааттыы Люмьердар аан бастакы киинэни көрдөрбүттэрэ. Ити күнтэн аан дойдуга Киинэ күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Ити эрэ иннинэ Огюст уонна Луи Люмьердар ''Синематограф'' диэн бэйэлэрэ айбыт аппарааттарыгар патент ылбыттара. Ол аппараат чэпчэки ыйааһыннааҕа, сыаната да ыарахана суоҕа. Онон түргэнник тарҕанан, киинэ сайдар суолга турбута. 1900 сыл саҕаланыыта дойду бары кэриэтэ муннугар киинэ тыйаатырдара баар буолбуттара. Ол эрээри, оччотооҕу киинэ саҥата суоҕа.

🎞 Саҥалаах киинэ 1927 с. кэлбитэ. ''Уорнер Бразерс'' хампаанньа ''Певец дзажа'' диэн киинэтиттэн саҥа түһүмэх саҕаламмыта.

🎞 Киинэ иитэр, үөрэтэр, сайыннарар кыаҕа балысхан. Кини уопсастыба, судаарыстыба да олоҕор улахан оруоллаах.

🎞 Саха сиригэр эмиэ бу эйгэ улаханнык сайынна. Улуус аайы киинэ уһуллар, нэһилиэнньэ кыттыһар. Бырааһынньыгынан!

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🌲🎅 Бу кылгас видеоттан Арассыыйаҕа Саҥа дьылы бэлиэтээһин историята көстөр. Урукку көлүөнэ дьон оччотооҕу харыйаны, оонньуурдары, Саҥа дьыллааҕы киэргэтиини уйадыйа ахталлар. Билиҥҥи ыччат көрүүтэ арыый атын да буоллар, эмиэ уруккулуу харыйаны, киэргэтиини суолталыыллар. Киһи барыта олорор үйэтигэр дьоллоох буолуон баҕарар, кэрэҕэ, дьиктигэ итэҕэйэр. Хаалбыт кэмҥэ ааһан эрэр сылбытыгар махтанан, саҥа сылы сырдык, ыраас санаабытынан, үтүө ырабытынан көрсүөҕүҥ!

@uamurusahargata
Улуустааҕы үөрэхтээһин салаатын 665 үлэһитэ улуус хаһыатыгар сурутта 🫶

Үүнэр көлүөнэни иитэн-үөрэтэн таһаарар сүдү эппиэтинэстээх Уус Алданнааҕы үөрэх салалтатын уонна үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ улууспут хаһыатыгар үүнэр 2025 сылга көхтөөхтүк суруттардылар 🫶

Ол курдук, управление 33 үлэһитэ, оскуола үлэһиттэриттэн 328, оҕо тэрилтэлэриттэн 252, эбии үөрэхтээһин кииниттэн 52 киһи суруттарда. Олор истэригэр Сыырдаах, Түүлээх, Уһун-Күөл, Тулуна, Хомустаах орто оскуолатын, уонна Мындаабатааҕы «Күнчээнэ», Бэйдиҥэтээҕи «Чэчир», Мүрүтээҕи «Кэскил» уһуйаан кэлэктииптэрэ хаһыакка 100 % хаһыакка суруттарбыттарын бэлиэтиибит.

Бу курдук улууспут олоҕор-дьаһаҕар, инники кэскилигэр төһүү суолталаах үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ улууспут дьонугар-сэргэтигэр холобур буолан, инники күөҥҥэ сылдьалларын өссө төгүл бигэргэттилэр.

Онон улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтин аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.
Баҕарабыт эһиэхэ, үлэҕитигэр ситиһиилэри, олоххутугар дьолу-соргуну! 💞💞💞💞💫

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫 Күндү ааҕааччыларбыт, сурутааччыларбыт!

Ааһан эрэр сылга биһиги ✈️ @uamurusahargata каналбытын сэҥээрэн, сурутан, күннэтэ тахсар сонуннарбытын, суруйууларбытын сэргээн бииргэ буоларгыт иһин махталбытын тиэрдэбит🫶

Улахан махталбытын биһиги үлэбитигэр күүс-көмө буолар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбитигэр уонна тиһигин быспакка нэһилиэктэрин, үлэлиир тэрилтэлэрин сонуннарын, тэрээһиннэртэн хаартыскаларын, видеоларын ыытар, күн ахсын күн-дьыл туругун таһаарар суруйууларбытыгар хаартыскаларын үллэстэр дьоҥҥо аныыбыт😘

Хас биирдии тэрээһин, умнуллубат чаҕылхай түгэн улууспут историята буолан сурукка тиһиллэн иһэрин туһугар уонна ону куйаар ситиминэн киэҥ эйгэҕэ тарҕатарга-таһаарарга күннэтэ сыралаһар үлэбит салҕанар, өссө даҕаны саҥаттан-саҥа интэриэһинэй, сэргэх суруйуулар баар буолуохтара😉 Өрүү бу курдук көхтөөх буолуҥ, ааҕыҥ, санааҕытын үллэстиҥ👏👏👏

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр

⚡️Ахсынньы 27 күнүгэр 10 кВ күүрүүлээх Дыгдаал уот ситимигэр мууһу, хаары ыраастыыр үлэ оҥоһулларынан, 10.00 чаастан 16.00 чааска диэри Дыгдаалга уонна Балыктаахха (хотоҥҥо, “Билайн” базовай станциятыгар) уот арахсыаҕа.

⚡️Эмиэ ити күн 35 кВ күүрүүлээх Бороҕон – Төҥүлү уот ситимигэр 35 кВ күүрүүлээх Тумул подстанциятыттан 35 кВ күүрүүлээх Арыы Тиит подстанциятыгар диэри мууһу, хаары ыраастыыр үлэ оҥоһулларынан, 11.00 чаастан 15.00 чааска диэри Суоттуга, Арыы Тииккэ, Хоноҕорго уот арахсыаҕа. Онуоха 30-туу мүнүүтэлээх быстах араарыылар 11.00 чааска уонна 15.00 чааска Тумулга оҥоһуллуохтара.

⚡️Ахсынньы 28 күнүгэр 10/0,4 кВ күүрүүлээх “Туяра” ТП-га уталытыллыбат үлэ оҥоһулларынан, 10 кВ күүрүүлээх Л-Бороҕон-2 уот ситимигэр: Алданская, Западная, Ленская, Мюрюнская уулуссаларга, Крылов аатынан уулуссаҕа, ветстанцияҕа, «Дьол», Спецсервис котельнайдарга, “Үрдэл” маҕаһыыҥҥа, улуустааҕы киин балыыһа роддомугар, кухнятыгар, стоматологиятыгар, улахан дьон, оҕо поликлиникаларыгар, Мүрү 2-с No-дээх орто оскуолатыгар, тепловой пуунугар, киин котельнайга, прокуратураҕа, Мүрү 1-гы No-дээх орто оскуолатыгар, “Армон” котельнайга, Офиснай кииҥҥэ, Палладиум, Мүрү атыы-эргиэн кииннэригэр, редакцияҕа, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, Сбербааҥҥа, Россельхозбааҥҥа, социальнай көмүскэл управлениетыгар, Кэнчээри ДЭЦ дьиэтигэр, Кэскил, РАПО котельнайдарга, почтаҕа, энергосбыкка, Бороҕон сэл. арҕаа өттүгэр барытыгар: Ленин аат. уул. 1-57, Лонгинов аат. 1-82, Герой Егоров, Проф. Егоров. уул., Окоемов аат. уул. 1-67 13.00 чаастан 14.00 чааска диэри уот арахсыаҕа.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💫📭Түүлээх нэһилиэгин олохтоохторо бэйэ-бэйэлэригэр Саҥа дьыллааҕы открытка суруйан эҕэрдэлэстилэр👏👏👏

Почтаҕа анаан дьааһык оҥорон туруоран, онно чугас дьонноругар, аймахтарыгар, кэллиэгэлэригэр, ыалларыгар эҕэрдэлэрин, истиҥ баҕа санааларын открыткаларга суруйан укпуттарын почта үлэһитэ Наталья Бочкарева наардаан, кэлбит дьоҥҥо туттарар. Бу курдук барыта 65 киһиэхэ эҕэрдэ открытка суруллубут. Саамай элбэх эҕэрдэни Мотрена Семеновна Афанасьева суруйбутун иһин Наталья Бочкарева киниэхэ кыра бэлэх туттарда.

Бу урукку кэми санатар бэртээхэй тэрээһини оҥорорго нэһилиэк ийэлэрин түмсүүтэ этии киллэрбитэ, олохтоохтор олус диэн астынан, аны үгэс оҥосторго эттилэр, эһиил өссө элбэх киһи кыттарыгар эрэнэллэр.

✍️Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
“Полицейский дед мороз” диэн сылын аайы Россия үрдүнэн ыытыллар акцияҕа улуустааҕы ИДьО сотрудниктара кыттыыны ылан, улуус олохтоохторун эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэри туттардылар 🥳🥳🥳

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
50-ую сваю Ленского моста установили в Якутии

🌁 В районе поселка Табага установили 50 буронабивных свай под опору мостового перехода через реку Лену.

В суровых климатических условиях Якутии Группой ВИС выполнен заявленный план на 2024 год по установке буронабивных свай Ленского моста, устроено 50 свай длиной от 10 метров с диаметром по 1,5 метра каждый, - сообщили в Дирекции Ленского моста.

@ulusmedia
2025/01/01 04:09:24
Back to Top
HTML Embed Code: