Telegram Group Search
🪪Россия күнүн көрсө 12 оҕо паспорт тутта

👍 Бүгүн Россия күнүн көрсө, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ саалатыгар «Мин — Россия гражданинабын» паспорт туттарыытын үөрүүлээх түгэнэ буолла.

👏Паспорт ылар саастарын сиппит улууспут 12 эдэр олохтоохторо РФ гражданина буолалларын туоһулуур олохторугар сүдү докумуоннарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутар чиэскэ тигистилэр.

✍️Сиһилии Мария Аргунова
⬇️
БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍 Биир дойдулаахпыт Мордовияҕа өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөҕэ

👏Бэс ыйын 9-10 күннэригэр Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт "Идэтигэр бастыҥ" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс чэрчитинэн "Бастыҥ агроном" анал аатын улууспут Баатаҕай нэһилиэгин "Биэттэ-агро" ХЭТ сиэмэ хаһаайыстыбатын кылаабынай агронома Василий Сивцев ылан, кыайыылааҕынан ааттанна.

✍️Сиһилии Светлана Сивцева
⬇️
БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from РСХБ
✏️ График работы отделений банка в праздничные дни

👍РСХБ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🪚🔨 Дьиэ ис бараанын тупсаҕай көрүҥнүүр атыыга баар миэбэл арааһа хараҕы халтарытар. Онуоха туран, сөбүлүү көрбүтүҥ эн дьиэҕэр, кыбартыыраҕар кээмэйинэн сөп түбэспэтэ эмиэ баар буолар. Оннук түгэҥҥэ бэйэ маастардара көмөҕө кэлэллэр.

👍 Уус Алдан улууһугар Юрий Захарович уонна Виктория Петровна Сторожевтар “Мебель Усть Алдан” диэн аатынан тэрилтэ тэринэн, килийиэн баҕатынан миэбэл арааһын таҥан оҥоруунан дьарыктаммыттара уонча сыл буолла. Бүгүн Миэбэли таҥааччы күнүгэр кинилэр үлэлэрин сырдатабын. Ыал аҕата үлэ үлүскэнигэр сылдьара биллэр. Онон Викториялыын кэпсэттим.

✍️Сиһилии Уйаара Кустук
⬇️
БАТТАА

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👍 Суолга үлэ күөстүү оргуйар

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🙌 РЕСПУБЛИКАНСКАЯ АКЦИЯ «БЕЗОПАСНЫЕ ОКНА»

УВАЖАЕМЫЕ РОДИТЕЛИ! ОТКРЫТОЕ ОКНО – ОПАСНОСТЬ ДЛЯ РЕБЕНКА!

Чтобы избежать несчастного случая, связанного с падением ребенка из окна, необходимо придерживаться следующих правил.

🌐Подробнее ➡️ НАЖМИ

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🌿«Мигалкин самаан сайына» бэстибээл литература кэрэ түһүлгэтин олохтоото

📖 Киэн туттар биир дойдулаахпыт, СӨ норуодунай поэта, оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, пуб­лицист, өр кэмҥэ Саха сирин суруйааччыларын түмсүүтүн салайбыт Иван Васильевич Мигалкин күн сириттэн барбыта сыл буолла. Кини сырдык кэриэһигэр, кини саха литературатыгар сүҥкэн кылаатын үйэтитэр сыаллаах «Мигалкин самаан сайына» бастакы бэстибээл улууспутугар саха литературатын таптааччылары түмтэ.

👍Бэс ыйын 6 күнүгэр I Хоро нэһилиэгин Чараҥ бөһүөлэгэр, кэрэ айылҕалаах Нэлээн сиригэр Улуу Кыайыы 80 сылын уонна саха уус-уран айымньыта төрүттэммитэ 125 сылын чэрчитинэн «Мигалкин самаан сайына» литературнай бэстибээл ыытылынна. Тэрээһини СӨ суруйааччыларын Ассоциацията, Уус Алданнааҕы култуура управлениета, Уус Алданнааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ, Сэһэн Ардьакыап аатынан Уус Алданнааҕы историко-краеведческай музей, «Мүрү саһарҕата» хаһыат редакцията, Мүрү, I Хоро, II Лөгөй нэһилиэктэрин дьаһалталара, «Уһуктуу» литературнай түмсүү тэрийэн ыыттылар.

✍️Сиһилии Мария Аргунова
⬇️
БАТТАА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
2025/06/26 19:19:20
Back to Top
HTML Embed Code: